ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хатан

даҕааһын, аат тыл, туохтуур

Нууччалыы твёрдый; сильный

English hard, firm, strong

Ис хоһооно · 17

1 даҕааһын #

Нууччалыы твёрдый; сильный

English hard, firm, strong

  • хатан табах
    крепкий табакstrong tobacco
  • хатан арыгы
    крепкая водкаstrong vodka

2 туохтуур #

Нууччалыы втыкаться

3 туохтуур #

Нууччалыы запереться

I

4 #

Туохха эмэ (хол., тыҥырахтаргынан, тиистэргинэн) сыста, хатааста түс (кыыл-сүөл, көтөр, үөн-көйүүр туһунан)

Нууччалыы Цепляться чем-л. (когтями, зубами, иглами) за что-л. (о животных, птицах, насекомых)

  • хатаа I диэнтэн бэй. туһ. Настя -- хоһугар киирэн хатанан кэбиһэр.
    Н. Якутскай
  • Күүлэ айаҕа хатаммыта өр буолла.
    Эрилик Эристиин
  • Ытырыык эрбэһин сотобор сөрөнөр, ыстааммар хатанар. Суол т. Күтүөт Ньукулай ол балык уҥуоҕар харбыта, бэлэһин төрдүгэр иһирдьэ хатанан арахсыбатах.
    ФДМ БМК
Өссө холобурдар (3)
  • Тоҥсоҕой обургу тииттэн тииккэ суптурута көтөн тиийэн, хатана түһэр.
    ХС
  • Иннэ тириилээхтэр – муора түгэҕэр олохтоох харамайдар, бэрт кыратык сыҕарыйаллар биитэр наар хатанан олороллор. ББЕ З. Кутуйах оҕото кураанах хатырыкка хатаныаҕынан хатанан баран төрүт хамсаан да көрбөт.
    В. Бианки
  • Ыт, бастаан чугурус гынан иһэн, ырдьыгыныы түһээт, сытыы аһыыларынан бөрө уһун түүлээх кулгааҕар хатанна. Тэки Одулок (тылб.)

5 #

Кимиэхэ, туохха эмэ сыста, ыйааста түс

Нууччалыы Прижаться, прильнуть к кому-чему-л

  • Сардааҥка аҕатыгар сыста түспүтэ, оттон Ленкалаах Ньургун миэхэ хатаммыттара.
    Далан
  • Мариса -- Бурхалейга хатана түһэн -- сүүһүттэн сыллаан-уураан ылла.
    Эрилик Эристиин
  • Маня түннүккэ хатана түһэн, тоҥмут өстүөкүлэни тыынынан ириэрэ-ириэрэ, батыһа көрдө
    А. Фёдоров

6 #

Туохха эмэ (хол., акка, сыарҕаҕа) эмискэ кэлэн олоро түс, оннугун булунан кэбис

Нууччалыы На бегу, на ходу вскочить, запрыгнуть на кого-что-л. (напр., на коня, телегу)

  • Эр киһи обургу атын үрдүгэр хап гына хатана түстэ. Ньургун Боотур. Мэхээлэ өрө тэйэн кэлэн сыарҕатыгар хатана түһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Далла атын үрдүгэр тыҥырахтаах кыыл курдук хатана түстэ
    М. Доҕордуурап

7 #

Тугу эмэ олус сэргээн, интэриэһиргээн, болҕомтоҕун кимиэхэ, туохха эмэ уур

Нууччалыы Сосредоточить всё своё внимание на ком-чем-л., прилипнуть к чему-л. (напр., к книге)

  • Сардаана дьиэни көрөрүн, астыырын быыһыгар элбэх тапталлаах арамааннарга дьөлө хатаммыта.
    Болот Боотур
  • Оҕолор хосторугар туохха да аралдьыйбакка тэлэбиисэргэ хатаммыттар этэ.
    Далан
  • Почтаны аҕаллаллар эрэ хаһыакка хатана түһэрим
    П. Степанов

8 этии #

Нууччалыы Замечать кого-что-л., обращать внимание на кого-что-л

Этиилэр

Болҕомтото хатанар

кими, тугу өйдөөн-дьүүллээн көр Тас бэлиитикэ туһунан сабаҕалааһыннары тэҥинэн, ити кэмҥэ судаарыстыба салалтатын бары салааларыгар оҥоһуллан эрэр ис уларыйыыларга нуучча уопсастыбатын болҕомтото ордук сэргэхтик хатаммыта.

  • Л. Толстой (тылб.).

Куйахаҕа хатанар

туох эмэ ынырык тыаһа-ууһа киһини дьулатар.

соотв. ухо (уши), слух режет.

