ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

далла

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы чучело для отпугивания птиц; пугало

1 аат тыл #

Ол-бу көтөрү үргүтэргэ аналлаах киһи даллаҥныы турарын курдук оҥоһук; чуучала

Нууччалыы Чучело для отпугивания птиц; пугало

  • Оҕуруот таһыгар далла туруорбуттар

2 даҕааһын #

суолт. Кэтит, улахан

Нууччалыы Широкий, большой

  • Сүөһү үүрээччилэр далла отууларыттан таҕыстылар.
    И. Никифоров
  • [Хотой] далла кынатын салгыныттан куттаммыт чубуку оҕото букатын өлбүтүнэн ааҕынан тураахтыыра.
    А. Кривошапкин
  • Далла сыарҕа соһоммун Доруобуйабын сиэппэппин
    Саха с

3 этии #

Нууччалыы Состязание в стрельбе из лука

Этиилэр

Далла мэндэйии

ох саанан сыал ытарга күрэхтэһии Эмээхсин саҥа ситэн эрэр Суор Бугдук диэн уолугар далла мэндэйиигэ Тыгын уолаттара бары кыайтарбыттар.

  • БИГ ӨҮөС. Биһиги эһигини көрсүспүччэ, күрэхтэһии тэрийэргэ ыҥырабыт: күөн көрсүһүүгэ, далла мэндэйиигэ.
    И. Данилов
  • Тэҥн. дал ытыһыы.

Далла мэндэтиһии

былыр икки бэргэн ытааччы бэйэ-бэйэлэрин ытыһыылара.

В старину: стрельба двух метких стрелков из лука друг в друга.

  • Далла мэндэтиһиигэ биирдии эрэ оҕунан ытыһаллар, син аһарсаллар. Саха сэһ. I.

Далла ураһа көр ураһа

  • Далла ураһа дьиэлэниҥ, Холумтана суох отууланыҥ.
    Д. Говоров
  • Далла ураһаттан Кучайа кыыс тахсан көрөн-истэн тырыбынайда.
    ИН ХБ

«Д» буукуба