ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыдама

аат тыл

Нууччалыы вилы, используемые при стоговании сена длиною, примерно, в четыре метра

1 аат тыл #

Оту кэбиһиигэ түстүүргэ аналлаах түөрт миэтэрэ кэриҥнээх уһун уктаах атырдьах

Нууччалыы Вилы, используемые при стоговании сена длиною, примерно, в четыре метра

  • От кэбиһээччи кыдаматын тайахтанан баран, угаайы кэлэрин күүтэн турар.
    С. Васильев
  • Үс салаалаах Кыдама атырдьах саҕа Таллан таас биилкэнэн Хаардаах бугул Быһаҕастыытын курдугу Хамыйа анньан ылан, Харгыйбыт киһи быһыытынан Сии-аһыы турар эбит.
    Д. Говоров
  • Василий Ларионов ырбаахытын сиэҕин ньыппарынан баран, кыдама уга мэтэлдьийэр бугулларын түөрүтэ баһа турар
    С. Федотов

2 этии #

Нууччалыы Праздник, по поводу завершения сенокоса

  • Кыдама сууйуута - сахалар хомуур бүппүтүн бэлиэтиир бырааһынньыктара Кулуһун уотугар солуурга чэй оргуйар, эт буһан бидилийэр. Бу аата, былыргылыы ааттаатахха, кыдама сууйуутун аһылыга бэлэмнэнэн эрэр.
    П. Аввакумов
  • Биирдиилээн даҕаны ыалларга Кыайыы-хотуу, хомуур үлэтэ туолан, Кыдама сууйуута буолан Алаас, үрэх ыалын аайы Алаадьы сыта аҥкылыйда.
    С. Васильев
  • От кэбиһиллэн, бурдук кылааттанан, үлэ-хамнас үмүрүйдэ. Кыдама сууйуута диэн биир киэһэ арыылаах саламаат сиибит. "ХС"

«К» буукуба