Перевод с якутского
сиикээн
аат тыл
Нууччалыы небольшая влажная ложбина в лесу
1 аат тыл #
Ойуур иһигэр баар сииктээх, инчэҕэй хотоол сир
Нууччалыы Небольшая влажная ложбина в лесу
Үс баай күөлү тумуннахха, Куобах лааҥкытын аастахха, Сиикээн устун симэн үүнэр Симилэх систэр кэлэллэр. С. Данилов [Аллан] Муохтаах, талахтаах, болбукта оттоох Сииктээх сиикээн сирдэргэр Аһыыра кыыл таба үөрэ тохтоон. Баал Хабырыыс Ойуурга сииктээх, хараҥа. Урукку күн-дьыл тыына илгийэр, Силис аннынан сиикээн сүүрдэр. Тува т
2 этии #
Нууччалыы Сырая, тёмная ложбина, заросшая ельником
Харыйа сиикээн - харыйа үүммүт сииктээх, хараҥа хотоол сир Сүөһү дэлби бадараанныыр бырыы-бадараан суол устун хааман, биир харыйа сиикээни тахсаатын кытта Урууп сайылыга көһүннэ.
КүндэЛэгиэнтэй аты кэннинэн сулбурус гынан түһээт, хараҥаран көстөр харыйа сиикээн диэки ойон кэбистэ. У. Нуолур Намыһах отунан саба үүммүт көбүөр курдук күөх суол харыйа сиикээнинэн субуруйара. Г. Николаева (тылб.)