Перевод с якутского
сүүр
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы двигаться быстро, резко отталкиваясь от земли ногами, бежать
English to run
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Атахтаргынан хардары-таары сиртэн күүскэ тэбинэн инниҥ диэки түргэнник ойо былаастаан бар
Нууччалыы Двигаться быстро, резко отталкиваясь от земли ногами, бежать
Маайыс, икки хараҕын быһа симэн баран, туох баарынан сүүрдэ.
Суорун ОмоллоонМин сүрэҕим битигирии түспүтэ, икки илиибин өрө уунаат: "Аҕаа!", – диэн хатаннык үөгүлээбитим, эккирэтэн сүүрбүтүм. И. Гоголев Саллааттар бука бары туран иннибит диэки сүүрдүбүт Т. Сметанин
2 туохтуур #
Айаннаа (араас айан тэрилин, тырааныспар туһунан этэргэ)
Нууччалыы Двигаться, бегать, ехать (о средствах передвижения)
Бу тоннель устун таһаҕастаах вагонеткалар, автокардар көҥүл сүүрүөхтэрэ.
Суорун ОмоллоонБуору-сыыһы ытыйбахтаан Массыыналар сүүрдүлэр, Дуораан буолан сатарбахтаан Күрүлүүллэр күргэлэр. А. Абаҕыыныскай Уулусса устун массыыналар быыстала суох сүүрэллэр. ХС
Өссө холобурдар (1)
Килэҥ суол устун чэпчэки таһаҕастаах сыарҕалар сылбырҕатык халыһыйа сүүрэллэр. Түһүлгэҕэ т
3 туохтуур #
Хайа эмэ диэки хайысхаланан уһун, сүүрүгүр (үксүгэр үрүйэ, үрэх уутун этэргэ)
Нууччалыы Течь, бежать (обычно о ручье, речке)
Хайа биир өттүнэн үрэх сүүрэр. И. Данилов Ыраас үрүйэ кылыгырыы сүүрэн -- аллара суккулунна. П. Филиппов Үөт быыһынан көҥүс сүүрэр, Үрдүбэр күөрэгэй ыллыыр Баал Хабырыыс
4 туохтуур #
Туох эмэ иһиттэн тахсан синньигэс сүүрээн буолан тоҕун (хол., харах уута, хаан)
Нууччалыы Вытекать из чего-л. струйками, струиться (напр., о слезах, крови)
Хатыҥы ким эрэ быйыл саас бааһырпыт эбит: туоһа маһыгар тиийэ дьукку ыстаммыт. Онтон симэһин бөҕө сүүрэр эбит.
Суорун ОмоллоонАҥаар хараҕа ибили охсуллубут киһи тахсан иһэн, Мотуоһаны көрөн хараҕын уута сүүрдэ. Эрилик Эристиин Бу ынырыгы көрөөт Мойуос кинээс Хараҕын саба тутунна Хаһыыра түһээт Охтон кэлэн түстэ, Муннунан хаана сүүрэн хардьыгынаан барда С. Зверев
5 туохтуур #
Биир сиргэ тохтообокко, элбэхтик ойуоккалаа (хол., маҥнайгы тымныыттан, куобаҕы этэргэ)
Нууччалыы Бегать, не останавливаясь, чтобы согреться (во время первых заморозков – о зайце)
Бөлүүн күүскэ хаһыҥнаата – куобахтар сүүрдүлэр буолуохтаах. Хаһыҥа суох сылаас түүннэр буоланнар куобах сүүрбэтэх буоллаҕа Болот Боотур
6 этии #
Нууччалыы Бодрствовать, бродить, носиться взад-вперёд в ночное время (доставляя беспокойство людям)
Этиилэр
Илин-кэлин сүүр көр илин-кэлин
Дьонум туһа диэн илин-кэлин сүүрэн биэрээхтиир. Хотунуом, эн толомон тойон аҕаҥ Тиһэх дьабын айаныгар аттанарыгар Ким киниэхэ илин-кэлин сүүрүөй? И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Илэ сүүр сөбүлээб. – түүнүн дьон утуйар кэмигэр утуйбакка кэл-бар, тугу эмэ гын "Бу кимнээх киһини утуппакка илэ сүүрдүгүт?" – диэн Дыгдаалап саҥата иһилиннэ. М. Доҕордуурап
Түүнү быһа илэ сүүрбүт киһиний? Ыл, көр эрэ, кимнэрэй? "ХС"
Саба сүүр көр саба
[Сүөкүлэ:] Алыстаан эрэллэр, бассабыыктар бары өттүнэн барытынан саба сүүрдүлэр, бүрүүкээтилэр. А. Софронов Холорук күөртүүр отунуу, Кутаалана охсон биирдэ Оройуон үрдүн бүтүннүү Ол сурах саба сүүрдэ. Ф. Софронов
Сыҥааҕын уута сүүрэр көр сыҥаах
Манна диэн эттэххэ, бүлүүһэни көрөн мин сыҥааҕым уута сүүрдэ. Софр. Данилов. Буһан эрэр күөс сыта минньигэһэ сүрдээх, мэктиэтигэр киһи сыҥааҕын уута сүүрэр. "Чолбон"
7 этии #
Нууччалыы Животные
Этиилэр
Сүүрэр атахтаах
түөрт атахтаах харамай (кыыл, сүөһү) Сүүрэр атахтаах, көтөр кынаттаах, үөн-көйүүр, от-мас барыта тиллэн, -- күүттэриилээх хотугу сайын кэлиитигэр үөрэн эрдэҕэ дии.
Манна сүүрэр атахтааҕы биирдэ эмэ көрүөҕүҥ, ону да суола сыа хаарга оймоон ааспытын. А. Сыромятникова
Сүүрэр суол
спортивнай тутууларга сүүрэргэ анаан оҥоһуллубут суол.
Беговая дорожка.
Спортсменнар сүүрэр суолга таҕыстылар. Ср. ДТС йүгүр, тув. чүгүр, тат. йөгерү ‘бежать, бегать; беги’, уйг. жүрмэк ‘ходить, идти’, каракалп. жүриу, чув. дьүре ‘идти’
8 аат тыл #
Ойбон, чардаат мууһун ыраастыырга аналлаах, уһун уктаах сиидэ курдук тэрил
Нууччалыы Черпак для очистки прорубей ото льда, сак, ледень
Сааскы быстарыы саҕана, дьоннор ол үрэх өймөлөрүгэр кэлэннэр, араас балыгы сүүрүнэн таах баһан ылан аһыыллар. Болот Боотур Тэһиллибит ойбон уута өрө тэбэн будулуйбута, Уйбаанчык ойбон мууһун сүүрүнэн ыраастаан биэрбитэ. В. Протодьяконов Хас да ойбону алларан, сүүрүнэн кыырпах мууһу кичэйэн ыраастаан бараннар, илим уһук быата баайыллар дьаакырдаах туорай маһын ыллылар. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. бур. шүүр ‘сеть (рыболовная), сито (для процеживания)’, монг., тув. шүүр, ‘сито, решето’