  • Хайа эмэ дойдуттан Хатан тыас хабырыйар хаһыыта Куйахабар хатаннаҕын да, оҕолоор! Саха нар. ыр. II. Бааһырбыт аттар киһи куйахатыгар хатанар гына ынырыктык аймаммыттара.
    Д. Таас
  • Аллаах ат түргэн-түргэнник чыбырҕаччы үктүүр боккуоптаах атаҕын тыаһа киһи куйахатыгар хатанна.
    ХС

Кулгааҕар хатанар

киһи кулгааҕар олус чуолкайдык иһиллэр (хол., ким эмэ саҥата, туох эмэ тыас).

Быть очень чётко слышимым, засело в ушах (чей-л. голос, какой-л. звук).

  • Бу оҕус өлбүтүн кэннэ хас да сылга кини айаатыыр сытыы чыҥкынас куолаһа Маайа кулгааҕар хатанан сылдьыбата.
    Эрилик Эристиин
  • Били сордоох -- уҥан охтуохча байааттаҥнаан эрдэҕинэ бандьыыт хамандыыра хаһыытыыр саҥата кулгааҕар хатанна.
    П. Филиппов

Мэйиитигэр хатанна

умнуллубат гына киһи өйүгэр сырыт.

соотв. засесть в голове.

  • Ньукуолускай дэриэбинэтигэр бууска, сөмөлүөт тыаһа мэйиибэр хатаммыта төрүт ааспат.
    Суорун Омоллоон
  • Ыт буоллаҕына, киһи мэйиитигэр хатаныах курдук сып-сытыытык часкыйа түһээт, баҕалыы, түөһүнэн сыылан хаалла.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Мотуор бирилиир, орулуур, улуйар тыаһа мэйиитигэр хатанан хаалбыкка дылы.
    Н. Лугинов

Өйгөр хатан

умнуллубат гына, кытаанахтык өйдөнөн хаал.

соотв. врезаться в память.

  • Доҕорум үөрбүт харахтара өйбөр умнуллубаттык хатаммыттара.
    Далан
  • Биир эмэ түүл киһи өйүгэр хатанар. БРИ ТТ. Биэс уонтан тахса сыллааҕыта көрбүт киһим уонна онно истибит кэпсэтии мин өйбөр хатанан хаалбыт. "Кыым".

Санаа хатанар

туох эмэ санаа киһиэхэ эмискэ киирэр, тугу эмэ өйдүү түһэр.

Мысль, догадка пришла на ум.

  • Сэмэн өйүгэр "сыыһабын дуу?" диэн санаа хатана түстэ.
    Н. Якутскай
  • Оҕолорго: "Үлэ чэпчэки, оонньуу-көр кэриэтэ эбит ээ" – диэн санаа хатанар.
    Н. Габышев

Сүрэҕэр хатанна

өйүгэр-санаатыгар умнуллубаттык сылдьар.

соотв. врезаться в сердце.

  • Дьикти тыл сүрэхпэр хатаммыт. Эллэй. Хоргуппут, мунчаарбыт хараҕа Сүрэхпэр хатанан иҥмитэ.
    Күннүк Уурастыырап

Төбөтүгэр хатанна

умнуллубакка ким эмэ өйүгэр сырыт.

соотв. застрять в голове.

  • Кыракый Эллэйгэ ити кэпсэтии ис хоһооно дириҥник иҥэн-тоҥон өйдөммөтөр да, -- төбөтүгэр син хатанан хаалбыта.
    Н. Лугинов
  • "Ууга түстэҕэ, бу иэдээни!" – диэн ынырык санаа төбөтүгэр хатаммыта.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Ханна эрэ сир анныгар киһи төбөтүгэр хатанар ыйылас тыас өрө быыгынаан эрэрэ баара.
    П. Филиппов

Тыл (тыл-өс) хатанар

ким, туох эмэ туһунан хоп-сип тарҕанар, кимиэхэ эмэ тыл-өс сыстар.

Стать объектом слухов, сплетен, пересудов.

  • Ханныгын да иһин бэйэ иннин көрүнэр, сэрэнэр сөп этэ. Дьон тыла-өһө хатаммыта сүрдээх.
    ХС
  • Эн, Кыһыл болуоссат, Киэҥ-куоҥ уоруккар Күүлэйдииллэр, Холкутук туттан Хоп-сип тыллара Хатана сатаан Халтарыйан түһэр Дьиҥнээх үлэһит дьонноро. Чэчир-7 6.

Хараҕа хатанна

хараххын хатаа диэн курдук (көр хатаа I).

