Перевод с якутского
мас
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы дерево
English firewood, log
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Кытаанах умнастаах, хойуу лабаалардаах, өр сыллаах үүнээйи уопсай аата
Нууччалыы Дерево (древесные растение)
Хойуу мастаах тыа. Отонноох мастар. Маһы кэрт. Таһырдьа хараҥа. Мастар -- барбах барыһан аҕай көстөллөр.
КүндэДьэ лиҥкинээн мастар да мастар буолан бардылар.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
Хатыҥ мас сэбирдэҕин тыаллар хара суол үрдүгэр тамныыллар Дьуон Дьаҥылы Оннук үүнээйи охтон бүтүннүү, эбэтэр, чаастарынан ыһылла сытара. Θ Валежник, сучья, щепки. Ходуһа маһын ыраастаа. Бу мастары хомуйан у мат. Ыттар тугу да булбакка, маһы үрдүнэн көтүөкэлии сылдьыбыттар
Суорун Омоллоон
2 аат тыл #
Тутууга уонна оттукка анаан бэлэмнэммит матырыйаал (бэрэбинэ, хаптаһын, саһаан, чуурка уо. д. а.)
Нууччалыы Строительный лес (бревна и другие лесоматериалы); дрова, заготовленные для топки (бревна, поленья и т. д.)
Батараактар артыаллаһан, иккилии-үстүү дьукаах олорор дьиэлэрин мастарын сырса-сырса кэрдэн кэбистилэр.
П. ОйуунускайСерёжа тыаттан мас таһыыга үлэлэстэ: эрдэ кэрдиллэн бэлэмнэммит бэрэбинэлэри торуоһунан тыраахтарга холбоон биэрэр.
Н. ЛугиновХоспох иһэ хабыс-хараҥа, тимир оһохторугар укпут мастара сыр-мыр умайан таһыргыыр, таһырдьа буурҕа улуйар. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (5)
Мэхээс үс атынан куоракка саһаан уонна кураанах мас тиэйэр ХС Мас дьиэ. Мас күрдьэх. Мас кытыйа. Дьадаҥы буоламмын, таҥнары сапсыйа турар үөлэстээх, буруолуур оһохтоох, түөрт муннуга Чоҥкуйа кырыарбыт мас балаҕаннаах этим.
П. ОйуунускайХаҥас ороҥҥо мас кытыйалар, мас чааскылар, туос иһиттэр, тимир тэриэлкэлэр -- дьүүлэ-дьаабыта суох кыстанан сыталлар.
КүндэМас дьааһыктар үрдүлэригэр -- сиидэлэр ыйаммыттар ХС
3 аат тыл #
тыа диэн курдук. Кыыл кыһынын маска тахсар, сайынын муора арыытыгар киирэр. Далан. Кыыл таба үөрэ үйэ тухары биир суолунан - туундараттан маска, мастан туундараҕа - күһүн-саас көһөр. Багдарыын Сүлбэ. Эмиэ намыһах кэдээл алыыны туораан кыыл нөҥүө маска тахсыбыт. "ХС"
4 даҕааһын #
суолт. Мастан оҥоһуллубут
Нууччалыы Деревянный
5 этии #
Нууччалыы Не побоюсь даже палкой ударить (найду как ответить). [Маарыйа:] Чэ, туран кэл эрэ, мин да мас диэм суоҕа, буор сирэй
Этиилэр
Атырдьах маһыныы араҕыс көр атырдьах
Мин олоҕум суола Сергей олоҕун суолуттан атырдьах маһыныы арахсыбыта ыраатта. Софр. Данилов. Биир төгүрүк сыл ааста кинилэр атырдьах маһыныы арахсыбыттара.
