Перевод с якутского
табык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы чучело из шкуры лошади пегой масти, предназначенное духам
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ала сылгы тириитинэн оҥоһуллубут, абааһыларга анаммыт кэрэх (чуучала)
Нууччалыы Чучело из шкуры лошади пегой масти, предназначенное духам
2 аат тыл #
Сүөһү тириитин инчэҕэйдии тиирэн хатаран оҥоһуллар саха былыргы охсор музыкальнай инструмена (улахан табык хас да кыһыахтаммыт үөл оҕус тириитин тиирэн оҥоһуллар, үһүйээн быһыытанан, кыргыска, сэриигэ ыҥырар аналлаах. Сороҕо улахан дүҥүр курдук. Кыра табык быарыга (көр), аарыга (көр) былаайаҕа (көр) суох тарбаҕынан охсон оонньонор)
Нууччалыы Древний якутский ударный боевой музыкальный инструмент, изготовляемый из сырых шкур домашних животных путём натягивания на специальные столбы (размеры бывали разными – большие из нескольких сырых, очищенных от шерсти бычьих шкур и в виде маленького круглого бубна, на котором играют пальцами)
Ол күн сэрии буолбута, Халлааҥҥа нүһэр этиҥинэн Табык охсуллубута. П. Тобуруокап [Эркээни:] Табык дорҕоонноох тыаһын истэн, Сүрэҕим тулуппакка, бу тиийэн кэллим. И. Гоголев Табык тыаһа өлөргө-алдьанарга тыаһаан ааһар. Багдарыын Сүлбэ. Быыстапкаҕа сылдьыбыт дьон саха музыкальнай инструменнарын: этигэн хомуһу, табыгы, кырыымпалары сэргии көрүөхтэрэ Кыым
Өссө холобурдар (5)
Таллан таас оройу Таҥнары табыйсар, Табык илбиһэ оонньообут.
П. ОйуунускайМоһоллоох ойуун айгыстан туран кэллэ: "Куһаҕан Ньукулай уола кэллэ-кэлээт, бу туох дьуон-дьаҥаат тойугу туойда, бу туох табык иирээнин тарта?" – дьон сирэйдэрин кэриччи көрдө. М. Доҕордуурап Туора туоһахталаах кыталык элэмэс кытыт биэни сэттэ идэмэрдээх иирэр табык быатынан иҥнэри тэһииннээн, быһа кыбыйдарбын, оҕолоор! Күннүк Уурастыырап Иһилигим-таһылыгым, Иэҕэлим-куоҕалым, Татай дьаҕай ырыабын, Табык дьаҕаан тойукпун! ТТИГ КХК К. Ср др. -тюрк. тапыҕ ʻслужба, служение, услуга; служение, поклонениеʼ, монг. тавиг ʻжертва; служба (в храме)ʼ
3 аат тыл #
Сүүнэ улахан лаһырҕас-тардырҕас тыастаах, куһаҕаҥҥа түһэр дьулааннаах аан холорук
Нууччалыы Чёрный вихрь, наподобие смерчи, торнадо, издающий оглушительный шум, треск, появляющийся, по поверью, в знак беды, смерти
Табык түспүт. Табыктан куттан. Табык холорук. Табыйар хара ат обургу Таныытын хаһыҥыратан кэбиспитэ Табык халарык буолан Дьабыл үтүгэн түгэҕэр таҥнары ытыллан түстэ. Күннүк Уурастыырап Өһүөҥ сууллуо сотору, Эрийиэ табык холорук. Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
[Пахом] сааһын тухары аар тайҕа табык холоругун түөһүнэн тэлэн, ардаҕын-хаарын санныгар сүгэн, -- кырдьар сааһыгар үүтээниттэн күннүктүү сылдьан кэбэҕэстик бултуйар Н. Борисов
4 даҕааһын #
суолт., фольк. Иччилээх, илбистээх; сэттээх, суостаах, дьулааннаах
Нууччалыы Имеющий таинственную силу, внушающий страх; влекущий за собой кару