ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хааннаа

туохтуур

Нууччалыы пускать кровь, делать кровопускание

English (medicine) to bleed, to bloodlet

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Киһи этигэр-сиинигэр мунньустубут хааны анал ньыманан таһааран эмтээ (норуот эмчиттэрэ туттар ньымалара)

Нууччалыы Пускать кровь, делать кровопускание (употр. в народной медицине)

  • Содьоох отоһут кэлэн Сэппикиэй кырдьаҕаһы хааннаан барбытыгар, оҕонньоро кыырт буолан хаалбыта.
    Болот Боотур
  • Ньыыкан дьону үчүгэйдик көрөн-истэн, кими эрэ хаанныыр, сорохторго араас оттон-мастан оҥоһуллубут эми биэрэн ыытар. НЭНь. Төбөҥ хаана олус мунньуллубут, онон хааннаатахха эрэ сатаныыһы
    Чолбон

2 туохтуур #

Кыргыс үйэтин саҕана: өлөрбүт сиэртибэҥ хаанынан сэриилэһэр сэпкин сот

Нууччалыы В эпоху войн и сражений: мазать жертвенной кровью боевое оружие

  • Былыр кыргыһыыга баралларыгар биир эмэ уолу эбэтэр оҕонньору үҥүүлэринэн үөлэн уонна тобулута ытыалаан, сэптэрин хаанныыллара, илбистииллэрэ үһү. Саха сэһ. I. Кыргыс үөрэҕэр үөрэнэн бүтүүлэригэр сахалар боотурдарыгар ойуунунан илбис иҥэртэрэллэр уонна киһини өлөрөн, сэбин-сэбиргэлин хаанныыллар диир буолаллара.
    Далан
  • Тойонноро Маһарах этиитинэн, бу түүн Мас Өнүкүй ойууну кыырдаран, биир тараах күрдьүгэс кунан оҕуһу өлөрөн, сэрии сэбин хааннаатылар
    Чолбон

3 туохтуур #

харыс т. Кими эмэ өлөр

Нууччалыы Убить кого-л

  • Халлаан тылын тыллаһыма, Хаанныыр адьас сатаммат. Иирбит киһиҥ, хааны көрөн, Эбии бэргиир идэлээх.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хаммат сиэхсит Хас хааннаабыт сиэртибэтин Кутурҕанынан абаран Үлтү кэспиттэр
    А. Абаҕыыныскай

4 этии #

Этиилэр

Илиигин хааннаа көр илии

  • Илиитин эрдэттэн хааннаабыт буолан, дьону өлөрөрү-өһөрөрү кэрэйбэтэ, улахаҥҥа уурбата. ВНГ ГОПХ. Сиэхсити өлөрөн илиибин хаанныа суохпун. "Чолбон"

«Х» буукуба