ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

диискэ

аат тыл

Нууччалыы деталь, имеющая вид плоского круга, диск

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, тех

  • Сиэйэлкэ диискэтигэр ньаҕай курдук буор сыстан, үксүгэр сиэмэтэ көмүллүбүт эбит.
    П. Егоров
  • Ити массыына кэлэр информациялары электромаҕыньыытынай диискэҕэ суруйар оҥоһуктаах
    Кыым

2 аат тыл #

Араас тиэхиникэ чааһын быһыытынан туттуллар төгүрүк, хаптаҕай тимир

Нууччалыы Деталь, имеющая вид плоского круга, диск

3 аат тыл #

спорт. Хаптаҕай гынан баран икки өттүнэн бөлтөйөн тахсыбыт ойоҕостордоох, кырыыта тимир курдааһыннаах, ырааҕы быраҕарга аналлаах мастан оҥоһуллар төгүрүк успуорт снаряда

Нууччалыы Диск (спортивный снаряд)

  • Диискэни быраҕыыга мөлтөҕүм курдук мөлтөхпүн.
    П. Аввакумов
  • Бу биһиги биллиилээх ыанньыксыппыт. Хаҥыл аттары кини айааһыыр, диискэни быраҕыыга бастыыр
    И. Гоголев

4 аат тыл #

байыан. Уотунан эстэр сэрии сэбигэр ботуруоннары угарга аналлаах оҥоһук; маҕаһыын

Нууччалыы Диск огнестрельного оружия, магазин. [Гаврил] аптамаатынан сыыйтарбыта

  • Диискэ бүппүтүгэр биирдэ өйдөммүтэ.
    А. Данилов
  • "Табаарыстар, аптамаат диискэтин эбии ылыҥ! Уонна, бу гранаталар бааллар," – дии-дии Петренко мас дьааһыгын талыгыратар.
    ХС
  • Эдэр саллаат, түөһүгэр иилиммит аптамаат диискэтигэр хаҥас илиитин ууран бэрт холкутук табахтыы турар. К. Турсункулов (тылб.)

«Д» буукуба