ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыа-арыы

аат тыл

Нууччалыы обобщающее слово, объединяющее животный жир, растительное и сливочное масло

1 аат тыл #

Сүөһүттэн ылыллар сыаны, арыыны, мас арыытын барытын аһыыр ас быһыытынан холбуур уопсай хомуур аат

Нууччалыы Обобщающее слово, объединяющее животный жир, растительное и сливочное масло (употребляющиеся в пище)

  • Библиотекаттан сабыс-саҥа кинигэлэри ылаҕыт, аҕыйах хонон баран, сыаҕа-арыыга илдьи булкуйан аҕалаҕыт.
    Р. Кулаковскай
  • Кини, маҕаһыын бэрэдэбиэһин курдук, кирпииччэлэри бэркэ кыһанан сыа-арыы буолбут хаһыаттарынан суулаата.
    ПН ДЫ

2 аат тыл #

Баай-тот, дэлэй, уйгу-быйаҥ олох

Нууччалыы Богатая, изобильная жизнь

  • Биһи холкуостаахтарбыт: "Сири таҥастаан, ууну хаайан -- сыаны-арыыны оҥоробут", – диэн номохтоноллоро саамай сөп
    М. Доҕордуурап

3 этии #

Нууччалыы Упитанный, тучный человек

Этиилэр

Сыа-арыы аллыбыт

эмис, уойбут, топпут (киһи) Кини, байан сыа-арыы аллан, килэйэн-халайан барбыта көстүбэтэр да, эргитиилээҕинэн-урбатыылааҕынан биллэрэ. Софр. Данилов. Сыа-арыы сыстыбатах киһитэ кэпс. – олус ырыган, дьүдьэх киһи.

Тощий, худой человек (букв. человек, к которому ни жир, ни масло не пристали).

  • Эргиэн үлэһитэ диэтэххэ, сыа-арыы сыстыбатах хатыҥыр киһитэ райпо бэрэссэдээтэлэ Сидоров Ксенофонт Тихонович.
    ХС

Сыаҕа-арыыга үҥкүрүт

дэлэй, үчүгэй иҥэмтиэлээх аһынан аһат.

Обильно вскармливать питательной пищей.

  • Бу бэйэтинэн Васяны хайдах бачча төп-төгүрүк, сап-саһархай оҥорон, сыаҕа-арыыга үҥкүрүтэн аҕалбытай диэн киһи иһигэр бэркиһии саныыр буолара.
    Н. Заболоцкай

Сыанан-арыынан аҕаабат көр аҕаа

  • Арыт ардыгар оннук айылаах сыанан-арыынан аҕаабат бытарҕан тымныылаах кыһыммытын истиҥник таптаан ырыа-тойук оҥостуммуппут аҥардас анысханыттан, тыйыһыттан эрэ тутулуктаах буолуо дуо? ФЕВ ДьС.

Итини мин куһаҕан санаабыттан эппэт этим

соҕотоҕун дьиэбэр түбүгүрэрим, оҕолору көрүүм-харайыым, ол үрдүгэр холкуоска үлэлиирим миигин сыанан-арыынан аҕаабат этилэр.

  • Ч. Айтматов (тылб.)

«С» буукуба