Н. ЛугиновАдьас ыраатта ол кыыстан уол атырдьах маһыныы арахсыбыта. С. Васильев
Кутурук маһа буол (гын) көр кутурук
Ньурбачаан убайыгар куолутунан кутурук маһа буолбута. Далан "Бэйэҕит барыҥ! Үс сылы быһа сөбүн кутурук маһа гынныгыт. Түксү!" - диэн силбиэтэнэр Сеня, дьиҥнээхтик кыыһыран буолбатах, ааттатаары.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
Тойон киһи быһыытынан Абдуркулла уолугар: "Лааппы быһыылаах, манна киириэх!" - диэн баран, дьулуруйан киирэн барда, кэнниттэн Мундарбек кутурук маһа буолан киирсэ турда. Эрилик Эристиин Маҥкы маһын курдук күөрэс гын - куйуур маҥкытын курдук күөрэс гын диэн курдук (көр маҥкы). [Кинээс оҕонньор:] Эмиэ биир бассабыык итэҕэһигэр төрөөбүт эрэстиин урукку саах күрдьээччи, ынах ыаччы кумалаан уола. Сотору эмиэ маҥкы маһын курдук күөрэс гына түһэрэ буолуо.
Суорун ОмоллоонПавлов 1922 сыллаахха амнистияланан баран, маҥнайгы холкуостар кэмнэригэр тыа сирдэригэр эмиэ баанда тэринэн, маҥкы маһын курдук күөрэс гына түстэ. ЛБС. Малинины төһө да инники кирбиигэ ыытталлар, хайаан даҕаны ыраах тыыл кэтэҕэр, маҥкы маһын курдук күөрэс гыммыта эрэ баар буолуо.
К. Симонов
Мас акаары көр акаары
Арай Өөдөй диэн, үс мас бүтэйи сатаан тахсыбакка иҥнэн хаалар, дьон тэптэрдэҕинэ, атыыр оҕуһу кытары харсар, биир мас акаары киһи баара. Күннүк Уурастыырап. Оҕонньор үс уоллааҕа: улахана - өйдөөх, мааны, ортокута - халы-мааргы, оттон кырата - мас акаары. ЕА ЭС. Тэҥн. окко-маска (маска) умньаммат акаары. Мас аччык - туос аччык диэн курдук (көр аччык). [Николай Хандыковка:] Ити Доҕолоҥ обургу дьадайыам диэн, баар суох соҕотох кыыһын аһаппата буолуо дуу? Кымырдаҕас курдук дии, быстыахха айылаах, букатын мас аччык. А. Сыромятникова. Мас диэм суоҕа - булан эппиэттиэм, маһынан охсорбун да кэрэйиэм суоҕа Бэс Дьарааһын. Маска оҕус (охсон кэбис) - туга да суох хаал, бүтэр, барытын бараа (ас-үөл, туох эмэ хаһаас туһунан).
Исчерпать все запасы пищи, остаться ни с чем (букв. ударить по дереву).
Кыһыны быһа аччыктыыр эрэйин көрөн кыстаабыт сордоох, балыксыт оҕонньор, биир солуурга толору күөнэҕи, иккис солууругар сэттэ моонньоҕонун буһаран ыргытан кэбиспит уонна барытын маска охсубут. И. Гоголев Матаҕаларын бэлиэр маска охсон кэбиспиттэр үһү. ХС
Өссө холобурдар (4)
Куртаҕа курулуйара, айаҕа куурара. Табах тардыах баҕа баһаам. Тулуйуо суох курдук. Ону баара саппыйатын маска охсубута ыраатта. В. Санги Маска уймаммат гына - 1) киһи аахсан да туһаммат, тугу да иилэн ылбат гына (иир-кутур, итир). Так, что своих не помнит (от старости, болезни, пьянства). Илиисэ эмээхсин маска уймаммат гына иирэн киһи-сүөһү тук буолбата. Болот Боотур Сорохтор, биирдэ эмэ төбөлөрө эргийдэҕинэ, маска уймаммат гына тиириллэн тураллар: үөхсүүтэ, охсуһуута, кэргэни атаҕастааһына, онтон да атына суох сатамматтар. ЧКС ОДьКИи; 2) олус хойуутук, дэлэгэйдик. Обильно, в огромном количестве, не счесть. Улахан күөллэргэ араас балык, омуннуу таарыйа эттэххэ, маска эрэ уймаммат гына үөскүүр. ХС Маска умньаммат мэник - сиэри таһынан олус мэник. Отчаянный шалун, сорванец. Тукаам, ол уолу кытта сылдьыма, маска умньаммат мэник. НАГ ЯРФС I. Маска эрэ ыттыбакка сылдьар кэпс. - киэбирэн, тииһигирэн хайдах да буолуон булбат. Вести себя высокомерно, кичиться и заноситься. Ити үөдэн, эмиэ киһи буолан, атын үлүгэрдик киэмсийэр ээ... Билигин биһиги бөлөнөхпүтүгэр уойан, маска эрэ ыттыбакка сылдьара буолуо.
