Перевод с якутского
күһэҥэ
аат тыл
Нууччалыы общее название ритуальных украшений - металлических пластинок в виде круга, изображающих солнце, луну и т
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
, бэй. туһ
Абааһы уола аһаары адаҕыйда.
Суорун ОмоллоонОйуун арбаҕаһын хааһахтан хостуу сылдьан күһэҥэ тимирин быһан ылан Дьоскуос кистээн кэбиспит. Болот Боотур Ойуун кыырар таҥаһын көхсүгэр күһэҥэ диэн баайыллар, ону "күн" дииллэр. Өскөтө күһэҥэ быата быстан түстэҕинэ, ойуун өлүөхтээх диэн буолар КНЗ СПДьНь
2 аат тыл #
Ойуун кыырар таҥаһын көхсүгэр баайыллар кылырҕас төгүрүк тимирдэр
Нууччалыы Общее название ритуальных украшений - металлических пластинок в виде круга, изображающих солнце, луну и т. п. на спине шаманского плаща. [Ойуун:] Күн тулунна, күһэҥэ быһынна
3 аат тыл #
Халтархайга хаамарга иҥэһэ курдук атахха кэтиллэр тиистээх тимир
Нууччалыы Железный обруч в виде стремени с заостренными концами, надеваемый охотниками на ноги для удобства передвижения по лесу
4 аат тыл #
бэй. туһ. Былыр кыргыһыыга киирэргэ атахха кэтиллэр кыра тимир куйах
Нууччалыы Железный щиток на ногах у древних воинов
Дыгын Ньыкаа Харахсыҥҥа этэр: "Оҕоҥ үчүгэй ытааччы эбит. Онон ити төҥүргэскэ тимир күһэҥэ баар, ону үнтү ыттаҕына, чахчы үчүгэй киһи буолуо". Саха сэһ. I. Ср тюрк. күзүҥү, көҕүҥү 'зеркало'; тув. күзүҥгү 'бляхи с лентами (принадлежность для камлания)'
5 этии #
Нууччалыы Попасть в критическое положение; оказаться между жизнью и смертью (букв. пришло время отлететь закрепе солнца и оторваться күһэҥэ (металлической пластинке, прикрепленной на спине шаманского плаща) - по старинному поверью: если во время камлания порвется шнур от күһэҥэ, то шаман должен умереть тут же на месте)
Күн туллара, күһэҥэ быстара буолла (күһэйдэ) - өлөр өлүү, улахан куттал суоһаата, кэрээн, кыһалҕа буолла (былыргы саха итэҕэлинэн, ойуун, кыырар кэмигэр күһэҥэтин быата быһыннаҕына, тута өлөр) Ийэлээтэр ийэм, аҕастаатар аҕаһым! Дьэ, күн туллара, күһэҥэ быстара буолла, хаарыан сах буолла! Сэрэнэн-сэрбэнэн олор эрэ! Саха фольк Одун хаан оҥоһуута Улаатан эрэр эбит, Чыҥыс хаан ыйааҕа Ыксатан эрэр эбит. Күһэҥэ быата быстара, Күн туллара күһэйбит.
Өксөкүлээх ӨлөксөйКүн туллара, күһэҥэ быата быстара диэн дьэ уолдьаспыт, тааҥкаларбыт үгүстэрэ умайбыттар. ПДА С С. Тэҥн
Өссө холобурдар (1)
күнэ хараарда