Перевод с якутского
бис
туохтуур
Нууччалыы мазать, намазывать, смазывать что-л.
English to smear, grease
1 туохтуур #
Туох эмэ сыстаҥнаһынан (хол., арыынан, кыраасканан о. д. а.) туохха эмэ сотон ыл, сыбаа эбэтэр оҕунуохтаа
Нууччалыы Мазать, намазывать, смазывать что-л. (напр., маслом, краской и. т. д.)
Бааҥкалаах араҕас мааһы маарылаҕа биһэн баран, тиҥилэҕэр саба ууран бэрэбээскэлээтэ. Н. Якутскай Эн эһэҥ, эбэҥ, сөмүйэлэрин хара чоххо биһэн, “илии баттыыр” буолаллара. ББ [Оҕонньор уолун] моонньуттан хатыйа кууһаат, үлүбүөй сыллаа да сыллаа буолла, хараҕын уутунан уолун иэдэһин бистэ И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
Тугу эмэ сыстаҥнаһынан киртит, ньаҕайдаа. Θ Пачкать, грязнить чем-л. вязким, липким. Ол кини хас кирдээх ууну тоҕоругар, хас сыаны-арыыны биһэригэр барыа суох, кэбис. В. Ойуурускай Кэппит этэрбэскин, соҥҥун ынах сааҕа оҥорон, биһэн таҕыс Саха фольк
2 туохтуур #
Үрүт-үөһэ биири саҥар, мээрилээ
Нууччалыы Много раз говорить, повторять одно и то же
Күн сарсын кэлиэ диэбитим дии, биири хайдах биэстэ биһэҕин. С. Федосеев "Мин этэбин ээ: букатын хойут, сүрдээҕин сылайан кэлбитэ, сынньана түстүн", - диэн Чыкыйаа биири биһэр В. Протодьяконов
3 #
тыаһы үт. т. Туох эмэ ыарахан, сымнаҕас сиргэ түһэр тыаһа
Нууччалыы Звук, издаваемый при падении чего-л. тяжелого, мягкого на пол, на землю
Мөһөөччүк сиргэ бис гына түстэ