Перевод с якутского
буолан
туохтуур
Нууччалыы выражает уничижение, презрительное отношение говорящего к предмету речи
Ис хоһооно · 9
1 туохтуур #
эб
Ийэм буола-буола. Бөрүкү ийэлээх буолан. Амма Аччыгыйа Ити үөдэн, эмиэ киһи буолан, атын үлүгэрдик киэмсийэр ээ.
П. Ойуунускай“Ынахтар да буолан, киһи саатыах сүөһүлэрэ,” - ыанньыксыт кыыс саҥарар. ХС
Өссө холобурдар (1)
Кини эмиэ улахан аҕай буолан! Софр Данилов
2 туохтуур #
Этиллэр предмеккэ сэнээн-кэлэйэн сыһыаннаһыыны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает уничижение, презрительное отношение говорящего к предмету речи
3 туохтуур #
Саҥарааччы атын киһи саҥатын хатылаан туран, сөбүлэспэт, утарсар, кыыһырар сыһыанын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает несогласие, возражение, негодование говорящего (с повторением чужих слов и выражений)
“Кырасыабай” буолан!.. Мин саҕалар бааллар ини... Амма Аччыгыйа “Харчыта” буолан! Оҕолоргор ордорон биэрдэҕиҥ дии... Амма Аччыгыйа [Дмитриев:] Доппуруос буолан, эмиэ атын идэтин булан. Бассабыыга чахчы буоллун да, бүтэртээн иһиэххэ буоллаҕа дии! С. Ефремов
4 туохтуур #
Сэмэлээн, сиилэһэн, сүөлүргээн этиини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает осуждение, насмешку говорящего
Ытаан суккураан эрэргэ дылы буолан! Софр. Данилов. Тоҕо муодатай, тууһумсах табаҕа дылы буолан! Н. Заболоцкай “Чуумпу кытыл” буолан, тугун муодатай. Атын аныгылыы ааты хайдах булбатах бэйэҕитий? С. Ефремов
5 туохтуур #
Хомойуу, тууллайыы дэгэттээх баҕарыыны көрдөрөр
Нууччалыы Выражает желание с оттенком недовольства, огорчения и негодования
Тохтообот буолан бу ардах. П. Тобуруокап Биир эмэ балык хаппат буолан, тугун кыһыытай. ХС Оо, бу испиискэни ууга сытыйбат да гына оҥорбот буоланнар, - диэн баран, Чүөчээски турбахтыы түстэ
Суорун Омоллоон
6 туохтуур #
Хайааһыны тас көстүүгэ эрэ, кубулунан оҥорууну көрдөрөр
Нууччалыы Выражает кажущееся, притворное совершение действия
Кирисээн утуйбута буолан сыппыта. Д. Таас Мин киниэхэ уруурҕаспыта буолан уулуннум. Н. Якутскай Миша соруйан кэтэһиннэрэн, саҥата суох толкуйдаатаҕа буолан, төбөтүн иҥнэри туттан олорбохтоото
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
Хайааһыны барбах, аатыгар эрэ, көрүнньүк оҥорууну көрдөрөр дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок напускного совершения действия для вида и без особого результата. Оҕонньор дьиэ таһыгар ону-маны үлэлээбитэ буолан, си-дьүгээр олорбот этэ. Д. Таас Онуоха эн барыаҥ буоллаҕа, өһөстөҕө буолан. Саха фольк Ол үбү-харчыны булаары, Куйуурдаах оҕонньор биһикки үс сайын тухары, сирэйбитин хоруотанан, таллан куоҕас буоллаҕа буолан, хахаахтыы-хахаахтыы, ууга умсаммыт, көрдүү сатаан кээспиппит Н. Павлов
7 туохтуур #
ситим т
Ваня, Коля, Сеня буолан от оҕустулар. Даарыйа эмээхсин, Микиитэ, Өлөксөй буоланнар күнүс балаҕаҥҥа үһүөйэҕин хаалаллар. Амма Аччыгыйа Уйбаныап, Дьөгүөрэп буолаҥҥыт бааһырбыт аттары чугас ыалларга илдьэ охсуҥ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Кырысаан, Кынаачай буоланнар “Кыым” хаһыаты ааҕаллар, Өкүүчэ, Өлөөнчүк буоланнар “Үөрэх ыҥырыытын” ыллыыллар Күннүк Уурастыырап
8 туохтуур #
Этии биир уустаах чилиэннэрин ситимнииргэ туттуллар
Нууччалыы Употребляется для соединения однородных членов предложения (и)
9 туохтуур #
Төрүөт салаа этиилэри эбэтэр төрүөт суолталаах араарыллыбыт бөлөхтөрү холбуурга туттуллар
Нууччалыы Употребляется для присоединения оборотов или придаточных предложений причины (из-за, из-за того, что, потому что)
Ньукулай Тогойкин баар буолан, кинилэр баччааҥҥа диэри тулустулар. Амма Аччыгыйа Онно киһи суох буолан, Ньамахтайы начаалынньык оҥорбутум. Эрилик Эристиин Киэҥ сиринэн кэрийбит, киһи-сүөһү ортотунан сылдьыбыт буолан, араас адьынакка ыллартарарым. ХС
Өссө холобурдар (1)
Кини бу алааһын, өтөҕүн олус таптаабыта бэрт буолан, онно сынньалаҥнык олорон, бу Манчаары курдук үчүгэй оҕону иитэн, улаатыннаран, үчүгэй киһи оҥорорго улахан баҕалаах этэ МНН