Перевод с якутского
от-мас
аат тыл
Нууччалыы растительность, растительный мир
English vegetation
1 аат тыл #
Үүнээйи (от уонна мас үүнээйилэр барылара холбуу ылыллыбыта)
Нууччалыы Растительность, растительный мир
Көтөргө-сүүрэргэ, окко-маска кыһын ойуур ордук наадалаах, кыһыҥҥы ойуур - халыҥ хахха, күүстээх көмүскэл, сылаас дьиэ-уот. Амма Аччыгыйа Өлүөнэ мууһун эстиитэ, От-мас тиллэн кэлиитэ, Кэрэ, күндү сэгэрбин Кэтэспитим, кэлбэтэҕиҥ Эллэй
2 аат тыл #
Кыһын сүөһүгэ сиэтэр от, уокка оттор мас
Нууччалыы Сено и дрова
Уһун кыһын Оттор уотун буллара, Отут-сүүрбэ ынаҕар Отун-маһын тиэйтэрэ, Ииһин, дьиэтин көрдөрө - Ииппит кыыһын, күтүөтүн Ыаллыы-ыкса нэһилиэктэн Ыҥыртаран аҕалбыта. Күннүк Уурастыырап Кыһынын эмиэ бааһынанан дьарыктанар мэхэнисээтэр аҕыйах, үгүс өттүлэрэ от-мас тиэйиититтэн орпоттор П. Егоров
3 этии #
Окко-маска иҥнэр буол - төбөҕүнэн ыалдьан (иирэн) тугу да өйдөөбөт-билбэт буол Бахсы тойоно Дьэллэҥэй кинээс -- тиһэҕэр тиийэн, баһынан иирэн, окко-маска иҥнэр буолан хаалар. Саха фольк. Окко-маска умньаммат акаары - олус акаары, олус оттомо суох. Θ Набитый дурак.
Нууччалыы Сходить с ума
Этиилэр
Окко-маска умньаммат мэник
олус мэник, наһаа тэбэнэттээх, оттомо суох.
Отчаянный шалун, сорванец.
Мин эйигин урут, окко-маска умньаммат мэник уолчаан буоллаҕа дии саныырым, сураххыттан истэн, онтукам сыыһа эбит. Н. Заболоцкай Оттон-мастан туттан (тардыһан) сылдьар кэпс. - нэһиилэ сылдьар, атаҕар нэһиилэ уйуттан турар. Еле держаться на ногах, еле ходить (настолько ослабеть после болезни). Оҕонньорбут ыалдьан баран, саҥа туран эрэр. Билигин даҕаны оттон-мастан туттан сылдьар. ГНС СТСДТ. Оту-маһы кытта туһун (тутан көр) - күөгэйэр күҥҥэр сырыт. Быть в расцвете сил. Оту-маһы кытта тустар Омуннаах эдэр сааспар Кэллим эмиэ эргиллэн Киэҥ төгүрүк алааспар. НАГ АБС. Отун-маһын бэлиэтээтэ - саһар, өлбөөр, хагдарый; хат (от-мас туһунан). Блекнуть, желтеть; засыхать (о растительности) (букв. ветер поставил свои знаки на растительность). Отун-маһын бэлиэтээн, күһүн кэлэн иһэрэ биллибит