ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

силээн

аат тыл

Нууччалыы сырая, заросшая тальником впадина, тянущаяся от леса к реке

I

1 аат тыл #

Сис тыаттан үрэх, өрүс кытылыгар киирэр сииктээх, ыарҕалаах аппа сир

Нууччалыы Сырая, заросшая тальником впадина, тянущаяся от леса к реке

  • Иннибитин бүөлээн сытар сис саҕатыттан таҥнары сиэлэн-хааман сэгэйэн киирэр уһун синньигэс силээни өрө батан дьүккүйэ турдубут.
    Н. Заболоцкай
  • Миитэрэй -- силээҥҥэ ньэкээлээбит икки оҕолоох тайах туһунан кимиэхэ да кэпсиэ суох буолла. Сэмээр Баһылай. Үрэх тардыыта таҥнары түһүү. Манан ыарҕа талахтаах намыһах силээн кэлиэхтээх.
    ХС
  • Ср. эвенк. шилки ‘узкая долина падь’
II

2 аат тыл #

, түөлбэ. Мэлдьэн

Нууччалыы Залысина

  • "Дьэ, кырдьык, доҕор!" - дии түһэр силээннээх үрдүк сүүстээх аҕам киһи.
    С. Никифоров
  • Силээннээх сүүһүн аннынан сытыытык быһыччы көрбүт, хаар маҥан баттахтаах кырдьаҕас иһэр
    ХС

«С» буукуба