ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыҥаах

аат тыл

Нууччалыы челюсть.

English jaw, cheek

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Киһи-сүөһү айаҕын икки өттүнэн (үөһээ уонна аллараа) тиистэригэр олох буолар уҥуохтар; киһи-сүөһү сирэйигэр ол уҥуохтар сылдьар сирдэрэ

Нууччалыы Челюсть. Сылгы сыҥааҕа. Сыҥаах быччыҥнара. Баанча хараҕа кэҥээбит, кыламана хойдубут, сыҥааҕа кырыыламмыт. Л. Попов. [Эһэ] сыҥааҕын икки баппаҕайын үрдүгэр уурбут, субу саба түһүөх курдук оҥостон сытар. Суорун Омоллоон. Дал иһигэр уонча туҥуй бургунастар кэбинэн сыҥаахтара оонньоҥнуу сыталлар. Н. Якутскай

2 аат тыл #

Туох эмэ быһыытынан эбэтэр хамсыырынан киһи-сүөһү сыҥааҕар майгынныыр чааһа

Нууччалыы Часть чего-л., напоминающая внешне или по действию, движению челюсть человека, животного

  • Сыарҕа сыҥааҕа. Чыскы сыҥааҕа.
  • Кини көрүдүөрүн устун тимир суол сыҥаахтара сыыйылла сыталлар.
    С. Федотов
  • Урут хомуһун сыҥааҕын үрүҥ көмүстэн оҥороро, онтун билигин алтантан сыҥаахтыыр
    Кыым

3 этии #

Нууччалыы Просить, брать дорого за услугу. (букв. челюсть его тяжёлая)

Этиилэр

Алын (аллараа) сыҥаах буол көр аллараа

  • "Сыла туоллаҕына, болдьоҕо кэллэҕинэ, нэһилиэк хата босхо сирдэнэн хаалыыһы" – Лобуох уус алын сыҥаах буола олордо.
    Күннүк Уурастыырап
  • "Сирэйэ эрэ ньыламан маҥан буолбат дуо?" – Ааныка күлэ-үөрэ алын сыҥаах буолла.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
  • Ити акаары тылыгар аллараа сыҥаах буола сытаҕын. "Чолбон".

Сыарҕатын сыҥааҕа иҥнэр көр сыарҕа

  • Билигин да миигин одуулууллар диэн, эн биһиэхэ сыарҕатын сыҥааҕын иҥиннэрэр үһү.
    М. Доҕордуурап
  • Сыҥааҕа ыарахан кэпс. – өҥөтүн ыараханнык сыаналыыр, ыарахан сыаналаах Уон сүүстэн итэҕэһи ылыахтара суоҕа. Манна таһаҕас таһааччылар сыҥаахтара ыарахан.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Бу ырыынак ааныгар таксилар бааллар ээ. Хата, сыҥаахтара ыарахан соҕус буолуо.
    Р. Баҕатаайыскай

Сыҥааҕа ыпсыбат

1) олус тоҥмут.

соотв. зуб на зуб не попадает.

  • Кыра уол тоҥон сыҥааҕа ыпсыбат буолбут; 2) туохтан эрэ үөрэ-көтө сылдьар. Пребывать в радостном настроении, улыбка не сходит с лица. Сыҥааҕа ыпсыбат буола үөрдэ.

Сыҥааҕа ытыстар

1) уһун кыһын устата эһэ аһаабакка сытар буолан, сыҥааҕын иҥиирдэрэ мастыйан, айаҕын аанньа аппат буолан хаалар. Ону сыҥааҕа ытыстар дииллэр.

Так говорят, когда за долгую зимнюю спячку челюсти у медведя сцепляются так, что он не может раскрыть свою пасть (букв.

  • челюсти сжимаются); 2) көсп. Сыҥааҕа ытыстыбыт эһэҕэ дылы күлбэт-үөрбэт, саҥарбат-иҥэрбэт мас сирэйдэн. Придать лицу холодное, непреклонное выражение.

Кыһыйбыт аһыйбыт иһин тэҥнэһиэҥ дуо

сыҥааххын быһа ытыстан олороҕун.