П. Ойуунускай
Мас көнө көр көнө I
Мас көнө дьон ыраас суобастаах, үлэттэн атыны билбэт, мэлдьи аҕыйах саҥалаах буолааччылар. Г. Нынныров. Анфиса букатын мас көнө, муус ыраас буолбатах. Кини хараахтара уустук, бэйэтэ этэринии "бутуур", "олох элбэххэ үөрэппит" киһитэ. ФЕВ УТУ. Ирбиһэх мас хайдыбытыныы көнө, үгүс тыла суох, киһи тылыгар кииринигэһэ суох диэннэр, кинини кытары Моһой кэпсэтиэх буолла. Уот ч. Мас курдук кэпс. - 1) булгуччу, хайаан да, биир тыла суох.
Обязательно, непременно, во что бы то ни стало.
Мас курдук барар-барбат тылгын этэ оҕус! Амма Аччыгыйа Аҕата киэһэ кэлэн уолугар: "Эйигин мас курдук үөрэттэрбэппин", - диэн эмиэ хомотто. Бэс Дьарааһын. "Сарсын мас курдук ол харчыны аҕал," - диир Хаҥханта, уордайан олорон. "ХС"; 2) тугу да гыммакка, сөҥөн, хамсаабакка (туохтан эмэ соһуйан дуу, өйдөөбөккө дуу туран, олорон хаал). Как истукан (стоять, сидеть), стоять истуканом. Мас курдук олорон хаалымыаҕыҥ, Бараныахпытыгар диэри Барсыспахтаан хаалыаҕыҥ.
Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (7)
Ньукулааскы туох буолбутун өйдөөбөккө, мас курдук туран эрэ хаалла. ХС Мас-таас курдук - бигэтик, кытаанахтык, ханалыппакка, биир-икки тылынан (эт, саҥар). Твердо, решительно, категорично, как отрезать (сказать). Василий Макарович, Кыыс Хотун итинник мас-таас курдук тыллаһыа диэбэтэх киһи, чинэрис гына түстэ. А. Сыромятникова [Остуорас дьахтар Дабыыкка:] Милииссийэ тахсыбыт, эйигин мас-таас курдук ыҥыртарар. У. Нуолур Дьон ыйыттахтарына Дьэбдьиэ ордук мас-таас курдук быһаччы эппэккэ, сэрэнэн, тугунан эмэтэ ханалытан аккаастыыр буолбута. ХС Мастаах дойдуга баппат - кимниин да сатаан тапсан олор бот. Ни с кем не уживается. Мастаах дойдуга баппат Баламат майгылаах Баранаак эбиккин. И. Теплоухов-Тимофеев Мас тас диирин уйбат - кыраны да уйбат, олус ньиэрбинэй, киҥнээх. Вспыльчивый, раздражительный. Кэбис-кэбис, киниэхэ инньэ диэбэппин, мас тас диирин уйбат дьахтара. ХС Мас тосторунан I кэпс. - олус түргэнник (сүүр). Очень быстро (бежать, мчаться). Саа тыаһыттан соһуйбут куобах мас тосторунан ойдо. НАГ ЯРФС II. Мас тосторунан II кэпс. - олус куруубай, кыайан бэйэтин туттум мат. Грубый, резкий, невежливый. Силипиэни кытта сэрэнэн кэпсэтээр, мас тосторунан майгылаах киһи. НАГ ЯРФС II.
Мас төрөөн көр мас курдук 2
Манчаары абаҕатын тылыттан, албыннаабыта баламатыттан соһуйбута бэрдиттэн мас төрөөн хамсаабакка хаалла. Софр. Данилов. Балачча кэтэспиппит кэннэ Ойуунускай олбуор түгэҕиттэн бу тахсан тиийэн кэллэ. Биһиги эрбиибитин ыһыктан кэбиһэн баран, үһүөн хамсаабакка мас төрөөн, саҥата суох кини диэки көрөн турдубут. Н. Заболоцкай. Мастыы бат - туохтан эмэ кыккыраччы аккаастанан, батан кэбис.
