Перевод с якутского
салыҥ
аат тыл
Нууччалыы выделяемая животными и некоторыми растениями тягучая, скользкая масса; слизь
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ууга сылдьар сорох харамайдар уонна сорох үүнээйилэр тас өттүлэриттэн, оттон киһиэхэ-сүөһүгэ ас буһарар, тыынар уо. д. а. уорганнарын ис өттүлэрин бүрүйэр ньылбырхай маасса
Нууччалыы Выделяемая животными и некоторыми растениями тягучая, скользкая масса; слизь
Балык салыҥа. Баҕа тириитэ бэйэтиттэн салыҥы чаалытан таһаарар, ол иһин мэлдьи инчэҕэй буолааччы. ББЕ З. [Бэс тэллэйин сэлээппэтэ] сииктээх кэмҥэ сыстаҥнас салыҥынан бүрүллэр Г. Угаров
2 аат тыл #
Сүөһү, кыыл саҥа төрөөбүт оҕотун түүтүн инчэҕэйэ
Нууччалыы Слизь на новорождённом детёныше животных (напр., на телёнке)
Ынах оҕотун салыҥын салаан куурдар. Төрөөбүтүнэн тугут ийэтин бастакы уоһаҕын тото-хана испит, ийэтэ тугутун салыҥын үчүгэйдик салаабыт буоллаҕына, кини тымныыга тоҥмот, түргэнник атахтанар ТНС ОКТК
3 аат тыл #
чалахай диэн курдук. [Хабарҕаһыт чэпчэки көрүҥэр] убаһа температурата барбах үрдүүр. Муннуттан аҕыйах уу, онтон күөхтүҥү салыҥ сүүрэр. НПИ ССЫа. Эһэ кини үрдүгэр түһээри күөх салыҥынан тибиирбэхтии -- тоһуйбут. Н. Абыйчанин
4 аат тыл #
Инчэҕэйгэ сыппыт туох эмэ ньылбырхай кирэ, көлбөҕө
Нууччалыы Скользкий, тягучий налёт на предметах, появляющийся от постоянной сырости; слизь
Ууга сыппыт мас салыҥын сотон көтөҕөн таһаардылар. Ср. тув. шалыҥ ‘роса’, хак. салым ‘роса’, ног. шылым ‘слизь’, монг. салс ‘слизь’