ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьиэтий

туохтуур

Нууччалыы становиться ручным, приручиться, одомашниться

1 туохтуур #

Киһи илиитигэр үөрэн, киһиттэн куттаммат буол (дьиикэй харамайдар тустарынан)

Нууччалыы Становиться ручным, приручиться, одомашниться (о животных)

  • Тугу эмэни бэриһиннэрээри туртастар оскуола оҕолорун батыһа сылдьар гына дьиэтийбиттэр этэ.
    Далан
  • Суорбут оҕото сотору дьиэтийбитэ.
    И. Федосеев
  • Бу күннэргэ Горнай оройуонугар сылдьан айан суолун адьас чугаһыгар биһиги хаста да тайахтары көрдүбүт. Дьэ ити аата дьон-сэргэ кинилэргэ үтүө сыһыаныттан айылҕа маанылаахтара аарыма лөкөйдөр киһиэхэ дьиэтийэн эрдэхтэрэ
    ДьДьДь

2 туохтуур #

Саҥа быһыыга-майгыга сөп түбэс, үөрэн (киһи туһунан)

Нууччалыы Обживаться, свыкаться с домашней обстановкой (о человеке)

  • Устудьуоннар бастакы куурустарга үөрэнэр сылларыгар дойдумсах, дьонумсах буолаллар. Биир оройуонтан киирбит оҕолор үксүн үөрдүһэн сылдьааччылар. Кэнники, билсиилэрэ кэҥээтэҕинэ, дьиэтийдэхтэринэ, арҕам-тарҕам барааччылар. Софр. Данилов. Нарыйа түргэнник дьиэтийбитэ, хотунунуун бэрт дөбөҥнүк тапсыбыттара
    В. Яковлев
  • Атын быһыыга-майгыга үөрэн (эт-хаан, өй-санаа өттүнэн). Θ Приспособиться к новым условиям (об организме, психологии человека). Хайы-үйэҕэ дьиэтийбиттэр. Ким даа тымныырҕаппыт быһыыта суоҕа.
    А. Софронов
  • Ол курдук, Сэриигэ киһи "дьиэтийэр", онтон атын, сатаан сэриилэһиэҥ суох этэ
    Күннүк Уурастыырап

3 туохтуур #

поэт. Олохсуй; биир сиргэ өр кэмҥэ сөбүлээн тохтоо

Нууччалыы Привыкать; поселиться, обосноваться надолго на одном месте

  • Оо, төрөөбүт дойдуом! Бырастыы гын миигин – Улдьаа мэниккин, Быралгы уолгун, Атыны эккирэтэн Эйиигиттэн тэлэһийэн Эн чөҥөлөк алааскар Дьиэтийбэтэх буруйбун.
    С. Данилов
  • Сата-буурҕа сиригэр Дьикти сайын диэлийбитэ, Саха киһи сүрэҕэр Дьиҥнээх үөрүү дьиэтийбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Сүрэх үөрэн ыллыы туруон баҕарда Сүүс үөрүү дьиэтийбит бу кэрэ дойдутугар!
    С. Васильев

«ДЬ» буукуба