ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥин

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы зацепиться какой-л. частью тела или одежды за что-л.; споткнуться

English to stick to, to cling to

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Этиҥ ханнык эмэ миэстэтинэн анньыллан эбэтэр таҥаскыттан мэһэйдэтэн тохтоон ыл; оҕун

Нууччалыы Зацепиться какой-л. частью тела или одежды за что-л.; споткнуться

  • Өрө эккирээн иһэн, этэрбэһин быатыттан иҥнэн умса баран түһэн -- күрдьэҕэ мүччү ыстанан сэлэ ортотугар түстэ.
    П. Ойуунускай
  • Кыаһай оҕонньор оһоҕу эргийэ баран иһэн, уот анньар мастан иҥнэн оһох уҥа чанчыгар кэлэн тыылла түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • Ол иһэн, ыллыга туора түспүт силистэн иҥнэн, арыычча охто сыста. Софр. Данилов. Дулҕаттан иҥнэн охтон, атаҕа иһэн хаалла
    Н. Габышев

2 туохтуур #

Туох эмэ мэһэйгэ кэтиллэ, анньылла биэр

Нууччалыы Удариться, натолкнуться, наскочить на что-л

  • Сааскы көмүөл маҥнайгы сүүрээнэ ол быһыттарыттан иҥнэн, эргичийэ түспүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Аан тэлэллэ түһэрин кытта, тымныы тумана өрүһүспүттүү кутулунна, истиэнэттэн иҥнэн түүрүллүмэхтээн ылла.
    М. Доҕордуурап
  • Сотору соҕус буолан баран, ат кэлэн, бүтэй ааныттан иҥнэн, хорус гына түстэ
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Эмискэ уун-утары көрсө түс. Θ Вдруг встретиться, столкнуться с кем-л. лицом к лицу. Давыдов киэпкэтин ылаат, таһырдьа ыстаммыта уонна мичээрдии турар Лушкаҕа иҥнэ түспүтэ. М. Шолохов (тылб.)

3 туохтуур #

Ханна да кыайан куоппат, барбат гына булт сэбигэр (хол., туһахха, хапкааҥҥа) түбэс

Нууччалыы Попасть в петлю, капкан, западню и т. п., оказаться в безвыходном положении

  • Арай, хаас тиргэҕэ иҥнэн өрө даллаахтыы турар эбит.
    П. Ойуунускай
  • Хайа, нохоо, булдуҥ? Туһаххар, чааркааҥҥар, айаҕар туох да иҥнибэтэх дуо?
    Суорун Омоллоон
  • Түргэнник туһахтарбар тэбинэн истим. Арай биир куобах иҥнэн баран кулаачыктанан эрэр эбит.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
  • Ньукулаас дэлби иирсэн хаалбыт илимин, иҥнибит аҕыйах бытархай балыгын кытары суулуу тутан, тыытыгар бырахпыта.
    С. Никифоров
  • Онтон күөгүтүгэр туох да иҥнибэтэх
    И. Никифоров

4 туохтуур #

ан эмэ иилистэн ыйанан хаал, ыйанан сырыт

Нууччалыы Зацепившись за что-л., повиснуть

  • Сулбугур самыытыгар нэһиилэ иҥнэн сылдьар бороҥ ыстааннаах. Софр. Данилов. Суох, киһи сатаан оҥостуо суох, бүрүөһүн тириититтэн эрэ иҥнэ сылдьар.
    Болот Боотур
  • [Чубуку] таастан тааска быраҕыллан түһэн иһэн, муоһуттан иҥнэн хаалла
    Т. Сметанин

5 туохтуур #

Тугу эмэ гынаргар, оҥороргор мэһэйи көрүс

Нууччалыы Встречать препятствие (в процессе какой-л. деятельности)

  • Мин итиннэ кэлэн, тугу эппиэттиэхпин билбэккэ, иҥнэн хааллым.
    Н. Заболоцкай
  • Бэрт даҕаны дуона суохтан иҥнэн, үлэ тохтотолоон хаалара.
    В. Яковлев
  • [Бырайыактары оҥороругар] Айдар кини оннук илиитэ-атаҕа тахсан биэрбэтин, бытархайтан иҥнэн хаалан быһа чымаадыстыырын сөбүлээбэт
    Н. Лугинов

6 туохтуур #

Кыраттан, нэһиилэ тутуллан сырыт (хол., үлэҕиттэн уһулла сыһа-сыһа)

Нууччалыы Удержаться кое-как, еле-еле (напр., на работе)

  • "Мин эйигин сириэм дуо? Эн эрэ сөбүлүүр буоллаххына, барымына," - диэтэ. Истээт, урут арыыччаттан иҥнэн олорбут Тобулаарап туран, үрдүгэр түһэн, уураары-сыллаары гынан, күөх балай сирэйиттэн быыс булбата.
    Эрилик Эристиин
  • Сороҕор омос санаатахха туох барыта кыраттан иҥнэн турарга дылы...
    Н. Лугинов
  • Гавриил өстөөҕү бүтэһиктээхтик үлтү сынньар тиһэх кимэн киирии тыаһын-ууһун чуор кулгааҕынан истэ госпиталыгар нэһиилэ иҥнэн сыппыта
    А. Данилов

7 туохтуур #

Ким эмэ итэҕэһин тоһоҕолоон бэлиэтээ, саҥа гына сырыт, наар онон үөх-үтүрүй

Нууччалыы Постоянно подчеркивать, указывать на чей-л. недостаток, все время обращать внимание на чье-л. упущение, цепляться

