ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьиэ

аат тыл, ынырыы

Нууччалыы жилье или рабочее помещение, дом

English house, dwelling, abode

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

Дьон олороругар эбэтэр үлэлииригэр аналлаах тутуу

Нууччалыы Жилье или рабочее помещение, дом

  • Дьиэм кэннин көрбөккө өллүм диэбиккэ дылы (өс. ном.). [Уулусса икки өттүгэр] Араас бэйэлээх үчүгэй дьиэлэр таас түннүктэрэ туох эрэ кири-хаҕы сыһыарыа суох курдук килбэчиһэн тураллара көрүөххэ олус үчүгэй.
    А. Софронов
  • Сорох дьиэлэр түннүктэрэ лаампа уотунан сандаарбыттар. Софр. Данилов. Тохсунньу тымныытыттан хаайтарбакка үс саҥа дьиэ тутуллан истэ
    М. Доҕордуурап

2 аат тыл #

Киһи олорор сирэ (дьиэтэ, квартирата, хоһо, муннуга)

Нууччалыы Место жительства (дом, квартира, комната, уголок)

  • Ким билбэтэ баарай дьиэ умайар диэн айдааны иһиттэргин эрэ, мин дьиэм умайара буолаарай диэн санаа өйгөр көтөн түһэрин, хаһан дьиэҕин көрүөххэр диэри куттанаргын, ыксыыргын.
    Н. Якутскай
  • Хайа эн былыр үйэҕэ дьиэҕэр кэлэ охсубут эбиккин дуу? Софр. Данилов. Эн кыра эрдэххинэ, баайдарга үлэлээн баран, түүн дьиэбэр кэлэрбэр, биир тойуу саахарга тиийэ кэһиилэнэрим
    Дьүөгэ Ааныстыырап

3 аат тыл #

Бииргэ олорор дьиэ кэргэн

Нууччалыы Семья, люди, живущие вместе

  • Бүтүн дьиэнэн кэллилэр.
  • Биирдэ алта дьиэ тумат омуктар диэн дьон кэлэн үс түүннээх күн кырган кыайбыттара үһү. Саха сэһ. II. Бу, Ленаҕа бары дьиэнэн балыктыы киирбит маҥнайгы сайыммыт этэ
    В. Иванов

4 аат тыл #

Кыыл арҕаҕа, хорооно, уйата, ордуута

Нууччалыы Берлога, нора, гнездо, логово зверя

  • Оһол туһунан ону-маны быһыта-орута кэпсэппэхтээн баран, айдааннаах адьырҕа "кырдьаҕас" кыһыҥҥы дьиэтин чинчийэн көрөр өйү буллулар
    Эрилик Эристиин

5 этии #

Нууччалыы Стать иждивенцем, не приносящим никакой пользы (букв. стать домашним мусором)

Этиилэр

Дьиэҕэ киллэримэ

кими эмэ сөбүлээбэккэ холдьох, сылдьыбат оҥор.

Не пускать за порог.

  • Кыыһырсан, холдьохсон кэргэнин дьиэтигэр да киллэрбэт оҥорбута.

Дьиэни иччилээ

дьиэни, хаһаайыстыбаны баһылыыр, көрөр-истэр киһи буол.

Стать хозяином (хозяйкой) в доме.

  • Дьиэни иччилии, Сүөһүнү күрүөлүү, Оҕону уйалыы -- Кыыс оҕо кэллэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Киһибин кытта холбоспутум -- сүүрбэ сыла туолла. Ол тухары ааппытын ааттатар -- дьиэбитин иччилиир -- оҕо-уруу диэн төрөөбөтө.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэ эргиннээҕи кэпс. – чугас эргин эрэ биллэр, киэҥник аатырбатах-сураҕырбатах. Известный только в узком кругу, не пользующийся популярностью. Үрэкиин Сүллүүкүнү -- дьиэ эргиннээҕи иичээн мэнэриккэ холуйара.
    Болот Боотур

Туспа дьиэ буол

кэргэннэн, туспа хаһаайыстыбанан олор.

Жениться, жить своей семьей, отдельным хозяйством.