  • Омук куонсуллара сыҥаахтара ытыстан, күлэри көрбөтөх, мичиги билбэтэх сирэйдээх-харахтаах дьон киирэннэр олохторугар олордулар.
    ХС

Сыҥааҕын тыаһат (сыҥаахха уоптар)

сыҥаахха оҕус.

соотв. влепить пощёчину.

  • Уол үөхпүт киһини сыҥааҕын тыаһатта.
  • Онуоха астарыах бокуой биэрбэккэ, Дьөгүөр бэлэмнэнэн турар уҥа илиитинэн охсуох курдук буолан иһэн, сүр сымсатык, хаҥаһынан аҕалан, Баһылайы сыҥаахха уоптаран кэбистэ.
    Күннүк Уурастыырап

Сыҥааҕын уута сүүрэр

амтаннаах аһы сиэҕин олус баҕаран айаҕын иһэ симэһининэн туолар.

соотв. слюнки текут у кого-л. Аны биирдэ омурдарым дуу, омурпатым дуу?..

  • Хата, сыҥааҕым уута дэлби сүүрдэ.
    Суорун Омоллоон
  • Никитин аҕабыыт уолаттара бэрэмиэнэ кэмигэр барыанньа, арыы кыбытыылаах буулканы сииллэрин көрүөххэ үчүгэй да буолара. Мэктиэтигэр сыҥаахпыт уута сүүрэр.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Кини күөс хаһан буһарын кэтэһэр, сылаалаах уһун айан кэнниттэн сыалаах эти сиэхтээҕин саныы-саныы, сыҥааҕын уута сүүрэр.
    П. Ламутскай
  • Тэҥн. силин быһа ыйыстар (1).

Сыҥааҕыҥ сыаланнын, айаҕыҥ арыыланнын

киһи киһиэхэ туох эмэ үчүгэйи ыралыыр курдук эттэҕинэ, истээччи, онуоха махтанар тыла.

Благопожелание: желаю сытой, благополучной жизни (букв. пусть твой подбородок станет жирным, а рот – масляным).

  • Сыҥааҕыҥ сыаланнын, айаҕыҥ арыыланнын (өс хоһ.).

Сыҥаахха олорус

тыл бырахсан кэпсэтиигэ ойоҕостон кыттыһан бар.

Вмешиваться, влезать бесцеремонно в чужой разговор (букв. садиться кому-л. на челюсть).

  • Дьахтар кэпсэтиигэ кыттар буоллаҕына сиилиир этилэр: "Сыҥаахха олорсон, дьахтар бөҕө", – дииллэрэ.
    А. Сыромятникова
  • [Поскачин] тыл этэртэн тардынна, этээччи табаарыстарга тыл бырахсан сыҥаахтарыгар олорсо сатаата.
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Сыҥаах хоҥнор эргэр. – кэргэн кэпсэтэр кыыһыҥ аҕатыгар, кыыһын биэрэригэр эрэллээх, бастакы кэһиигин аҕалан туттар (атах эт, арыгы, харчы уо. д. а.). Делать первые подношения отцу невесты для получения его согласия (букв. отрывать челюсть). Суорумньулаһыы, сыҥаах хоҥнорсуута кинилэргэ умнуллубат кэрэ-бэлиэ күн буолан сылдьыаҕа.
    П. Ламутскай
  • Тэҥн. хоонньоһор кэһии.

Сыҥааххын хоҥнор

1) өр саҥарбакка сылдьан баран саҥар.

Заговорить после продолжительного молчания.

