ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иэдэс

аат тыл

Нууччалыы щека.

English cheek

1 аат тыл #

Сирэй ойоҕос, хаптаҕай өттө (иҥ уҥуоҕуттан аллараа сыҥаахха диэри)

Нууччалыы Щека. Хачыгыр сирэйинэн умса баран, уҥа иэдэһин бүтэйдик ибили түһэн, өр таалан сытта. Эрилик Эристиин. Кыыс ытыстарын холбооттоон, иэдэһин анныгар туттунан, утуйардыы оҥостуммут. Амма Аччыгыйа. Маша киирэн кэлэн, кэргэнин аттыгар олордо, нарын чараас ытыһынан доҕорун иэдэһин имэрийдэ. М. Доҕордуурап. Атаҕын төбөтүгэр дыгыйан кэллэ да, субу иэдэспиттэн чоп гына уураан ылла. А. Сыромятникова

2 аат тыл #

Туох эмэ ойоҕос хаптаҕай, кэтит өттө (тардыы ф-гар турар)

Нууччалыы Боковая плоская часть чего-л. (обычно употр. в ф. принадлежности). [Оҕонньор] быспыт отун иккистээн хотуурун иэдэһинэн туора хаһыйар

  • Хайа биир сырыынньа иэдэһинэн өрө дабайан истэхтэринэ, үөһэ арҕаска утуу-субуу саа тыаһа тоһурҕаата.
    Болот Боотур
  • Оһох аҥаар иэдэһэ көҥүрүттэн түспүт.
    И. Гоголев
  • Сыап кормушка уҥа иэдэһигэр сыбааркаланар
    Кыым

3 этии #

Нууччалыы Отварачивать лицо, отварачиваться (выражая недовольство кем-чем-л.)

Этиилэр

Иэдэһинэн оонньуур

киэбирэн, үтүөмсүйэн иэдэһин араастаан туттар.

Важничать, зазнаваться, кокетничать, (букв. играть щеками), соотв. задирать нос.

  • Эт ыаллара, эрдэ турар, Иэнин ититэр, Иэдэһинэн оонньуур Эмэн дьахтар баара.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • "Мин, эн эбитим буоллар, олоруом этэ. Эрдээххин дии, ииттин-аһаттын... Өссө эриҥ министиэристибэ үлэһитэ," – дии-дии, иэдэһинэн оонньоото. М. Доҕордуурап

«И» буукуба