  • Хайдах аан маҥнай ойох ылбытыттан, туспа дьиэ буолбутуттан ыла Хобороостуун үчүгэйдик, эйэлээхтик сүрэхтэринэн-быардарынан санаһан олорбуттара. А. Софронов

6 этии #

Нууччалыы Прихожая в доме с пристроем или отдельной комнатой

Этиилэр

Аан дьиэ

салҕааһыннаах эбэтэр туспа хостоох дьиэҕэ таһыттан киирэри кытта хос Аҕата [кыыһын] мөҕөр саҥата аан дьиэттэн иһиллэр.

  • Аан дьиэҕэ Огдооччуйа кэтэһэн олорор эбит.
    А. Федоров

Алаһа дьиэ көр алаһа

  • Аан дойдубутун, Алаһа дьиэбитин, Аал уоппутун, Аймах дьоммутун Бүрү бүтүннүүтүн Бүүрэ сотон, Күөх маҥан халлааҥҥа Күдэн оҥорон көтүтээри, Суобаһа суох түстэ, Сэрэппэккэ киирдэ [өстөөх]. Нор. ырыаһ.

Икки атахтааҕы уһун уҥуоҕун урусхаллаан,

алаһа дьиэтин алдьатан, төрөтөр оҕолорун түҥнэрэн – өлбөт ааттан, үрдүк сурахтан диэхпин тылым барбат, санаам буолбат.

  • Таптыыр киһибин кытта бииргэ олорон, аал уоту оттон, алаһа дьиэни айгыратан барбыт курдук сананыам.
    Н. Заболоцкай

Ампаар дьиэ

охсуу эркиннэрдээх, түөрт муннук быһыылаах дьон олорор дьиэтэ.

Жилой дом, сложенный из бревен, четырехугольной формы.

  • Мещеряков кэргэниниин Чурапчы тоҕус тумулларыттан биирдэстэригэр, соҕурууҥҥутугар, балаҕан салҕааһыннаах ампаар дьиэҕэ олорбута.
    И. Федосеев
  • Кыһыл этэрээтин ыстааба Сайылык ампаар дьиэтэ.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Бурхалейы сыарҕаттан туруору тардан ылан, илиитин кэдирги кэлгийбит быаларын сүөрбэккэ түҥ-таҥ соһон олбуор хаҥас муннугар олорор ампаар дьиэҕэ илдьэн киллэрдилэр.
    Эрилик Эристиин

Бабаарына дьиэ көр бабаарына

  • Манна эһэлэрин киэнэ быыкайкаан алта кырыылаах бабаарына дьиэ самналлан турара.
    М. Доҕордуурап
  • Бахтайга тумул үрдүгэр көстүүлээх сиргэ олорбут дассан бэйэтин тула өттүнээҕи аҕыстыы муннуктаах бабаарына дьиэлэриниин өрүтэ эккирэһэн көстөллөр.
    Эрилик Эристиин

Бырааба дьиэ көр бырааба

  • Ортотунан быыстаах бырааба дьиэ улахан хоһугар үгүс киһи мунньустубут.
    Амма Аччыгыйа
  • Илин томторго таҥара дьиэтин таһыгар сабыс-саҥа бырааба дьиэ турбут. Бэс Дьарааһын. Чөркөөх хоту тумул халдьаайытын күөх, көнө хонуутугар бырааба икки дьиэтин икки ардыгар улахан тырыбыына сабыс-саҥа оҥоһуллубут.
    ХС

Дьиэ айаҕа

дьиэҕэ киирэр сир, аан; дьиэ аанын атта.

Вход в дом, юрту; дверь, место возле двери.

  • Дьиэ айаҕар тиийээт, Кылааннаах Кыыс Ньургун обургу "чинэс" гына түстэ. Ньургун Боотур. Бар дьон, оҕолорун көтөхпүтүнэн, дьиэлэрин айаҕар чөмөхтөһөн туран: "Аны албынныыргыт ааспыта", – дэһэн, элэктиирдии батыһыннары көрөн турдулар.
    Амма Аччыгыйа
  • Мариса урут сүүрэн тиийэн дьиэтин айаҕын тэлэйэ баттаата.
    Эрилик Эристиин

Дьиэ акылаата

дьиэ истиэнэлэригэр, муостатыгар тирэх буолар олох.

