Перевод с якутского
тыргыл
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы чёткий, светлый, ясный, тонкий
1 даҕааһын #
Ырылхай, синньигэс (хол., күн уота, сүүрээн, суол)
Нууччалыы Чёткий, светлый, ясный, тонкий (напр., солнечный луч, струя воды, дорога)
Саҥа олох күүрээнигэр Долгуу үлэнэн үлүһүйэр, Тырыбынайга да үөрэҕирэр Тыргыл суолу ыйан биэрэр. Р. Баҕатаайыскай Сааскы күнтэн уһуктубут Ып-ыраас, тыргыл сүүрээн Барар суола бохсуллубут, – Улуу суорба очуос бүөлээн. Д. Апросимов Бүгүн Хотугу уһук дойдуга Сандал саас иһэр бэлиэтэ – Күн бастакы тыргыл саһарҕата Саҕах үрдүнэн көһүннэ А. Бэрияк
2 даҕааһын #
көр дыргыл
Мандар Уус ойууларыгар киирэр-тахсар саһарҕалар тыргыллара тыгар, кустук суһумнара кууспаҕалаан ылар. НБФ-МУу СОБ. [Ардах] маҥнай убаҕастык табыгыраппыта, онтон чочум буолаат, бөдөҥ таммахтарынан быыһа суох, сип-синньигэс тыргыл буолан таҥнары саккыраан курулатан барбыта. М. Горькай (тылб.)
3 аат тыл #
суолт. Туох эмэ (хол., күн уотун) утаҕа; туох эмэ (хол., уу) сүүрээнэ
Нууччалыы Луч (света); струя (воды)
Тыргыл күөх солкоҕо сууламмыт Тыалар, алаастар, үрэхтэр, Тыыннаах кырынаас хараҕыныы, Тырымнаһа түспүттэр. Күннүк Уурастыырап Салгын сөрүүн, мүөт тыргыл сытынан Үчүгэй эбээт дуоһуйа тыынар. И. Федосеев Мин таптыыбын кэҕэ Чуҥкуйбатах тыатын, Мутукчабыт күөҕэ Тыргыл мүөттээх сытын. И. Артамонов