ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҕаа

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы смачивать, смазывать, увлажнять

English to smear, to stain

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Тугунан эрэ бис, оҕунуохтаа, кыратык сот (хол., арыынан)

Нууччалыы Смачивать, смазывать, увлажнять (слегка)

  • Аҕата тоҥон хаалбыт кэрэмэс саһылы иннин диэки анньан, дьиэҕэ киллэрбитэ. Ийэтэ хап-сабар саһыл муннун арыынан аҕаабыта.
    И. Федосеев
  • Бөкчөйбүт сиспитин Баай-тойот кымньыынан тарыыра, Сарыҥҥа быа быһа киирбитин Баастара хаанынан аҕыыра. Эллэй. [Киис Бэргэн:] Мин аҕам аҥааттан иһэрин анаараат, Тоҕо эн толбонноох ньууруҥ, Сылаас субайынан аҕаабыт эмэгэт курдук, Баланыйан хаалла?
    И. Гоголев

2 туохтуур #

Тугу эрэ тугунан (туохха) эмэ аал (хол., ыраастаары, ыарыыны уҕарыта); сотон аалан иҥэр

Нууччалыы Тереть чем-л. (напр., для очистки); втирать

  • "Ноко! Дьэ эрэ, сэрэнэн-сэрбэнэн тур эрэ, мин киһи илиим дьолуотун көр эрэ!" - диэн баран, сирэйин үс төгүл буорга аҕаата. Ньургун Боотур. Тоҥоммун-хатаммын, Ардыгар, ыксыыбын, - Иэдэспин тарбахпын Хаарынан аҕыыбын...
    Күннүк Уурастыырап
  • Үтүмэн үйэлэргэ үрүҥ күн итиитин Аарыма бу хайаларга аҕаан иҥэрбит
    М. Ефимов

3 туохтуур #

Ханнык эрэ сабыдыалы оҥор

Нууччалыы Оказывать какое-л. воздействие, влиять каким-л. образом. [Быһый Былатыан - Аргыстайга:] Хайа, киһи эрэйин, киһи көлөһүнүн сиргэ-буорга тэпсэр буоллаххына, атынынан аҕаарай, сүөһүҥ-аһыҥ төлкөтө төннөөрөй

4 этии #

Нууччалыы Делает поклеп, напраслину на кого-л. [Баһылай:] Чэ, ол курдук кураанах маска хаан аҕыы сылдьааччылар, холобур, эн биһикки билигин үчүгэйдиибит, ону эйиэхэ баран мин туспунан араастаан холуннарыах тустаахтар, ол оннугар эйигин миэхэ кэпсиэхтэрэ

  • Кураанах маска хаан аҕыыр - буруйа суох киһини сымыйанан була сатаан буруйдуур Ол курдук төттөрү-таары хобулаан, дьиэ-дьиэҕэ киирбэт гына оҥороллор.
    А. Софронов
  • Сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар (тобугар), уллуҥаҕын (тобугун) көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан - улаханнык, уһуннук илистиэр диэри эрэйдэнэн (тугу эмэ ситис). Θ После долгих, мучительных изнурительных трудов (добиваться чего-л. - букв. потом со лба обмазывая ступню, потом со ступни обмазывая лоб). Үс ини-бии бэйэлэрин бэйэлэрэ кыанан, сүүстэрин көлөһүнүн уллуҥахтарыгар, уллуҥахтарын көлөһүнүн сүүстэригэр аҕаан ыал буолан, буруо таһааран, сэниэ дьон аатыран олорбуттар.
    А. Бэрияк
  • Сүүһүм көлөһүнүн уллуҥахпар аҕаан, уллуҥаҕым көлөһүнүн сүүспэр аҕаан, бачча киһи-хара гынным буолб аат.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (5)
  • [Баһылай:] Баайым-үбүм, сүүһүм көлөһүнүн тобукпар аҕаан, тобугум көлөһүнүн сүүспэр аҕаан муҥнана-муҥнана муспутум кэннибэр хаалара кэллэ, оо, үлүгэр эбит...
    А. Софронов
  • Сыанан (сыанан-арыынан) аҕаабат - көннөрү судургу буолбатах, киһи илистэр, эрэйдэнэр суола. Θ Дело это нелегкое, помучаешься (букв.: это жиром не смажет). Бадарааннаах суолга матасыыкылы кытта эрийсэр сыанан аҕаабат.
    П. Егоров
  • Түөрт уон биирис сылтан ыла кыһын аайы окуопаҕа тоҥуу-хатыы сыанан аҕаабат.
    ХС
  • Кыһалҕа киһини сыанан-арыынан аҕаабыта биллибэт.
    Н. Заболоцкай
  • Кыһын тимир иҥэһэҕэ, тымныы ыҥыырга сиксиллии да эр бэрдин сыанан аҕаабат. С. Федотов

«А» буукуба