ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

лааҥкы

аат тыл

Нууччалыы труднопроходимое нагромождение беспорядочно упавших друг на друга деревьев в лесу; валежник

аат тыл

Тыаҕа мас үрүт-үрдүгэр туора-маары охтон, киһи сатаан сылдьыбат гына даркыламмыта

Нууччалыы Труднопроходимое нагромождение беспорядочно упавших друг на друга деревьев в лесу; валежник

  • Эһэ арҕаҕын киһи мээнэ сылдьыбат ычыкын, лааҥкы сиргэ, -- үгүс өттүн мас силиһин аннынан хаһан киирэн, оҥостор.
    Я. Семенов
  • Ыркый былаастаах сиһи туораан, сөкү оттоох лааҥкы иһигэр киирдэ.
    С. Никифоров
  • Били тыраахтар баҕайы маһы үтэн аҕалан лааҥкы оҥорбута тугу да көрдөрүө суох
    С. Ефремов

«Л» буукуба