Перевод с якутского
буолак
аат тыл
Нууччалыы пашня. [Дьөҥкүүдэ] эбэ уутуттан угуттанан үүнүүлээх хортуоппуй буолактара, Акана аннынан хаппыыста үүннэрэр тэпилииссэл…
1 аат тыл #
, түөлбэ
Тыаҕа ыһыы чугаһаан Буолак хаарын типтэрэ Холкуостары дьаһайа Агроном тиийдэҕэ. П. Тулааһынап Эн тула өттүгэр көстөллөр буолактар. Ол онно өҥ үүнүү муоралыы долгуйар И. Гоголев
2 аат тыл #
Бурдук сирэ, бааһына
Нууччалыы Пашня. [Дьөҥкүүдэ] эбэ уутуттан угуттанан үүнүүлээх хортуоппуй буолактара, Акана аннынан хаппыыста үүннэрэр тэпилииссэлэр дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллэллэр
3 аат тыл #
Охсуһуу, кыргыһыы, сэрии буолар толооно, хонуута
Нууччалыы Поле битвы, сражений с противником
Оһол уолаттара Олгуй, хомуос тута-тута, Охсуһуулаах буолак диэки Обот-соллоҥ идэмэрдээх Оторой-моторой сырыстылар. П. Ядрихинскай Онтон сэрии буолагар охсуһуу Бухатыырдыы хабарҕалыыра. Эллэй. Кыргыһыы буолагар ньиэмэс сидьиҥнэри кыдыйыыга килбиэнин көрдөрбүтүн иһин, командование наҕараадалаата. Саллааттар с. Чыыстай буолак фольк. - сорох олоҥхоҕо бухатыырдар охсуһар сирдэрэ. Θ Место, где дерутся богатыри в некоторых олоҥхо (букв. чистое поле)