Отказаться наотрез от чего-л.
Сүүрүүлээх [киһи аата] тустууну мастыы баппыта. ХС Мастыы тардыс - кимниин эмэ тэҥҥэ киирис, эгил-тэгил буол. Тягаться с кем-л. на равных. Бастакы декадаҕа эһиги бастаабыккыт, иккискэ кинилэр, билиҥҥитэ мастыы тардыһан иһэҕит, ый түмүгэр хайаҕыт буолар. "Кыым". Мас хатырыгын курдук - олус элбэх, дэлэгэй буолан сыаналаммат, улахаҥҥа ууруллубат буолбут. соотв. как грязи (очень много). Кырса, саһыл мас хатырыгын курдук, оннук сыаната суох буолбут, тэбэ сылдьаллар, иһэхтэригэр кэһэллэр диэн үгүс куоратчыт кэпсээн кэлээччи. А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Мас чаакы буол түөлбэ. - тугу эмэ кэтэһэн мээнэ сырыт. Болтаться без дела в ожидании чего-л. Куоракка киириэхтэрин баҕалаахтар [массыына кэтэһэн] МТС гарааһын таһыгар эрдэ, киэһэттэн мустан, мас чаакы буолаллара. ХС
Маһын ииктэтэр көр ииктэт
Халлааммыт маһын ииктэппит. НАГ ЯРФС II. Окко-маска (маска) умньаммат акаары - өйүнэн тиийиммэт.
Дурак стоеросовый.
Тэҥн. мас акаары. Оруо маһы ортотунан - сиэргэ баппаттык, тосту-туора, баламаттык (быһыылан, саҥар-иҥэр). Бесцеремонно, нахально, на рожон (вести себя, высказываться). Атаанап оруо маһы ортотунан [Макаровы] эккирэтэр, араас бөҕү-саҕы кини туһунан була сатыыра иһиллэр. Д. Таас Бу дьахтар анараа Аанчык курдук, оруо маһы ортотунан, була сатаан мөҕө-мөҕө сылдьыбат идэлээх. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
Поэзия туһунан кэпсэтэ олордохторуна, эн оруо маһы ортотунан бэйэҥ үлэҥ былаанын туһунан кэпсээн киирэн барыа суохтааххын, -- ол кэпсэтии култуурата. ФВН ЭХК
6 этии #
Нууччалыы Костыль. Сотору икки баттык маска тайанан, эргэ синиэлин тэллэҕэ соҕотох сототугар охсуллуммахтаан, Түмэппий тиийэн кэллэ. Амма Аччыгыйа. Василий түннүк сэҥийэтигэр өйөннөрө ууруллубут -- баттык мастарын ылла. Н. Лугинов. Уҥа диэки биир аан аһылынна -- олус дьүдьэйэн, саһаран хаалбыт киһи баттык мастарга хоннохторуттан ыйанан, быган көрдө. Л. Толстой (тылб.); 2) тугу эмэ баттатарга туттуллар мас. Деревянная подпорка. Дьиэбитигэр ким эрэ сылдьыбыт, баттык маспытын ылан кэбиспиттэр. Эрилик Эристиин. Дьиэ маһа көр дьиэ I. Холкуостаахтар дьиэ маһын таһаннар хотоҕостоотулар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Ис мас - тэбиэх диэн курдук. Уус Анатолий оҕотун ис маһын эбиэттэн киэһэ оҥоруох буолла. В. Яковлев. Утар. тас мас. Кыс мас көр кыс II. Бүөтүр кыс маһыгар, бэрэстээк үрдүгэр сүгэ уга буолар хатыҥы суора турар. Р. Кулаковскай. Сарсыарда, барыахтарын иннинэ, Сэргэйдээх Киирик кыс маска олорон кэпсэттилэр. "ХС". Кыстык мас көр кыстык I. Оҕонньор кыстык маһыгар тахсан эҕэрдэлии хаалла. Амма Аччыгыйа. Кэрэх мас - кэрэх ыйаммыт маһа. Дерево, на которое вешали шкуру жертвенного животного. [Хатан Тэмиэрийэ:] Аан