Перевод с якутского
дьэллэҥэ
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы негустой, редкий, легко (насквозь) просматриваемый
1 даҕааһын #
түөлбэ. Убаҕас, сэдэх, сэндэҥэ
Нууччалыы Негустой, редкий, легко (насквозь) просматриваемый
Дьэллэҥэ тыа ДСЯЯ
2 аат тыл #
Иҥэһэ туора тимирдэрин икки арда
Нууччалыы Пространство между поперечными пластинами якутского стремени
Тойон Дьаҕарыма бухатыыр обургу -- Сэттэ дьэллэҥэлээх Тимир иҥэһэтин Мүччү тэбэн кэбистэ Күннүк Уурастыырап
3 аат тыл #
Сарсыардааҥы халлааны сырдатар чолбоннортон биирдэстэрин аата (халлаан соҕуруулуу-илин өттүгэр балай эмэ уһун кэмҥэ сырдааччы)
Нууччалыы Одна из утренних звезд, светящихся продолжительное время на юго-восточном небосклоне; Венера
Кини бэрт мындыр оҕонньор. Киэһэ-сарсыарда им хатаныыта тахсар дьэллэҥэ чолбон өҥүттэн көрөн, кыһын төһө тымныы буолуоҕун -- быһаарар. Н. Якутскай Хойуу сулус хоойдонон, Үгүс сулус үрүттэнэн, Дьэллэҥэ сулус эҥээрдэнэн -- Араҕас маҥан халлаан Айыллан үөскээн турдаҕа. П. Ядрихинскай Халлааны сырдатар чолбоннор Дьэллэҥэ даҕаны, Мэндэҥэ даҕаны сарсыарданан тахсар идэлээхтэр Чолбон