ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

баалкы

аат тыл

Нууччалыы палка.

I

1 аат тыл #

, кэпс. Соччо уһуна суох сонос мас

Нууччалыы Палка. Бастыҥ балык мэйиитэ - баһылыкка, бастыҥ баалкы - үлэһиккэ (өс хоһ.). Хатылы кыра дьоно тураннар, кинээһи баалкынан баһын хайыта сынньаннар уҥаран кэбиспиттэр. Эрилик Эристиин. Барыс баҕадьы баҕатыгар Бары сааттан тахсыбыт Баайдар-талымнар баалларын Баалкы бөҕөнөн үүрэннэр, Кыра-дьадаҥы дьоннору Баттыгастан таһааран Бастарыгын биллэрбит Бассабыыктыыр баартыйаҕа Махтал, баһыыба биэрэбит. Саха фольк

II

2 аат тыл #

Туох эмэ тутуу өһүөтэ эбэтэр муостатын сиһэ (хол., дьиэ)

Нууччалыы Балка. Тыраахтар дэлби тэпсибит чигдитин таһынан ааһан, муостата суох тэрээсэ баалкытыгар быраҕыллыбыт хаптаһыннарынан хааман дьиэҕэ киирэбин. Далан. Хотон үрдүгэр өһүөлэри бөҕөргөтөр баалкылар киллэриллибиттэр. ПДН ДьХ. Муоста баалкылара сиргэ тимирчи түһэриллэллэр. СГК ТҮЧ

«Б» буукуба