ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

диэхтээн

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы выражает уничижение, перенебрежительное отношение к предмету речи, высказываемой мысли

туохтуур

эб. Этиллэр предмеккэ уонна санааҕа намтатан, сэнээн сыһыаннаһыыны көрдөрөр (аат., солб. аат., аат туохтуурдары кытта сүнньүнэн тут-лар)

Нууччалыы Выражает уничижение, перенебрежительное отношение к предмету речи, высказываемой мысли (употр. в основном с именами сущ., мест. и прич.)

  • Биэлсэрбит диэхтээн, Биэстээх харчы саҕанан Мэндээриччи көрөн, Били бэйэбэр дылы Билиитэ суох эрэйдээх.
    П. Тобуруокап
  • Киһи үөрүөҕүн тугу да көрбөтүм... Оскуола уу баһааччытын хараҕын дала диэхтээн биллэр ини... Софр. Данилов. Бу диэхтээн Муҥутуур тымныы Буолаахтыа дуо?!
    П. Тобуруокап
  • Мин эһиэхэ эппэтэҕим дуо, Сахаарын диэхтээн быстах санаалаах ааһан иһэр көтөр буоллаҕа
    И. Семенов
Өссө холобурдар (3)
  • Сирэй солбуйар аат бастакы сирэйин уонна саҥарааччыга тус бэйэтигэр сыһыаннаах тылы кытта эбии бэйэни сэнэнии, намтатыныы дэгэттэнэр. Θ С личными местоимениями первого лица и словами, непосредственно относящимися к говорящему, дополнительно выражает самоуничижение, самопринижение. "Ээ, ол мин диэхтээн!" – Терентьев оҕонньор көхсүн этиттэ уонна салгыы кэпсээн барда.
    М. Доҕордуурап
  • Уонча сыл куорат быһаҕаһын тутустум диир дии, истэн абыран! Оттон мин үйэ аҥара тугу гыммытым биллибэт. Биһиги диэхтээн...
    Н. Лугинов
  • Ол мин, кырдьаҕас киһи диэхтээн, бүгүн баар, сарсын суох буоллаҕым эбээт
    ХС

«Д» буукуба