  • Көр, биирдэ сыҥааххын хоҥнорордоох эбиккин ээ. Мин өссө букатын ньомуой уол олорор диэммин, арыый кымньыыбынан таарыйталаан ыла сыстым эбээт! Н. Заболоцкай; 2) өл хаба түс, аһыы түс. Закусить, перекусить, подкрепиться. Эһэ саас арҕаҕыттан тахсаат, сыҥааҕын хоҥуннаран баран, аан бастаан кымырдаҕаһынан, онтон кэлин барынан бары, туох түбэспитинэн аһылыктанар. ПАК АаТХ. Тыллаах сыҥааҕынан сөбүлээб. – дьыалата көстүбэккэ аҥаардас тылынан эрэ. Только на словах (делать что-л.), фразёрствовать (букв. языком и челюстью). Аныгы баҕайылар, тугу да бүтэрбэккэ сылдьан, тыллаах сыҥаахтарынан эрэ кынаттанар буоллахтара үһү.
    А. Софронов
  • Уон улууһу тыллаах сыҥаахпынан абылаан, ыллаан аһыы сылдьабын.
    М. Доҕордуурап

Тыллаах сыҥаах иччитэ

буолары-буолбаты мээнэ эрдээччи, кураанах лахсыыр киһи.

Фразёр, пустозвон (букв. дух-хозяин языка и челюсти).

  • Мылаховтаах Тылгынов диэн иккиэн көҥдөй, аҥаардас тыллаах сыҥаах иччилэрэ дьон. Н. Лугинов

4 этии #

Нууччалыы Подпереть щеку (щёки) рукой (руками)

Этиилэр

Бэргэһэ сыҥааҕа көр бэргэһэ

  • Бэргэһэм сыҥааҕын баанан, сонум саҕатын туруоран баран, ол таһынан саал былааппынан тууна бааммытым да, тыал син биир иҥнибэт – быыһынан киирэр.
    С. Никифоров
  • [Харачаас] бэргэһэтин сыҥааҕын кырыатын үтүлүгүнэн туора-маары соттон кэбистэ.
    П. Филиппов

Оһох сыҥааҕа

холумтан диэн курдук.

  • Таһырдьаттан Мукуйук Уйбаан киирэн, саҥата-иҥэтэ суох, оһох сыҥааҕар холумтаҥҥа илбиллэн олорор.
    Күндэ
  • Оһох сыҥааҕар уонча саастаах Сэмэнчик диэн уол мас аты оҥорон тиниктэһэр.
    Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕолорум ыал оһоҕун сыҥааҕын кэтээн хааллахтара, улааталларыгар тиийбэтим.
    Н. Түгүнүүрэп

Сыарҕа сыҥааҕа көр сыарҕа

  • Кини уолу кытта кэккэлэһэ, киэҥ суол уҥа өттүнэн, килэркэй сыарҕа сыҥааҕын суолун устун, оргууй хаамар.
    А. Сыромятникова
  • Кэтит сыарҕа сыҥааҕа хобордооххо сыаны сырылаппыттыы сыыгыныыр, ат туйахтара чыычаахтыы чыбыгыраһаллар.
    Н. Габышев

Сыҥаах баттан

сыҥааххын илиигин тоҕонохтоон өйүү тут Олоҥхоһут атаҕын оллоонноон, сыҥаах баттанан олорон, былыргы дьыл былдьаһыктаах быһылааннарын кэпсээн кэрэхсэтэн эрэр.

  • Дьукаахтара Иһиччит Ньукулай, уокка аргынньахтаан, сыҥаах баттанан олорон, улам-улам сайдан, күөмэйэ чөллөйөн, -- олоҥхолоон куйуһутан истэ.
    Болот Боотур
  • Татьяна Сергеевна икки илиитинэн сыҥаах баттаммыт, киэҥ хараҕа килэбэчиҥниир.
    Н. Габышев

Сыҥаах ойуун

аҥаабыл 2 диэн курдук.

  • Тымтык "сыҥаах ойуун" албынныыр этэ Күөспүт оннугар ыстанан.
    Баал Хабырыыс
  • Онтон сааскы муҥха буолар, биһиги дьоммут кэлэллэрин кэтэһэн, "сыҥаах ойуунунан" билгэлэнэбит.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС еҥэк, йаҥах, тув. чаҥак, чаак ‘щека’ тат. яҥак ‘щека’, саҥак ‘жабры (у рыб), нижняя челюсть; бородка, выступ плотничьего топора; черенок заступа’

«С» буукуба