ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

атырдьах

аат тыл

Нууччалыы сельскохозяйственное орудие для метания и укладки сена в копны, вилы

English pitchfork

1 аат тыл #

Оту кэбиһэргэ, бугуллуурга аналлаах туттар тэрил (хаппыт титириктэн нарыланан оҥоһуллубут укка оту батары анньар уһуктаах өттүгэр 30-ча см уһуннаах, ачаах курдук салааны (чохойу), сигэнэн баайан, олордуллар)

Нууччалыы Сельскохозяйственное орудие для метания и укладки сена в копны, вилы (изготовляются из сухой лиственницы: к острому концу древка накладывается и завязывается в виде параллельного рога тальниковыми ремешками примерно 30 см вспомогательная остроконечная ветка)

  • Дьөгүөрдээн атырдьаҕы туора тутан, илиитинэн баттыалаан чиҥэтэ-чиҥэтэ, уонча бугулу бугуллаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Урууп быраата, биир уолан киһи Сэмэн, дьиэ ааныгар олорон, хараҕар даҕайан көрө-көрө, атырдьах сигэлиир.
    Күндэ
  • Сытыы үөрбэ атырдьаҕынан бугулу анньан ылаҕын
    Т. Сметанин

2 этии #

Нууччалыы Рассориться навечно; расстаться навсегда, (у древних якутов был такой обычай: два брата или друга, поссорившись брали вилообразную палку или ветвистую траву и, разорвав на две части, уходили в разные стороны, даже не оглядываясь

Этиилэр

Атырдьах маһын курдук араҕыс көр атырдьах маһыныы араҕыс

  • Хата күнү-дьылы тутума, таах сыгааннаан тылласпат, баттыыр буоллаххына баттаа, оттон суох буоллаҕына суох - атырдьах маһын курдук арахсабыт. Суорун Омоллоон

3 этии #

Атырдьах ыйа - халандаарынан ахсыс ый, сайын бүтэһик ыйа: от ыйын кэнниттэн кэлэр

Нууччалыы Август. Атырдьах ыйын ыраас күннэрэ турбуттара. Н. Заболоцкай. 1914 сыллаахха атырдьах ыйыгар аан дойду бастакы сэриитэ саҕаланар. П. Филиппов. Куруорт үс сезоҥҥа эмтиир - бэс, от, атырдьах ыйдарыгар. И. Данилов. Кыдама атырдьах - кэбиһиллэр от үрдээбитин кэннэ, түстэнэрин саҕана туттуллар уһун атырдьах. Длинные вилы, которыми метут и завершают верхнюю часть стога. Ааныска балтараа саһааннаах кыдама атырдьаҕы ньилбэгэр биллэҕэн туруораат, ньүрүс гынан, бугул аҥаардыыта оту өрүтэ эһэн биэрэ турбут. Амма Аччыгыйа. Ортолуур атырдьах - кэбиһиллэр от аҥаара буолбутун кэннэ туттуллар орто кээмэйдээх атырдьах. Вилы, которыми метут верхнюю половину стога. Оппут үрдээн эрэр, онон ортолуур атырдьаҕынан кэбиһэн бардыбыт. Тимир атырдьах - мас уктаах, үс эбэтэр түөрт салаалаах тимир атырдьах. Железные вилы с деревянной рукояткой. От таһыгар үс тимир атырдьах сиргэ батары анньыллан турар. Быыкаа ампаар аанын чанчыгар саха билбэтэх сэбэ-сэбиргэлэ чуоҕуспут: тимир кытыылаах мас лаппаакы, түөрт тимир үөлэрдээх атырдьах, онтон долбуурга буор көһүйэлэр эгэлгэлэрэ кэккэлээбиттэр. Л. Попов. Тюрк. адыр, азыр, айыр

«А» буукуба