Перевод с якутского
акаары
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы глупый
English foolish, stupid; stupid, dumb
Ис хоһооно · 7
1 даҕааһын #
Нууччалыы глупый
English foolish, stupid; stupid, dumb
акаары киһи глупый человекa stupid person
2 аат тыл #
Нууччалыы глупость
English stupidity
бэйэтин акаарытыттан эрэйдэннэ она пострадала по своей глупостиshe suffered because of her own stupidity
3 даҕааһын #
1. даҕ. Ситэ сайдыбатах өйдөөх, маалгын
Нууччалыы Глупый, бестолковый, придурковатый
Өндөрөөс оҕонньор - оо, акаары оҕонньор буолаахтыа дуо! - хайаан даҕаны ааны-хайаҕаһы булан, суолу-ыллыгы көрөн сылдьар буоллаҕа дии.
П. ОйуунускайАтаҕын эрэ тумсун батыһар Адьас акаары киһи Арыгыһыт буолуон, Иннин-кэннин билбэт Иирээки эрэ киһи Иһээччи буолуон сөп. А. Софронов “Оок-сиэ, дьэ акаары да киһибин, ити хайдах өйдөөн ыйыппакка хаалбыт бэйэбиний!”- диэн Кеша улаханнык кэмсиннэ Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
[Байбал:] Мэниги, акаарыны, буойуоххун, үөрэтиэххин билиминэ, тэптэрэ олороҕун. А. Софронов "Сэбиэскэй былаас акаарылары, эһигини, аһынан амньыыстыйа биэрбитэ!" - Микиитэ Сахаарга ыган тиийдэ Амма Аччыгыйа
4 даҕааһын #
Оттомо суох, туолката суох (хол., кэпсэтии, быһыы, саҥа, ардыгар - көтөр-сүүрэр эҥин)
Нууччалыы Бестолковый, глупый, безалаберный; непродуманный, необдуманный (напр., о разговоре, поведении, поступке, выражении глаз, иногда - о птицах, животных)
Акаары саҥа хаһан да көрдөөх буолбат. Амма Аччыгыйа Түүн былыр хаһан да көстүбэтэх акаары түүл киирэр, күнүс эрэйтэн эрэй батыһан өтүү курдук субуллар.
М. ШолоховМииппээн эргиллэн туох да быһаарыыта суох акаары харахтарынан уолу "супту көрөн" турда Амма Аччыгыйа
5 аат тыл #
Ситэ сайдыбатах өйдөөх, маалгын киһи
Нууччалыы Глупец, дурак. [Уйбаанчык:] Ийээ, кыыһыҥ улааттаҕын ахсын акаарыта бэргээн иһэр
6 даҕааһын #
үөхс. Сэнээн, атаҕастаан, үөҕэн этии; тугу эмэни толкуйа суох оҥорон баран, кыһыйан-абаран үөхсүү
Нууччалыы Бранное междометное слово; дурак, глупец; недотепа
Оо, акаары! Хайдах итини өйдөөбөтөхпүнүй? Уолуҥ, үөрэхтээҕимсийэн, ыраахтааҕытын, таҥаратын умнуо. Акаары, ону билэҕин дуо? Эрилик Эристиин Акаары! Иирбиккин дуу?.. Бэҕэһээ киэһэ суолтан булбут орбууспут хаҕын маарыын тураат сиэбиппит буолбат дуо? Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Акаарылар, эһиги тугу билэҕит? Киһи аймах өстөөх кылаастарынан арахсан олорорун эһиги билбэккит дуо? Амма Аччыгыйа
7 этии #
Нууччалыы Набитый (отпетый) дурак
Этиилэр
Тар (дар) акаары көр далай акаары
Сөрү-сөҕөн, бэркиһээн, Кэлин улам дьиктиргээн, Тар акаары дии санаан Тахса турда Харачаан. Г. Данилов. Туос акаары - хоҥ мэйии; көстөн турар акаарыны саҥарар киһи.
Пустоголовый; человек несущий явную глупость, чушь.
- О, туос акаары муҥнаах! Ити эн кырдьык этэҕин дуо? - Самнара олоро биэрэр. П. Ламутскай Мородулар эбии сытайан биэрдилэр: Орут-орут орой мэник, туос акаары диэн кини. Н. Заболоцкай