ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

типтэр

Нууччалыы беспрерывно стрелять из огнестрельного оружия, во всю палить (напр., из ружья), поливать

1 #

Үрүт-үөһэ саба ытыалаа, ытыалаан субурут

Нууччалыы Беспрерывно стрелять из огнестрельного оружия, во всю палить (напр., из ружья), поливать (напр., из пулемёта)

  • тип I диэнтэн дьаһ. туһ. Таппыта быһыылаах, сирэйбин хаарынан уонна тоҥ буорунан саба типтэрбитэ.
    Н. Якутскай
  • Быйыл кинилэр иккиэн бааһынаҕа тыраахтарынан кур уонна сибиэһэй ноһуому тастылар, хаар типтэрдилэр. ГСҮЦХ. Кураайы оройуоннарга кыһын хара паарга хаары типтэрэллэр. "ХС"
  • Кыһыллар кыранаатанан, бүлүмүөтүнэн саба типтэрбиттэр. Софр. Данилов. Василий доҕоро -- фашиһы туруору тардаат, аптамаатынан ытан типтэрэр. ИИФ УС

2 #

Бэрт түргэнник, сыыдамнык, күүскэ айаннат

Нууччалыы Мчаться быстро, с большой скоростью, галопом

  • Куһаҕан киһи аттаммыта диэн аанньа буолуо дуо? Уон биэс көс сиргэ күнүнэн типтэрэн тиийбит.
    Эрилик Эристиин
  • Матасыыкылга олорон киэҥ оҥоһуулаах суолунан айаннаан типтэрэн иһэбит.
    В. Протодьяконов
  • [Тойон Ньургун бухатыыр] Сиэллэрэн типтэрэн, айаннатан дьалкытан Сири-сибиири уҥуордаата
    ТТИГ КХКК

3 этии #

Этиилэр

Хаары типтэрии (хаар типтэриитэ) көр хаар

  • Хаары типтэрииттэн айылҕа уонна от ыһыллыбыт ходуһаларын, мэччирэҥнэрин үүнүүлэрэ үрдүүр. СИиТ. Кыһын хаары типтэрии олус улахан көдьүүстээх. Оччоҕо саас почва сиигэ элбиир, үүнээйи үчүгэйдик үүнэр. МЛФ АҮө. Уоҕурдууну бааһынаҕа киллэрдибит, хаар типтэриитин ыытабыт. "Саха с"

«Т» буукуба