дойду атыыра, Ааттаах ойуун өллө, Муҥатыйдым, Муҥурданным -- Ким кэлээхтээн Кини курдук кэрэх маска кэп туонуоҕай? П. Ойуунускай. Мас арыыта көр арыы II. Мин нуормалаах килиэппин мас арыытыгар умньаан аһыы олордум. Н. Габышев. Балыгы соркуойдааһыҥҥа хайаан да мас арыыта эрэ туһаныллыахтааҕын өйдүүр наадалаах. ТИИ ЭОСА. Өскөтө быһах эбэтэр биилкэ балык сыттаах буоллахтарына, тымныы ууга мыылалаан сууйуллар, онтон мас арыытынан оҕунуохтаан үчүгэйдик сотуллар. "Кыым". Мас көтөрө - ойуурга үөскүүр, онно олохтоох бултанар көтөрдөр уопсай ааттара. Лесная дичь. Бу тыаҕа тииҥ, кырынаас, куобах суоллара, мас араас көтөрдөрүн суоллара элбэхтэр. Амма Аччыгыйа. Ахсаана суох мас көтөрдөрө: улар, куртуйах, бочугурас, хабдьы кыһыннары-сайыннары үөрдүүр. И. Данилов. Ардыгар мас көтөрүн Кэрэмэс дьиэтин ааныгар таһар идэлэннэ. "ХС". Мас кыстыыр - дьиэ таһыгар оттор маһы эрбиир, хайытар сир; хайытыллыбыт маһы дьиэ иһигэр сааһылаан уурар сир. Место во дворе для распилки и расколки дров; место в доме для складывания поленьев. Ыстапаан -- мас кыстыырга сытар сүгэтин ылан уот иннигэр эргим-ургум көрө олордо. А. Софронов. Мас кыыла түөлбэ. - 1) тыалаах сиргэ үөскүүр кыыл таба. Дикий северный олень, обитающий в лесной полосе. Мас кыыла таба атын көрүҥнэриттэн лаппа улахан буолар. "ХС"; 2) улар. Глухарь. Мас кэрдээччи - тутууга эбэтэр уокка отторго анаан маһы суулларар, бэлэмниир киһи. Лесоруб. Дьукаахтыылартан иккистэрэ -- бириискэҕэ туттуллар шахта өйөбүлэ, тирээбилэ бэрэбинэни кэрдэ кэлбит мас кэрдээччи. Н. Заболоцкай. Мас кэрдээччилэр тыаны кэрийбиттэрэ, мастары охторон барчалаабыттара. "ХС". Урут, биллэн турар, мас кэрдээччи туттар тэрилинэн сүгэ уонна тимир эрбии буолара. "Кыым". Мас ойуун - бөкүнүк, биитэр түөрт кырыылаах мас оонньуур (кылгас атахтаах, арыый уһун тутаахтаах, холоруктатан оонньууллар). Юла (волчок). Тыыраахы көтөрүм мас ойуун курдук күөл үрдүгэр кукунайа-кукунайа ууга суптурута түһэн ылар. Н. Неустроев. Дьон быыһынан -- тиэтэйбит официанткалар мас ойуун курдук ытыллан ааһаллар. Н. Заболоцкай. Мас сыыһа - тугу эмэни уһанарга, тутарга эбэтэр маһы мастааһыҥҥа тахсар мас бытархайа. Щепка. [Дьэбдьиэ:] Ханнааҕы маспытын оттор үһүбүт. Кыс маспыт эстибитэ. Арай мас сыыһа киллэрээ инибин, онтукабыт да бүппүт быһыылааҕа. Суорун Омоллоон. Уол куһун тостубут кынатын биир сэбирдэҕинэн суулаата, таһынан чараас мас сыыстарын тутта, ол таһынан таҥас кырадаһынынан бобо кэлгийдэ. Т. Сметанин. Лэкиэс Түргэн соҕустук хоруобун үгэххэ киллэрэр уонна тахсан мас сыыһын харбыыр. С. Ефремов. Мас тардыһыы - саха национальнай спортивнай күрэхтэһиитин көрүҥэ: икки киһи сиргэ утарыта олорон, атахтарынан тэбинэн, биир маһы тутан бэйэ-бэйэлэрин тардыһыылара - маһы төлө ыыппыт, өндөйбүт киһи