ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүүрээн

аат тыл

Нууччалыы поток, течение реки, речки; направление такого потока, течения

English current, flow

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Өрүс, үрэх уутун сүүрүгэ; сүүрэр хайысхата

Нууччалыы Поток, течение реки, речки; направление такого потока, течения

  • Сааскы көмүөл маҥнайгы сүүрээнэ ол быһыттарыттан иҥнэн, эргичийэ түспүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Өлүөнэ аллараа сүүрээнэ уонна төрдө – ханна да суох аан сирэм (заповедник).
    И. Данилов
  • [Уу] Күн аайы үөрдүһэн, хаҥаан Күүһүрэн иһэр кини Сиэттиһэн, холбоһон ахсым Сүүрээн буолан күрүлүүр
    Баал Хабырыыс

2 аат тыл #

Уста сытар кыра үрүччэ, сыккыс уута; сүүрэр хайысхата

Нууччалыы Течение маленькой речушки; направление такого течения

  • Оксана күөлтэн түһэр сүүрээн диэки оргууй хааман киирбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Орто Салаа таһыгар, биир, кыракый хайа аппатын курдук, сүүрээн баар.
    Н. Якутскай
  • Тыаҕа тииттэри быыһынан Тыргылла тыгар сүүрээн, Сибиир киһитин Сүллүстүгэс сүүһүнүү, Эниэлэнэн, көмүктэнэн Эрийэ-буруйа устар
    Баал Хабырыыс

3 аат тыл #

Общественнай-политическай үлэ, литература, наука ханнык эмэ хайысхата, салаллыыта

Нууччалыы Течение, направление общественно-политической, литературной или научной деятельности

  • А. Софронов саха поэзиятыгар лиирикэни, маассабайдык ылланар ырыаны, публицистическай сүүрээни саҕалаабыта, пуорма өттүнэн фольклортан биллэрдик сыҕарыппыта.
    ХС
  • Духоборчество диэн 17-с үйэ бүтүүтүгэр Россияҕа үөскээн сылдьыбыт элбэх ахсааннаах религиознай сүүрээннэртэн биирдэстэрэ
    ХС

4 аат тыл #

Туох эмэ баран иһиитэ, устуута; ол хайысхата (хол., олох, сабыытыйа)

Нууччалыы Ход, развитие, протекание чего-л.; направление такого протекания (напр., жизни, событий)

  • Ньылаҥнааһын диэн – олох биир уустук сүүрээнэ.
    И. Бочкарёв
  • Киһи олох олороору төрүүр. Айылҕа тыһы, атыыр сүүрээннэртэн силбэһэн турар. А-ИНА ДьБО. Чуолаан сити сымыйа доҕоттор ыччакка эн араас сүүрээннэри ырыта барыма диэн өйдөтө сатыыллар. В. Ленин (тылб.)

5 этии #

Нууччалыы Поток воздуха; направление такого потока

Этиилэр

Салгын сүүрээнэ

салгын хамсааһына; ол хайысхата Араас сибэккилэр, ситэ үүнэннэр, халдьаайы иэнигэр, ходуһаҕа, илигирэс салгын сүүрээниттэн киһиргээбиттии, дьиэрэҥкэйдиир, эҥин дьикти өҥнөрүнэн суһумтуйан долгулдьуйа халкыыр буолбуттара.

  • Дьүөгэ Ааныстыырап. Аринин иннигэр остуолга умайар чүмэчи уота, салгын сүүрээниттэн, ардыгар дьиктиргээбиттии чыпчыҥныыр, сороҕор сирэйин өҥөйөн көрүөн баҕарардыы, кини диэки иҥнэҥниир. "Кыым".

Саҥа сүүрээн

ускуустубаҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар о. д. а сонун, урукку өттүгэр суох хайысха.

Новое направление в каком-л. виде деятельности (напр., искусстве, сельском хозяйстве).

  • Муосчут диэн туһунан идэ үөскээбит. Кинилэр үлэлэрэ ускуустубаҕа саҥа сүүрээни киллэрэр. ГКН МҮАа. Емельян Михайлович Ярославскай куруһуокка сылдьар, салайар буолуоҕуттан ыла, саҥа сүүрээн киирбитэ.
    ХС
  • [Г. Н. Фёдоров] 70-с сыллардаахха оттооһун технологиятыгар саҥа сүүрээни саҕан киллэрбитэ. "Кыым".

Хаан сүүрээнэ

хаан тымыр устун хамсааһына; ол хайысхата.

Кровоток.

  • Хаан сүүрээнэ личииҥкэни тыҥаҕа тириэрдэр.
    ББЕ З

«С» буукуба