  • Хараҕа хатаммытын барытын "миэнэ" диэһин – бииргэ кырдьыбыт кыдьыга.
    М. Ефимов
  • Кини эмискэ, хараҕа туохха эрэ хатанан, ааһа баран иһэн, чинэрис гынаат, тохтообута.
    В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
  • Киниэхэ хараҕым хатаммыта балачча буолла. И. Семёнов

9 этии #

Нууччалыы Загореться, вспыхнуть, заняться

Этиилэр

Уот хатанар

умайан барар Онуохаҕа [умаппытыгар] кураанах мутук бэйэлээх, уот хатанарын аҕай кытта үөрэ-көтө бачыгыраабытынан барда.

  • Эн сэтиэнэҕи өртөөһүнү ыыппыккын, ол уотуҥ тыа саҕатыгар эмэх маска, эбэтэр көппөххө хатанан, кыратык умайа-умайа, сыппыт, оттон хаһан күүстээх тыал түһэн, кинини күөртээбит да, кини өрө күөдьүйэн, тыаны сиэн барбыт.
    В. Протодьяконов

Хам хатанна

биир сиргэ хамсаабакка олор, тур, сыт.

Засесть, запереться где-л. надолго.

  • Уола билигин аҕай үөрэн-көтөн кэлбитэ дии, хоһугар киирэн хам хатанан хаалла, тоҕо тахсыбат? Тумарча. Оттон бу эн манна аҕаҥ дьиэтигэр тоҕо хам хатанан олордуҥ? Пьесалар-195 6. Мин -- прицелгэ хам хатанан олоробун. "ХС"
II

10 даҕааһын #

даҕ

  • Кутаа уокка хатан ыстаал Хатарыллар эбээт!
    И. Гоголев
  • Кыра уус эрэйдээх тимири хатарыыны сааһыгар кыайбат: эбэтэр, ситэ хатарбакка, күөх уйан гыныахтаах, эбэтэр наһаа ыытан, тостор хатан оҥоруохтаах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Лоҥкууда үрэх логлоруттаҕас дулҕаларын ыраастаан, тоҥ буортан хаптаҕай баһымньы, хатан биилээх сүгэ чыҥырҕаан тэйдэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Уһаарыллыбыт тимир хаачыстыбатынан үс көрүҥҥэ арахсара: хатан тимир, атыыр тимир уонна бырыы уйан тимир
    ИЕВ СУу
  • Олус кытаанах, чоруун, киил, бөҕө. Θ Твёрдый, крепкий, прочный. Хайдыбат хатан хардаҕас баар үһү (тааб.: силгэ). Оннооҕор өргөс кылааннаах хатан мутуктан сынтарыйар буолбаат, эһиги да хара дьай быһыыгыт-майгыгыт сэтэ туоллаҕа дии.
    Н. Якутскай
  • Халыҥ буруйу оҥорбуккар Хатан дэгиэ тыҥырахпынан Хайыта тыыта кэллим мин!
    П. Тобуорукап
  • Хас бары омук тылынан Хаҥкыначчы ыллыы сытар Хатан кыллаах гитара, Хайа, манна баар эбит
    С. Васильев

11 даҕааһын #

Хатарыылаах, хабараан (тимир оҥоһуктары этэргэ)

Нууччалыы Обработанный посредством каления, закалённый (о металлических изделиях)

12 даҕааһын #

Олус чуордук иһиллэр, лыҥкынас, чаҥкынас (хол., саҥа, күлүү), тимири тимиргэ охсон эрэрдии хабырыттар, хабараан (хол., тыас)

Нууччалыы Высокий, звонкий, резкий, пронзительный (напр., голос), звенящий, подобно удару железа (напр., звук)

  • Дьөгүөрдээн көнө түстэ, хатан куоластанна.
    Амма Аччыгыйа
  • Айдар балтын хатан күлүүтүн истэн, эмиэ иһигэр кыыһыра санаата.
    Н. Лугинов
  • Хатан тыас хабылла түстэ: Хас да кус хаптаччы бэрдэрдэ.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)

13 даҕааһын #

Олус күүстээх, хабараан (тымныыны этэргэ)

Нууччалыы Трескучий (о морозе)

  • Хатан дьыбар халбарыйар, Күүстээх дьыбар күлгэдийэр, Ахсым дьыбар ахсыыр, Бастыҥ дьыбар манньыйар.
    Саха фольк
  • Халлаан халлан хабырыттар Хата саха үөрэр: Кини хатан дьыбарыттан Киһи чэбдигирэр. Дьуон Дьаҥылы. Аан балаһа туманынан тыынан, хабырыттар хатан тымныынан хам ылан чысхааннаах кыһын хотун торолуйда.
    М. Доҕордуурап
  • [Кыһын] Хаары хачыргас оҥорор Хатан дьыбарданар
    И. Эртюков

14 даҕааһын #

Киһи төбөтүгэр тахсар, хараҕын уутун ыгар, уохтаах (хол., утах, табах); аһыы амтаннаах, сыттаах