  • Эн мин сирэйбиттэн-харахпыттан иҥнимэ.
    Күндэ
  • Тыый, оҕонньор, оттон баҕа даҕаны балык балта буоллаҕа дии. Ол түспүтүттэн бултаабатым диэҥҥин, ити мин уолум "быччайбытыттан" иҥинниҥ дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Үрдүк Бүөтүр Хатарыылаах Маҥаны, бэркэ таптаан мииммитэ, арай, хараҕа суоҕун сөбүлээбэт этэ: дьон барыта онтон иҥнэрэ
    Күннүк Уурастыырап

8 туохтуур #

Хааһына үбүн-аһын сиэһиҥҥэ түбэс, итэҕэстэнэн буруйга-сэмэҕэ тардылын

Нууччалыы Быть обвиненным в чем-л., призванным к ответу

  • Кинилэргэ кыладыапсыктыы сылдьан эккэ иҥнэммин, бастакы тэмтэрийиим онтон саҕаламмыта
    М. Доҕордуурап

9 этии #

Нууччалыы Быть всецело подчиненным кому-л., быть под чьим-л. гнетом

Этиилэр

Дьыалаҕа иҥиннэ көр дьыала

  • Кырдьыктаах, сөптөөх суолга киһи дьыалаҕа иҥнибэт.
    А. Федоров
  • Неустроев дьыалатыгар иҥнэн, киниэхэ көмөлөспүт элбэх киһи хаайыллыбыта.
    П. Филиппов

Илимэр иҥин

ким-туох эмэ (хол., тойон, баттал) төлөрүйбэт сабыдыалыгар киир Иэдьэгэй эттээх Иринньэх оҕо Эрдэхтэн ыла, Иҥсэлээх тойот Илимэр иҥнэн, Иинэҕэс мастыы Эриллэ хатан, Имиллэ үүнэн Испитим баара. Эллэй. Ириэнэхтэн иҥнибэт, тоҥтон (тоҥ диэнтэн) толлубат фольк. – туохтан да куттаммат, толлубат; харса суох, ылыммытын толорон, оҥорон баран тэйэр (киһи).

Бесстрашный и очень решительный (букв. он не остановится перед талым, не сробеет перед мерзлым).

  • Ириэнэхтэн иҥнибэт, Тоҥтон толлубат, Мүччү туттар диэни өйдөөбөт, Бүдүс диэни билбэт, Оһолго-төрүөккэ уолдьаабат Улуу дьон уодаһыннаахтар.
    С. Зверев
  • Ириэнэхтэн иҥнибэт аатырбыт, Тоҥтон толлубат сураҕырбыт, Кытаанаҕы да кыайбыт, Ыараханы да ыатарбыт Самнан биэрбэт саргылаах, Сайдар, үрдүүр норуоппут.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
  • Булчут мунар сиригэр Мунаахсыйан да көрбөт, Хойуу тыабыт сиһигэр Куттанары да билбэт, Ириэнэхтэн да иҥнибэт, Тоҥ диэн толлубат.
    Л. Попов

Киһи хараҕа (кулгааҕа-хараҕа) иҥнэр (туга эмэ) көр киһи

  • Бу балаҕан иһигэр таас тыаһыттан ураты киһи кулгааҕар-хараҕар иҥнэр атын туох да баара биллибэт.
    Суорун Омоллоон
  • Бэттэх Аркадий [бырайыактаабыт] дьиэтэ адьас туох да харах иҥнэр ордуга-хоһута, итэҕэһэ да, уһулуччу үчүгэйэ да суох _ _ мэһэйдээбэтэрбин ханнык диэбиттии турар.
    Н. Лугинов

Кыл (сап) саҕаттан иҥнэ сылдьар көр кыл

  • "Кыл саҕаттан да иҥнэ сылдьабын, – эмиэ да бэркиһии, эмиэ да дьулахачыйа санаата Валерий. – Бөлүүн дуу, билигин дуу ити уол ордук-хоһу саҥарбыта буоллар, мин суолум сойбута ыраатыах эбит".
    ХС

Окко-маска иҥнибэт көр от-мас

  • Ол курдук сытан, киһи көрбөт, ыт үрбэт буолан, окко-маска иҥнибэт, дьүдэйии бөҕөнү дьүдьэйэн баран, барыта сэттэ дуу, тоҕус дуу төгүрүк сыл устатыгар хаайыыга, быаҕа сытан олорбутунан, ол кэлгиэтигэр өлбүтэ үһү.
    Саха фольк

Сыарҕатын сыҥааҕа иҥнэр (кимтэн эмэ) көр сыарҕа

  • Эн баҕас киһиттэн туох ордуктаах буолаҥҥын мин уолбуттан сыарҕаҥ сыҥааҕа иҥнэр.
    НС ОК

Тылга иҥин көр тыл

  • [Дьэкиим:] Тукаам, сымыйа суолга тылга иҥнэн баран эрэбин.
    А. Софронов

Саҥарба

бостуой тылга иҥниэҥ.

  • Амма Аччыгыйа.

Хараҕа иҥнэр көр харах

  • Аны хараҕа киниэхэ иҥнэр буолбута. Өйдөөн көрдөххө, сиппитэ-хоппута сүр.
    Болот Боотур
  • Аркадий икки кыыс хара эрээри, халыҥ сиэрэй уллуҥнаах эргэчээн хаатыҥкаларыгар хараҕа иҥиннэ.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Остуолга эмиэ субу аҕай ууруллубут адьас арылыйан олорор тыыннаах сибэккилэргэ хараҕым иҥнэр. "ХС"

«И» буукуба