Фундамент (основание, служащее опорой для стен, пола здания).

  • Куһаҕан архитектура буорту гыммыт дьиэтин акылаатын көтүрэн көннөрүөххэ сөп. Софр. Данилов.

Дьиэ баһылыга

ыал, кэргэн аҕата.

Отец семейства, глава семьи, хозяин дома.

  • Дьиэ баһылыга туох диирин көһүтэн олордубут.

Дьиэ-дьиэ аайы

ыал ахсын.

В каждом доме – в каждой семье.

  • Буоста кэлбит киэһэтигэр дьиэ-дьиэ аайы буоста сонунун туһунан күө-дьаа сэһэн тарҕанара.
    А. Сыромятникова

Дьиэ дьиэлэригэр

хас биирдиилэрэ олорор сирдэригэр (бардылар).

По своим домам (ушли, разошлись). Славик, Кэнчээри бу кэнниттэн дьиэ дьиэлэригэр кэлбиттэрэ. Суорун Омоллоон.

  • Онтон ууну [быһыт уутун] көрөн толору дуоһуйбут, санаалара туолбут дьон дьиэ дьиэлэригэр тарҕастылар.
    М. Доҕордуурап

Дьиэ дьиэнэн буол

дьон олороругар табыгастаах, онно сөп түбэһэр буол.

Стать удобным жильем.

  • Кыаһайдар уоттара тигинэччи умайан, хобордоох тыаһа сырылаан-сырдьыгынаан, арыы сыта аҥылыйан, дьиэ дьиэнэн буола түстэ.
    Эрилик Эристиин

Дьиэ дьон

биир дьиэ иһигэр олорор дьон.

Люди, живущие в одном доме; люди, находящиеся в данное время дома, домашнее.

  • Егор Толбооноп оҕонньор сөҥөдүйэн олорон дьиэ дьоҥҥо сэһэргээтэ.
    М. Доҕордуурап
  • "Дыгда маҥаны" [дьиэ иһигэр тутуллар ыты], төһө да "ночооттоох" диэтэллэр, дьиэ дьон бүттүүн таптыыллар.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Туох эрэ улахан суолталаах суол буолаары гыммытыттан дьиэ дьоно бары даҕаны дьулайа саныыр курдуктар.
    Л. Толстой

Дьиэ ис үлэтэ

аһы бэлэмнээһин уонна дьиэни-уоту хомуйуу.

Приготовление еды и уборка помещения, работа по дому, домашняя работа.

  • Билигин кини дьиэ ис үлэтин хайа даҕаны дьахтартан итэҕэһэ суох, бэрт ыраастык уонна түргэнник толорор.
    С. Никифоров

Дьиэ иччитэ

былыргы итэҕэл быһыытынан дьиэҕэ олорор абааһы; чөчүөккэ.

По старинному суеверию нечистый дух, обитающий в доме; домовой. Дьиэ иччитигэр дылы.

  • Дьиэ иччитин сөдүөккэ, чөчүөккэ диэн ааттыыллар.
  • "Ээй, бэйи, аны дьиэ иччитэ – чөчүөккэ батыһан дьээбэлиэ, үөттүрэҕи тута сылдьыахха баар", – диэн баран, Сыылба Дьаакып дьиэттэн үөттүрэх тоһоҕоһун таһаарда.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэ иччитэ Дьэрбэ Бахсы хатыны чиэстээтэ, Хотон иччитэ Хаҥха Ньаҥха хатыны аһатта.
    Өксөкүлээх Өлөксөй

Дьиэ көҥдөйө

оҥоруллан, тутуллан, таһаарыллан бүппүт дьиэ истиэнэлэрэ эрэ.

Сруб дома.

  • Быйыл дьиэм көҥдөйүн тутан бүтэрдим.
  • Таҥара дьиэтин акылаатын түһэрдэхтэрин кыһын уонча мас ууһа таҥара дьиэтин көҥдөйүн туппуттара.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Онно-манна дьиэлэр көҥдөйдөрө туран эрэллэрэ.
    Ч. Айтматов

Дьиэ көрөөччү

дьиэҕэ араас үлэни толорорго наймыламмыт дьахтар.

