ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иччилэн

туохтуур

Нууччалыы обзавестись духом, приобретать домового

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

итэҕ. Иччилээх буол

Нууччалыы Обзавестись духом, приобретать домового

2 туохтуур #

Хаһаайыннан, бэйэҕин бас билэр киһилэн

Нууччалыы Заиметь хозяина, владельца

  • Улаан [сылгы аата] эн курдук иччилэннэҕинэ, бүөбэйдээн илдьэ сырыттаххына, түргэнник иччитийиэ.
    Н. Заболоцкай
  • "Аата, дьиэм иччилэннэҕэ," диэбитэ [оҕонньор], бэйэтэ бэйэтигэр этэр курдук. – Кийиитим, бэрт оттомноох, бу орто дойдуга үчүгэйи-куһаҕаны булан араарыаххын сөп барахсан эбиккин.
    В. Яковлев
  • Иэхэйигим эбитин! Иэримэ дьиэм эрэйдээх Иччилэниэн туһугар, Аҕыс уонча саастарбар Аатырыаҕым иннигэр – Күнүм, айыым оҕото Көстүбүтэ кэрэтин!
    И. Чаҕылҕан

3 туохтуур #

Туох эрэ дьикти кистэлэҥ күүстэн

Нууччалыы Приобретать таинственную силу

  • Саҥарар саҥаҥ саталаннын, этэр тылын иччилэннин!
    Эрилик Эристиин
  • Сүллүкү тыла-өһө иччилэнэн, тойугун-силигин толорон кыырбыта.
    Болот Боотур
  • Ытыыр икки, ыллыыр икки ардынан эҥсэлийэн, этэр тыла эбии иччилэнэн, кыраабытын курдук кырыы турар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)

4 туохтуур #

Үөскэхтэн (хол., сымыыт)

Нууччалыы Заиметь зародыш, оплодотворяться (о яйце)

  • Иччилэммит сымыыт.
  • Аны аҕыйах хонугунан сымыыт иччилэнэр.
    ХС
  • Бу айымньыга, көтөр сымыытын үөскэҕэ иччилэнэн ситэн эрэринии, норуот ырыатын реалистическай ис хоһооно күүһүрэн, кини мифологическай форматын алдьатан сырдыкка тахсара чугаһаан эрэрин көрөбүт
    Эрчимэн

«И» буукуба