ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хааннан

туохтуур

Нууччалыы истекать кровью; испачкаться в крови

English to bleed

1 туохтуур #

Хаан таҕыс, хаан буол; хааҥҥа биһилин

Нууччалыы Истекать кровью; испачкаться в крови

  • Түргэн [ыт аата] хайыы үйэ хааннаммыт, саҥата туох да сүрдээх.
    Суорун Омоллоон
  • Оччугуй иһиттээх эмин Харбаан ылан, хааннаммыт сиригэр Харса суох халыччы кутта. Кустук. Кинилэр иккиэн илбиркэй таҥастаах, муннулара хааннаммыт этэ.
    ОЛ ПА

2 туохтуур #

Сирэйиҥ-хараҕыҥ хайдах эрэ уларый, атын дьүһүннэн

Нууччалыы Изменяться в лице

  • Кыстаанык диэки көрбүтэ – хараҕа уоттаммыт, кыыһырбыт хааннаммыт.
    Н. Павлов
  • Өлөксөөндүрэ улаханнык санаарҕаабыт хааннанна
    ХС

3 этии #

Этиилэр

Наахара хааннан (киллэр) көр наахара

  • Наахара хааннанна, Чаҕаан дьүһүннэннэ, Хаана хамсаата, Хараҕа уоттанна.
    П. Ойуунускай
  • Тоҕо эрэ наахара хааҥҥын киллэрбиккин, дьайдаах хара санааны ылыммыккын.
    Болот Боотур

Өһөс хаанын киллэрбит (хааннаммыт) көр хаан I

  • Киһилэрэ өһөс хаанын хааннанан, өһөччү көрөн турда, тугу да саҥарбата. "Чолбон".

Хахай хаана киирдэ (хаана хааннан) көр хаан I

  • Бу сырыыбар тойонноро хахай хаанын хааннанан, тимир тириитин кэтэн көрсүбүтэ.
    Н. Якутскай
  • Үгүстэн үгүс охтуо диэн хахай хааннара киирэн, өксөкү үөһүн үөстэнэн, икки өттүттэн сэриилэһэ аттаннылар.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Бандьыыттарга хахай хаанын хааннанан бары биир тэҥҥэ өстүйэ саныыллара. Эрилик Эристиин

«Х» буукуба