Наемная работница, выполняющая различную работу по дому; домработница.

  • Кэлин кини дьиэ көрөөччүнэн үлэлээбитэ.
  • "Мин, эн курдук доруобайым буоллар, дьиэ көрөөччүлэниэ да суох этим", – диэн эрдэҕинэ эдьиийэ өссө эбии күөдьүйдэ.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • "Таҥараҕа махтал, – дии санаата кини, – дьиэ көрөөччү акаары да эбит, хата, мин кистэлэҥ төлөпүөммүн кутуйах сохсото диэтэҕэ!" Дж. Родари (тылб.).

Дьиэ көтөрө

дьон иитэр көтөрө.

Домашняя птица.

  • Сахалар, дьиэ көтөрдөрүттэн, кууруссаны иитэр буолбуттара. Туундараҕа дьиэ көтөрүн дэҥ кэриэтэ иитэллэр.
  • Оробуочайдар уонна сулууспалаахтар тус бэйэлэрин бас билиилэригэр сэттэ сүүс ынахтаахтар, үс сүүс ыал сибиинньэлээхтэр, түөрт сүүс ыал дьиэ көтөрдөөхтөр. ОТК.

Дьиэ кэргэн

биир дьиэҕэ олорор чугас уруулуу дьон.

Близкие родственники, живущие в одном доме вместе, семья. Дьолго дьиэтин кэргэттэрэ бары доруобайдар этэ. Софр. Данилов.

  • Дьиэ кэргэн бүттүүн олоҥхо иһиллээн иһийэн олорор.
    Болот Боотур
  • Дьиэ кэргэн били балыктарын буһаран сыа, саламаат курдук сиэн-аһаан баран, идэлэринэн лэппиэскэ оҕолоох чэй истилэр.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Кылгас кэм иһигэр бүтүн дьиэ кэргэнтэн, тоҕус киһиттэн, убайбыныын иккиэйэҕин хаалбыппыт.
    В. Протодьяконов

Дьиэ мала

дьиэ иһигэр туох баара барыта.

Домашняя утварь, вещи домашнего обихода.

  • Дьиэ мала түҥ-таҥ ыһыллыбыт.
  • Мин эн өйгөр-мэйиигэр дьиэ малын курдук буоллум. Ол иһин дьиктиргиигин мин тыаны сөбүлүүрбүн.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэ ис мала сэниэ ыал олоҕун көрдөрөр. Дьүөгэ Ааныстыырап.

Дьиэ маһа

дьиэни тутарга аналлаах бэрэбинэлэр.

Бревна, предназначенные для постройки дома.

  • Чохороонун сытыыланан Дьиэтин маһын кэрдинэр.
    С. Данилов

Аҕыйах хоноот, холкуостаахтар сэттэ уоннуу

аҕыс уоннуу көлөнөн дьиэ маһын таһаннар хотоҕостоотулар.

  • Дьүөгэ Ааныстыырап.

Дьиэ сүөһүтэ

этин, үүтүн, тириитин иһин эбэтэр хаһаайыстыбаҕа көмөлөһүннэрэргэ анаан дьон көрөн-харайан иитэр сүөһүтэ.

Домашнее животное, домашний скот.

  • Дьиэ сүөһүтүттэн манна табаны эрэ иитэллэр.

Сылгы, ынах

сахалар таптаан иитэр дьиэлэрин сүөһүлэрэ.

  • Дьиэ сүөһүлэрэ кыһын анал тутууларга кыстыыллар. МЛФ АҮө. Биирдэ миэхэ иитиим, буораҕым бүтэригэр айахпын хааччыйар наадаҕа дьиэ сүөһүтүн үөскэтэргэ өй киирэн ааспыттаах.
    Д. Дефо

Дьиэ сэбэ көр дьиэ тээбиринэ (тэрилэ)

  • Дьаакып оҕонньор сайылык балаҕана, дьиэлэрин сэбэ орто ыал тэриирэ.
    А. Софронов

Дьиэ тастыы олор

кэккэлэһэ, ыаллыы, чугас-чугас олор.

Жить рядом, близко, по соседству. Бары дьиэ тастыы олоробут.

