Перевод с якутского
ураһа
аат тыл
Нууччалыы старинное стационарное жилище якутов и переносное кочевых народов в виде высокого конического шалаша из наклонно поставленных длинных жердей, плотно обтянутых чем-л. (напр., шкурами), ураса
1 аат тыл #
Былыргы сахалар сайыҥҥы, оттон көс олохтоох дьон көтүрэн көһөрө сылдьар үөһээ өттүнэн суптугур быһыылаах, дьардьамата ураҕас мастарынан оҥоһуллубут, тугунан эмэ (хол., тириинэн) бүрүллүбүт дьиэлэрэ
Нууччалыы Старинное стационарное жилище якутов и переносное кочевых народов в виде высокого конического шалаша из наклонно поставленных длинных жердей, плотно обтянутых чем-л. (напр., шкурами), ураса
Кыыс ураһа иһигэр Хара саһыл бэргэһэни Уолугар анаан тигэр. И. Гоголев Аныгы бөһүөлэктэргэ аны бэл буор балаҕан аҕыйах, ураһа диэн кэлиэ дуо. Тордох да көстүбэт. Н. Габышев Тумара ортотунааҕы үрдүк тиит арыыга хаарбах ураһа турар. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Ураһа – ураты быһыылаах, көстүүлээх сахалыы архитектура пааматынньыга В. Протодьяконов
2 этии #
Нууччалыы Ураса, крытая, обложенная землёй, земляная ураса
Этиилэр
Буор ураһа
буор сыбахтаах ураһа Буор ураһалар өссө да үрэх быыстарыгар, өрүс тумулларыгар манабыл буолан тураллар, быстах хонон ааһарга, сайын олорон балыктыырга.
Буор ураһа, анааран көрдөххө, бука, Египет пирамидаларыттан даҕаны аҕа ини! ХС
Далла ураһа
кыра кээмэйдээх ураһа.
Малая ураса.
Толоон хотугу өттүгэр Тоҕус моҕол дьиэ буруота Унаарыйан көһүннэ, Аҕыс далла ураһа Сандаарыйан көһүннэ. Ньургун Боотур. Моҕол ураһа диэни баай ыал туруорунара үһү, далла ураһа диэни дьадаҥы ыал оҥостунара үһү. Багдарыын Сүлбэ.
Моҕол ураһа көр моҕол
Былыргы саха моҕол ураһаҕа таҥараны ахтар, алгыс-арчы этэр дьиэтэ буолар.
П. ОйуунускайМусуой биир сонун кэрэхсэнэр тутуутунан саха моҕол ураһата буолар. “Чолбон”.
Сандама ураһа
иһирдьэ киирдэххэ олус сырдык ураһа.
Ураса, в которой очень светло.
Былыр уон ахсыс үйэҕэ -- Кутуйах кинээс сүүрбэ биэс оронноох аарыма улахан сандама ураһалааҕа үһү. ХС
Сарыы ураһа
сарыы тириинэн бүрүллүбүт ураһа.
Ураса, обтянутая ровдугой.
[Дыгын баай] төннөрүгэр, сарыы дуу, туос дуу ураһаларын Бэрт Хара диэки өттүн хаалларан, аҥаар өттүн тоҕо тардан өрүскэ көһөллөр. Саха фольк
Тордох ураһа
ыыһаммыт сарыынан бүрүллүбүт ураһа.
Ураса из ровдуги.
Уйаара-кэйээрэ биллибэт туундара устун тордох ураһанан дьон көһө сылдьара. Н. Якутскай
Туос ураһа
саха былыр сайын олорорго туоһунан эркиннээн оҥостор ураһата.
Берестяная ураса.
Эллэй Боотур туостаан, туос ураһаны туруорар. Саха фольк Маар халдьаайытыгар туос ураһа туналыйан турар. Л. Попов
Ураһалыы анньыы (сиик)
ураһа курдук быһыылаах ойууну таһаарар сиик.
Конусообразный шов.
Үчүгэй талахтаах, кыллаах иһити иитин ураһалыы эбэтэр иилэҕэс анньыы диэн сиигинэн тигэллэр. АЕЕ ӨҮОБ. Иилэ тардыы, ураһалыы сииктэринэн күндүгэ-мааныга туттуллар иһиттэри тигэллэр. ПСН УТС
Хатырык ураһа
мас хатырыгынан бүрүллүбүт ураһа.
Ураса, закрытая древесной корой.
[Тарабыыкын] сайылыкка таҕыстаҕына, хатырык, туос ураһалары туруортаан, хамначчыттарын туспа олордор. Л. Попов
Ходьол ураһа
орто кээмэйдээх ураһа.
Средняя по величине ураса.
Балаҕан иннигэр -- хоспох, эргэ ходьол ураһа, үүт астыыр кыра дьиэ эҥин баар. “ХС”