ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

улар

аат тыл

Нууччалыы глухарь.

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Дабыдалыгар уонна кутуругун үөһээ өттүнэн эрэ үрүҥ куорсуннардаах, хара дьүһүннээх, кыһыл хаастаах, бөдөҥ мас көтөрө

Нууччалыы Глухарь. Биирдэ эмэ хара улар тиит төбөтүгэр хатанан тугу эрэ тойоннообут курдук чолойон олороро көстөр. Н. Неустроев. Дьөгүөрдээн өлөрбүт уларын сайбаарыччы туппутунан киирэн кэллэ. Амма Аччыгыйа. Уҥуор ыгым улардар Куллугуруу охсоллор. С. Данилов

2 аат тыл #

Өйүн тута илик мэник-тэник оҕо (үксүгэр аҕыс-уон саастаах оҕо туһунан)

Нууччалыы Бестолковый, шаловливый ребёнок (обычно о ребёнке в возрасте от восьми до десяти лет)

  • Суһуохпун чороччу эринэн, Мэнигилээн дьэргэстэнэн, Оонньоон хоройдонон, Уончабын туолан, Уларбар түһэн сырыттахпына.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Уоннааҕар улар буолан барбыт
    ХС
  • Онон бу сааһы оҕо улар буолар кэмэ дииллэрэ оруннаахха дылы.
    ЧКС АК

3 этии #

Нууччалыы Становиться глупым, глупеть

Этиилэр

Улар буол

тугу да өйдөөбөт, аахайбат буол, акаарытый Улаатан баран улар буолбут диэбиккэ дылы (өс хоһ.

  • ).

Улар мэйии көр мэйии

  • [Өрүүнэ оҕонньорун:] Сараһын, сааһырдаҕыҥ аайы аар акаары, улар мэйии буолан иһэҕин.
    В. Ойуурускай

Улар мэник

мэник-тэник, улдьаа (аҕыс-уон саастаах оҕону этэргэ).

Бестолковый, шаловливый (о ребёнке от восьми до десяти лет).

  • [Удаҕан – Кулун Куллустуурга:] Уруугун билбэт уһунуҥ тухары улар мэник, төрөөбүт төрүт уруугун миигиттэн түөстэрэҥҥин истиэххин баҕараҕын дуо? ПЭК ОНЛЯ III. Мас, туос ынахтардаах Мааны саас чаҕылынна, Ураҕас уһуу аттаах Улар мэник күнүм үүннэ.
    Н. Босиков
  • Улар мэник уолчаан сылдьаммыт ырбаахыбытын туу оҥостон балыктыыр үрэхпитин көрөммүн дууһалыын долгуйдум. “ХС”

4 этии #

Нууччалыы Тёмно-серый или помесный глухарь (гибрид обыкновенного и каменного глухарей)

Этиилэр

Бэс улара көр чакыр улар

  • Бэс улара Бүлүүгэ Чуона, Улахан уонна Аччыгый Ботуобуйа, Аппайа, Бүлүүчээн уонна Кэмпэндээйи өрүстэр тыаларыгар ордук тэнийбит.

Сиэнчэр улар

хараҥа сиэрэйдиҥи, күллүҥү өҥнөөх, хара-сиэрэй тумустаах улар (чакыр улар уонна хара улар булкааһа) Сиэнчэр улары атыннык “ыллык тумус” диэн ааттыыллар.

Тиит улара көр тиит

  • Аҕам тиит уларын бултаабыт.

Улар охсуута

улардар ууһаары ханыыларын булсар оонньуулара, кэмнэрэ.

Глухариный ток, токование глухаря.

  • Учуонайдар улар охсуутун күһүн эмиэ кэтээн көрбүттэр.

Хара улар

көхсө, кутуругун үрдэ маҥаннаах, хара тумустаах кыра улар.

Каменный глухарь.

Чакыр улар

харатыҥы сиэрэй өҥнөөх, кынаттара кугастыҥы, түөһэ маҥан бээтинэлээх, хабарҕата, куолаҕа от күөҕэ толбонноох, үрүҥ тумустаах улар.

Глухарь обыкновенный, пальник.

  • Чакыр улар кытыан отонунан, уулаах, уҥуохтаах отоннорунан, бэс иннэтинэн, туорааҕынан аһылыктанар.

Эрдэҕэс улар

улар тыһыта.

Самка глухаря, глухарка.

  • Кыһыллаай иннигэр эрдэҕэс улар моонньо күөх от быыһыгар күөкэҥнээтэ, уһун токур кутуругун сиргэ соспут.
    Л. Попов
  • Биир киһи, сөһүргэстээн олорон, эрдэҕэс улары үргээн бурҕаҥнатар. “ХС”

«У» буукуба