Перевод с якутского
тиит
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы лиственница
English larch
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Хагдарыйан түһэр мутукчалаах, төгүрүктүҥү туораахтаах чиргэл эттээх мас
Нууччалыы Лиственница
Тииттэр күөх солконон бүрүммүт хойуу лабаалара биэтэҥнээн долгулдьуйар. Амма Аччыгыйа Арай үрдүк тэҥкэ эрэ тииттэр чыпчааллара суугунуура уурайбата.
Суорун Омоллоон[Күөрэгэй] хас да алаастары туораан, бөдөҥ тииттэрдээх чагдаҕа киирдэ. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Тиит маһа чиргэл, дэбигис сытыйбат, эмэхсийбэт кэриэтэ КЗА АҮө
2 аат тыл #
түөлбэ. Мас субата
Нууччалыы Луб
Тиит ук. Индигиир кыыһа тиит дьиэлээх үһү (тааб.: киргил уйата). Обуй дьарҕаа моонньохтоох, Чопчу курдук оройдоох Тоҕус сул тиит сэргэни Тоҕуоруччу чуоҕуппуттар. С. Зверев Ол көһүннэ: мин оҕо сылдьаммын Оонньообут сирим - тиит иһирик И. Чаҕылҕан
3 даҕааһын #
суолт. Тииттэн оҥоһуллубут; аҥаардас тиит эрэ мастаах
Нууччалыы Лиственничный
4 этии #
Нууччалыы Сосновый луб
Этиилэр
Тиит мас көр тиит 1
Суол икки өттүнэн -- тиит мас ыга симсэ кэккэлиир. Далан. Итииргээн иһийбит тиит мастар Кэрииргэ кэккэлээн тураллар. С. Данилов. Күпсүүрү оҥорорго бэйэтэ охтубут, таһа ханан да хайдыбатах, ортото эмэх буолбут кураанах тиит маһы булан, быһа эрбээн ылан эмэҕин тэбээн кэбиһэҕин. ЧАИ СБМИ. Тиит сыалыйата - тиит суон төрдө, төрдүн саамай суон сирэ.
Толстое место лиственницы вокруг её основания.
Суон тиит сыалыйатын быһан ылан буорга хаһан хамсаабат гына олордоллор. МАП ЧУу. Тиит тиитэ түөлбэ. - тиит субата. Лиственничный луб. Сайын саҥатыгар дьахталлар бэс үүммэт сиригэр тиит тиитин хастаан аска туттарга хаһааналлара.
Тиити төргүү мутугунан көр мутук
Тоҕус томторҕолоох тойон аар сэргэтигэр, тиити төргүү мутугунан холобурдаах тэбэр тураҕас аттарын тумул хайа саҕа туора баайан кэбистэ. Саха фольк. Тоҕус халлаан үрдүгэр тура төрөөбүт, тиити төргүү мутугунан тэбэр тураҕас аттаах Дьулуруйар Ньургун Боотур обургу көстө көтүтэн иһэр! Ньургун Боотур. Тиит тыа (ойуур) - аҥаардас тиит эрэ мастаах тыа (ойуур).
Лиственничник.
Тиит ойуур күнү бүөлүү үүммүт, Тииҥ манна туораах курдук үксээбит. Н. Тарабукин Тиит улара түөлбэ. - хара улар. Каменный глухарь. Тиит үөрэ - тиит субатын тарга эбэтэр үүккэ (сиҥэҕэ) ытыйан оҥорбут ас. Похлёбка из лиственничной заболони на молоке или на замёршей простокваше. Тиит ымыы түөлбэ. - ымыы чыычаах. Клёст белокрылый. Тиит эргийээччи түөлбэ. - кэкэ-бука. Поползень. Др. -тюрк., тув., алт., хак., кирг., шор. тыт