Перевод с якутского
орох
аат тыл
Нууччалыы тропа, протоптанная животными, звериная тропа. [Николай Максимович:] Виктор оҕолоргун илдьэ манан үрэххэ быһа түс
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ойуурга, тыаҕа сүөһү, кыыл тэпсибит суола
Нууччалыы Тропа, протоптанная животными, звериная тропа. [Николай Максимович:] Виктор оҕолоргун илдьэ манан үрэххэ быһа түс
Онно орох баар буолуо. С. Ефремов Саһыл ороҕо туспалаах буолар. Куобах ороҕун курдук киэҥ-куоҥ, тигинэс чагда суол буолбатах И. Данилов
2 аат тыл #
Кыра кыыллар (кутуйах о. д. а.) хаспыт хороонноро
Нууччалыы Нора. Муҥур тиит аннынан Орох үүтэ Оҥойон көстүбүтүнэн Таҥнары -- киирдэ. П. Ойуунускай. Бэрт өр сонордоон дьэ муҥурдаата – кутуйах ороҕор киирбитин көрөн, чааркааннарын иитэлээтэ. Болот Боотур
3 этии #
Нууччалыы Зачастить куда-л. в гости
Орох тэп - ханна эмэ олус элбэхтик сылдьар буол, сыбыытаа Кини бу суолунан оҕо эрдэҕиттэн орох тэппитэ. С. Никифоров Кини уокка оттор мас сүгэһэрдээх ойуур уонна симиэбийэ икки ардыгар үгүстүк орох тэбэр. ХС Ороҕун устун сүүрпүт - бэйэтин өйүгэр-санаатыгар тарпыт, кутуругар сөрөөбүт. Θ Склонять, побуждать к дурному кого-л. Бүөккэни, быһыыта, аар-маар аҕатын курдук, ороҕун устун сүүрдүө суоҕун билбит. А. Сыромятникова
4 этии #
Сис ороҕо - сылгы сиһин тоноҕоһун үрдүнэн хара сурааһын түү эбэтэр киһи сиһин тоноҕоһун батыһа барар куоһах Орохтоох систээх сур ат. Хойутаанап сүрэҕэ бэттэх, куолайын диэки, өрө үтэн тахсарга дылы гынна. Көхсүн ороҕунан инчэҕэй билиннэ. Софр. Данилов. Ср. др. -тюрк. орух, тув. орук ‘дорога, путь; тропа’, хак. орах ‘тропинка, протоптанная дикими животными’
Нууччалыы Тёмная полоса на спине лошади; ложбинка (вдоль спинного хребта человека)