ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

акаарытый

туохтуур

Нууччалыы становиться глупым; глупеть

1 туохтуур #

Өйгүнэн мөлтөөн, акаары буолан хаал, акаары буолан ис

Нууччалыы Становиться глупым; глупеть

  • Хайҕаммыт киһи акаарытыйар, мөҕүллүбүт киһи өйдөнөр.
    Н. Габышев
  • Кэнникинэн туостар утуу-субуу этиллэн, элбээн барбыттара. Гриша көрөн олордоҕуна дьоннор бары уларыйдар уларыйан, аар-маар буола акаарытыйан иһэллэриттэн сөрү диэн сөхпүтэ
    Э. Соколов

2 туохтуур #

Баар балаһыанньаны ситэ өйдөөбөккө, сөбө суохтук, акаарытык быһыылан, сыыһа быһаарыныыны ыл

Нууччалыы Неверно оценив ситуацию, имеющиеся факты, принимать неверное решение; сглупить, наглупить

  • Акаарытыйан биэр.
  • Адьарай да ааттаахтара Адьас да акаарытыйар эбиттэр!
    П. Ойуунускай
  • Эй, хотуой, сэрэн, акаарытыйыма, көстө кэлбит дьолгун куоттарыма.
    И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (1)
  • Акаарытыйыма, түргэнник суруйа оҕус, ийэҕин эрэйдээмэ, өйүттэн таһаарыма, бырастыы гынарыгар көрдөс уонна барытын кэпсээ. “
    ЭК

«А» буукуба