Перевод с якутского
сыккыс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы ручеёк.
1 аат тыл #
Кыра сүүрээн, үрүччэ
Нууччалыы Ручеёк. Ардах уутуттан сыккыс тарпыт үрэхчээн, таастан тааска ойбохтоот, сэниэтэ эстэн, өрүс кырылас кумаҕар иҥэн-сүтэн симэлийэн сүтэр. Ф. Постников. Тамма үрэҕэ аар тайҕаны хайа тыыран, сыккыс ууттан силбэһэн, Өлүөнэ эбэ хотуҥҥа суккуллар. Сэмээр Баһылай. Бу хаайан турбут халыҥ хаар анныгар бастакы ыраас дьирибиниир сыккыс үөскээн, күлэ-үөрэ күлүмүрдээбит. "ХС"
2 аат тыл #
Кыра, симик көстүү, уларыйыы (хол., сүрэххэ, дууһаҕа)
Нууччалыы Источник (напр., вдохновения)
Саха айар тыллаахтарын Сардаҥалаах байҕалларын Үрэхтэрэ, сыккыстара Үксээтиннэр өрө биэрэ. И. Федосеев Ордук кинини [худуоһунньугу] Индигиир өрүс орто сүүрүгэр сытар сирдэр умсугуттулар, айар үлэтин бараммат-хороммот сыккыһынан буоллулар. "Кыым". Мин сүрэхпэр дьикти сыккыс Сүүрэн киирэн сылаанньытта, Дойдум тыына тыыннаах аргыс Кэпсии-ипсии айаннаата Сахаада Сыа балык хатырыгыныы кылбачыйар кыраһа хаар кыырпаҕын хомурах үрдүгэр бургучутар, сыккыс тыаллаах. С. Дадаскинов
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС сархыш ‘капать’, сарк ‘сочиться’, карач. -балк. ырхы ‘поток’, эвенк. хиркэ ‘ручеёк после дождя’
3 даҕааһын #
суолт. Биллэр-биллибэт, чэбдигирдэн ылар (хол., тыал)
Нууччалыы Лёгкий, освежающий (напр., ветер)