кыайтарар. Якутский национальный вид спорта: проигрывает тот, кто первым выпускает палку или побеждает тот, кого перетягивает на свою сторону противник (букв. перетягивание палки). Ыһыахха сырсыы, мас тардыһыы, тустуу кэнниттэн, киэһээҥҥи сөрүүн түһэн эрдэҕинэ, ат сүүрүүтэ саҕаланна. Н. Босиков. Мас тардыһыы кыһыннары даҕаны дьиэ иһигэр оонньонорунан үчүгэйдээх. ЧМА ЭТНББ. Мас тардыһыы кыттааччылары барыларын кытта тардыһыы ньыматынан [круговой ньыманан] ыытыллар. СНККБ. Мас туруйата көр туруйа. Мас туруйата уйатын уулаах, бадарааннаах сиртэн чугас суон тиит маска оҥостор. "ХС". Мас ууһа - маһынан уһанар, дьарыгырар киһи. Столяр. Хабырыыс эһэтэ Сэмэн оҕонньор - ааттаах мас ууһа. Амма Аччыгыйа. Тамалакааҥҥа былыргыттан быйылга диэри мас уустара олохсуйбуттар уонна ол дьиэлэрин оҕолоругар биэрэн испиттэр. "Кыым". Мас усса эргэр. - төрөөбөт дьахтар. Бесплодная, нерожающая женщина. [Огдооччуйа:] Ийэм эргэ тахсан баран, отуччатыгар диэри төрөөбөтөх, этэргэ дылы, мас усса дьахтар буолан сылдьыбыт. И. Гоголев. Мас үөнэ - мас хатырыгын анныгар үөскүүр, чиэрбэҕэ майгынныыр үрүҥ дьүһүннээх лыахтыҥылар ыамалара. Древесница (личинка бабочки). Баараҕай көҥдөй тииттэн мас үөнүн көрдөөн киргил, Тыа чуумпутун уйгуурдан, Тыҥкыначчы ытаабыта. Күннүк Уурастыырап. Дьиэ маһын мас үөнэ тобулута сиирэ үгүс буолар. Ону быыкаайык хайаҕастар баар буолбуттарыттан көрөн билиэххэ сөп. Дьиэ к. Мас үрүмэччитэ - күл курдук болоорхой дьүһүннээх, улахан истээх лыах. Шелкопряд сибирский. Мас үрүмэччилэрэ кытарымтыйбыт сэбирдэхтэр үрдүлэригэр көтөн эйэҥнэһэллэр. "ХС". Олох мас көр олоппос. Дьэргиэйэп олох маска олоро түстэ, уһун сототун оллооннуу уурунан кэбистэ. Амма Аччыгыйа. Сибэккилээх бөлкөйдөр тастарынааҕы олох мастарга кырдьаҕастар сэһэргэһэ таарыйа сиэттэрин кэтииллэр. Н. Лугинов. Түннүк анныгар соҕотох кырабаат, хос ортотугар кырааскатын өҥө биллибэт буолбут бэйэ оҥоһуута остуол, лаппычах икки олох мас тураллар. "ХС". Тайах мас көр тайах II. Тоҥус сордонон-муҥнанан, иннинэн-кэннинэн иҥиэхтии иһэн, табалара үргүбүтүгэр тайах маһын мүччү тутта. П. Ойуунускай. Эмээхсин тайах маһын тайаарыччы дайбаан, ааҥҥа тиийдэ. Амма Аччыгыйа. Тайах маска тэптэрэн туран өкчөччү түспүт эмээхсин былааатын уһугунан эмиэ хараҕын соттумахтаата. Е. Неймохов. Тас мас - куорчах диэн курдук. Тас маһыгар сөптөөх үчүгэй харбыыл баар сирин ыйан биэрдэ. В. Яковлев. Утар. ис мас. Ср. уйг. маш ‘растение семейства бобовых’, тюрк. аҕач, аҕаш, агач ‘дерево’
Этиилэр
Аргы мас көр аргы
Аҕам илимин аргы маска ыйаата. "Кыым".
Арыҥах мас көр арыҥах
Арыҥах мас анныгар бэйэ куобах кирийиэҕинэн-кирийэн олорорун Никиитэ уол тэһэ көрөн ылла. ХС Баттык мас - 1) атаҕа ыалдьар киһи хонноҕор тирээн хаамарыгар туттар анал балтыһах маһа