ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иччитий

туохтуур

Нууччалыы привыкать к человеку, не бояться человека

1 туохтуур #

Киһиэхэ үөрэн, сыһын, киһини атыҥыраабат буол (үксүн дьиэ сүөһүтүн туһунан)

Нууччалыы Привыкать к человеку, не бояться человека (о домашних животных)

  • Субан сүөһү, хайы-үйэ иччитийэн, дьиэ, түптэ аттыттан арахпат буолла.
    Н. Заболоцкай
  • Сылгылар да, маҥнай утаа саҥа сылгыһыты атыҥырыах курдук туттан иһэннэр, аны уйуһуйбат, көрсүөтүк көрсөр буолбуттара, иччитийэн барбыттара.
    И. Федосеев
  • Устунан көтөрө киниэхэ убанан, иччитийэн барбыта. Куттаммакка утары көрөн дьэрэлитэрэ
    М. Попов

2 туохтуур #

Туох эрэ биллибэт күүстээх, иччилээх курдук буол; ынырыктыйан, суоһуран көһүн

Нууччалыы Быть населенным, кишеть духами; казаться угрожающе таинственным страшным

  • Оок-сиэ, хоргус киһи көрүөн кырдьык даҕаны суоһар хартыыната этэ... Хараҥа барык түүн аан дойду иччитийбит, илэтийбит курдук буолан, эргиччи барыҥныырга, сарбаҥныырга дылы буолара.
    П. Ойуунускай
  • Онон-манан тумуллуу үүммүт одор-додор тиит мастар иччитийэн, бэриһэн, куугунаһа-хааҕынаһа боруор хараҥаҕа күлүгүрэн тураллара көрүөххэ тоҕо баҕас куһаҕанай?!
    Бэс Дьарааһын

3 туохтуур #

Үөскэхтэн, үөскэхтээх буол (сымыыт туһунан)

Нууччалыы Иметь зародыш (о яйце)

  • Иччитийэн эрэр сымыыты тото сиэн абыранан, айаннарыгар турдулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Сымыыт сыыйа иччитийэн Итии тыыннаммыта, Ириэнэх эттэммитэ!
    Суорун Омоллоон

«И» буукуба