Нууччалыы Крепкий, терпкий (напр., напиток, табак); кислый, горький на вкус и запах

  • Хатан да табах эбит.
  • Хатан арыгы кутулунна.
    С. Зверев
  • Сылгы суор холото тастаах эмис этин, субайын, хартатын, суон саалын, уохтаах хатан кымыһын санаатахпына, сыҥааҕым уута сүүрэр.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (2)
  • [Сэппэрээк] Аһыы хатан сытынан Арай былыр эмээхситтэр Алаһа дьиэлэрин Алгыыр, ыһаарар эбиттэр.
    М. Тимофеев
  • Наһаа тото (ыга) аһааһын, хатан амтаннаах астарынан үлүһүйүү, аһыырга режими тутуспат буолуу ыарахан содуллаахтар
    АВТ ГСЭ

15 даҕааһын #

Тулуурдаах, күүстээх, кыахтаах

Нууччалыы Крепкий, сильный физически. [Чоочо:] Хатан иҥиирдээхтэр, бүдүрүйбэт сүһүөхтээхтэр манна бааллар, дьэ онон бэртэр бэртэрин көрдөрөн биһигини саататтыннар

  • Оҕонньор хатан кырдьаҕас, бэйэтэ этэригэр диэри эҥини тулуйан, туораан баччаҕа кэллэҕэ, үтүөрүөҕэ.
    Н. Лугинов
  • Уҥуоҕунан кыратын көрүмэ, хатан бэйэлээх кыыс.
    ХС
  • Урут итинник бэртээхэй албастары үчүгэйдик баһылаабыттар, айылҕаттан күүстэрэ да суох буоллар, хатан хапсаҕайдьыттар ахсааннарыгар киирсэллэрэ. "Кыым". Кэннэ урут холлор сылгы баар буолар. -- Оннук сылгы хатан буолар
    АНП ССХТ

16 даҕааһын #

Тыйыс, кытаанах (хол. дьылҕа, майгы)

Нууччалыы Суровый, твёрдый, жёсткий (напр., о характере)

  • Харыс да сири хамсаабакка, Хааннаах хатан санаанан Аптамаат ардаҕын анныгар Сытта бойобуой хамаанда.
    Баал Хабырыыс
  • Хара буруй хаймыылаах Хатан дьылҕа ыйааҕа Маҥан акка баҕалаах Хаҥыл куккун хаайбатах. Сайа. Хатан хапсыылар саҕаланнылар.
    И. Данилов
  • Света – хатан майгылаах кыыс
    Э. Соколов

17 этии #

Хатан киһи кэпс. – эт-хаан өттүнэн кыахтаах, кыайыылаах, күүстээх киһи Оҕонньору кытта тугу эрэ кэпсэтэ түһээт, хатан киһи бэрдэ, Денис эриллэ түһэ-түһэ кыдамалаан киирэн барда. А. Сыромятникова. Гаврил Романович тас көстүүтүнэн улахан дьоннор ахсааннарыгар киирсибэт. Кини орто уҥуохтаах, дьарамай көрүҥнээх, бэрт хатан, доруобай киһи. ПАК БЫа.

Нууччалыы Физически крепкий, закалённый, сильный человек

Этиилэр

Хатан харах

олус кытаанахтык көрбүт харах.

Суровый взгляд, злые глаза.

  • Дьалаан тойон -- эһэ курдук хатан харахтаах, хабыр күүстээх, сыыдам сырыылаах киһи.
    И. Данилов
  • Уол түөһүн толору өтөппүтэ, хатан харахтара уоттаммыта.
    А. Олбинскай
Өссө холобурдар (1)
  • Баҕарабын арыт хатан хараххынан Уордайа самнары көрүөххүн.
    ХС

Хатан ыйаах

олус ыарахан анал, дьылҕа.

Суровая, тяжкая участь, судьба.

  • Эн баар эбиккин Мүлтүрүйбэт бүтүн оҥоруулаах, Халтарыйбат хатан ыйаахтаах киһи. Ньургун Боотур. Букатыннаах буҕа сор бу буулаата, Хаайтарыылаах хатан ыйаах бу хаайда.
    Өксөкүлээх Өлөксөй

Хатан эрэһэ (эҕэһэ)

көрдөххө хатыҥыр, көтөх курдук эрээри, бэйэтин кыанар, өлөн-охтон биэрбэт.

Худой, но физически крепкий.

Өссө холобурдар (2)
  • Олус хатыҥыр буолан балачча үрдүк уҥуохтаах курдук көстөр. -- Ол гынан баран бэйэтин олус кыана туттар хатан эрэһэ.
    ХС
  • Монг., тюрк. хатан

«Х» буукуба