Перевод с якутского
сыһын
туохтуур
Нууччалыы палка
English (with dat.) to stick (to), adhere (to), cling to
Ис хоһооно · 12
1 туохтуур #
Нууччалыы палка
English (with dat.) to stick (to), adhere (to), cling to
олбуорга сыһын прилипнуть к заборуto adhere to the fence соҥҥо кир сыстыбыт грязь пристала к пальтоdirt stuck to the coat
2 туохтуур #
Нууччалыы сжиматься
English to contract
киниэхэ куор сыстыбыт он заразился корьюhe contracted measles
3 туохтуур #
Нууччалыы привыкать
English to get used to
үлэҕэр сыһын привыкнуть к своей работеto get used to one's work
4 туохтуур #
Кимиэхэ-туохха эмэ ыга чугаһаа, өйөн
Нууччалыы Прижаться плотно, прислониться к кому-чему-л
Сардаанка аҕатыгар сыста түспүтэ, оттон Ленкалаах Ньургун миэхэ хатаммыттара. Далан [Надя] дьарамай санныларын кумуччу туттан, илиитин мускуна-мускуна сылаас батарыайаҕа сыһынна.
Н. ЛугиновСиргэ сыстан сытан, боруоран көстөр халлаан сырдыгар кыһайан тулабын көрөбүн Т. Сметанин
5 туохтуур #
Кимиэхэ-туохха эмэ эпсэри буола иилиһин, биһилин
Нууччалыы Прилипнуть, пристать к кому-чему-л
Атаҕынан тэбинэн хоҥноору чыраахтаһар да, аҥаар атаҕа хам сыстан хаалар. Саха фольк Кини быраҕаттыыр суурадаһына сымала курдук истиэнэҕэ сыстар. Н. Якутскай Плёнка итии өтүүккэ сыстыбатын наадатыгар кини үрдүнэн өрбөх таҥаһы эбэтэр хаһыаты ууран өтүүктэнэр. ФНС ОС
6 туохтуур #
Биэрэккэ тигис, тохтоо
Нууччалыы Причалить, пристать к берегу
Таһаҕастаах баарсаны соспут борохуоттар бириистэҥҥэ сысталлар. П. Аввакумов Оҥочо түгэҕэр эргэ эрдии аҥаарын булан ыллым уонна дьэ үгүс эрэйинэн, бэрт арыычча, кытыыга сыһынным. М. Лермонтов (тылб.) Тохтоон, сынньанан, аһаан аас (үксүн кус, балык туһунан). Θ Временно остановиться на отдых, кормёжку (чаще об утках, рыбе). Бу хомоҕо кус бэркэ сыстар сирэ.
Өссө холобурдар (1)
Биһиэхэ манна ити балыктар эмиэ атырдьах ыйын ортотугар сысталлар. Багдарыын Сүлбэ. Киллэм биир кыракый арыытыгар (кус сыстар уута онно биир эрэ!) хаһыа да буолан киирэн, бэркэ сылдьан тахсыбыппыт СГС ӨСҮДь
7 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ холбос, кими эмэ батыс
Нууччалыы Присоединиться к кому-л
Хата бу, абаҕабар сыстаммын, баайга түбэстэҕим диэн үөрүөххүн сатаан үөрбэккин. А. Софронов Биир уолум, Былатыан, куоракка күрээн киирэн, бэлиитиктэргэ сыстан, билигин үөрэхтээх киһи буолан, бу былааска биир улахан тойонноро буолбут үһү.
Суорун ОмоллоонМин сайын устата Мичиҥниир Микииппэргэ сыстан, хотуурбун бэйэм оҥостор буола үөрэммитим П. Аввакумов
8 туохтуур #
Биир киһиттэн атын киһиэхэ көс, бэрилин, атын киһини сутуй (сыстыганнаах ыарыы туһунан)
Нууччалыы Заразиться; пристать к кому-л. (о болезни)
Оҕоҕо куор сыстыбыт. Сөтөл ыарыы сыстыбыт. Арыгыһыт киһи оҕото хайаан да арыгыһыт буолар дьылҕаламмат, атыннык эттэххэ, итириктээһин оҕоҕо ыарыы курдук сыстыбат. ЛЛА АКДС. Саҥа ыалдьыбыт дьон кимтэн сыстыбыт биричиинэлэрэ үгүс түбэлтэҕэ биллибэккэ хаалааччы Кыым
9 туохтуур #
Тугу эмэ оҥорорго улам үөрэнэн, сатабылланан ис
Нууччалыы Приобретать сноровку, умение в каком-л. деле
Охсубуттарын үһүс күнүгэр Сеня хотуурга, дьэ, арыый сыһынна. Н. Босиков Оннооҕор кэнникинэн үлэтигэр Игнатий илиитэ сыстан барда. М. Доҕордуурап Ити эрээри кини сүрдээх түргэнник сыстан, үөрэтэр албастарын эҥкилэ суох оҥорор буолбута. НЕ
10 туохтуур #
Улам бодоруһан, кимиэхэ-туохха эмэ чугаһаан, үөрэнэн бар
Нууччалыы Привязаться к кому-л., полюбить кого-л
Оҕо хаһан да харахтаан көрбөтөх тоҥ нууччатыгар сыстыбыт.
Суорун ОмоллоонКим-хайа иннинэ Тэллээбит [кыра оҕото] иччитигэр Толлоойукка сыстан барбыта. И. Федосеев Улахан киһиэхэ [Дьорҕоокко] улам сыстан, иччитийэн барда Н. Заболоцкай
11 туохтуур #
Суох буолууну, туох эмэ суоҕун этэргэ туттуллар (буолб. ф.)
Нууччалыы Отражает ситуацию, когда нет в наличии чего-л. (употр. в отрицат. ф.)
Кини түү сыстыбатах ньомоҕор сирэйигэр барыта бардам, барыта томороон, атын сиртэн аҕалан сыһыарыта быраҕаттаабыт курдук. Амма Аччыгыйа Былыт сыстыбатах кылба маҕан халлаан көстөр. Н. Якутскай Кыптыый сыстыбатах, Кыргыыны көрбөтөх Кылааннаах баттаҕын имэрийдэ Күн Дьирибинэ
12 этии #
Этиилэр
Сыа-арыы сыстыбатах киһитэ көр сыа-арыы
Наһаар, иирэ талах курдук имиллэҥнээбит, хачаайы, сыа-арыы сыстыбатах киһитэ этэ. Н. Босиков Эргиэн үлэһитэ диэтэххэ, сыа-арыы сыстыбатах хатыҥыр киһитэ райпо бэрэссэдээтэлэ Суворов. М. Попов