  • Арыт түүнү быһа биһиэхэ киирэн ону-маны кэпсэтэн тахсабыт.
    ХС

Дьиэ таһа

1) дьиэ уонна дьиэ аттынааҕы тутуулар икки ардыларынааҕы аһаҕас сир.

Участок земли между домашними постройками.

  • Дьиэ таһыттан уоллара, Уйбаанчык обургу, өрө бөтөрөҥнөөн киирдэ.
    П. Ойуунускай
  • Андриан түннүгүнэн дьиэ таһын одуулаһа олорон, сэргэҕэ турар улахан аттан хараҕа иҥиннэ. М. Доҕордуурап; 2) олорор дьиэттэн ырааҕа суох. Недалеко от дома, окрестность, округа. Дьөгүөрдээн үтүөрдэр-үтүөрэн, дьиэ таһыгар кыраны, ону-маны үлэлиир буолан барда.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Оҕолор уон үстээх-түөртээх саастарыттан ыла бэйэлэрэ дьиэ таһыгар бултуур дьон буолбуттара. Дьүөгэ Ааныстыырап; 3) таһырдьа (дьиэ о. д. а. тутуулар тас өттүлэрэ бүтүннүүтэ). Улица, двор (пространство, место вне жилых помещений под открытым небом). Дьиэ таһыгар дьыбар тахсан, киһи дьиэ таһыттан араҕыа суох курдук.
    Эрилик Эристиин

Дьиэ тэллэйэ

мас дьиэ үксүн акылаатыгар, муостатыгар үүнэр, олору түргэнник кэбирэтэр, эмэхситэр үрүҥ дьүһүннээх сыстыганнаах түүнүк тэллэйэ.

Плесневый грибок, растущий обычно на фундаменте, половицах деревянного дома, разъедающий, разрушающий строение.

  • Дьиэ тэллэйэ бөһүөлэккэ бүтүннүүтүгэр тарҕаммыт.

Дьиэ тээбиринэ (тэрилэ)

киһи олороругар, сытарыгар, аһыырыгар, үлэлииригэр уонна ону-маны уурарыгар туттуллар дьиэ иһинээҕи сэп-сэбиргэл (тэрил).

Предметы домашнего обихода, мебель.

Дьиэ тэрилэ

комод, остуол, олоппостор – уһуктара, кырыылара мүлүрүйэн, улаатан багдайан кэллилэр.

  • Софр. Данилов. Кыратык чорботтоххо, дьиэҥ тээбиринин булунаргар көмөлөһүөххэ да сөп.
    Р. Кулаковскай
  • Дьиэтин тээбиринин барытын бэйэтэ оҥостубут.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Эдэр дьон дьиэлэрэ-уоттара ып-ыраас, дьиэ тээбиринэ уурбут-туппут курдук ис киирбэх.
    ДФС КК

Дьиэ үлэтэ

1) кэргэн дьону аһатар-таҥыннарар, иитэр, сынньатар туһугар оҥоһуллар үлэ.

Домашняя работа, связанная с приготовлением пищи, одежды, воспитанием и отдыхом членов семьи.

  • Гоша дьиэтин үлэтин барытын бэйэтэ үлэлиир, балыстарын көрөр. Софр. Данилов. Чахчыта даҕаны, дьахтарга дьиэ үлэтин үксүн сэлээннээһин – эргэ, батталлаах олох хаалынньаҥа буолбат дуо? Н.

Габышев; 2) көр дьиэтээҕи үлэ

  • "Дьиэҕэ үлэтин ким оҥордо? Илиигитин уунуҥ" диэтэххэ, ким да ууммат. Дьиҥинэн үгүстэрэ оҥорбуттар. Софр. Данилов.

Дьиэ үрдэ

1) дьиэ ис өттүнээҕи үөһээҥҥи сабыыта.

Потолок (верхнее внутреннее покрытие помещения).

  • Дьиэ үрдүгэр кэлтэҕэй хамыйах сытар үһү (тааб.: ый). Попов дьиэтин үрдүн одууласта.
    Амма Аччыгыйа
  • Саргылаана чыпчылыйбакка даҕаны дьиэ үрдүн диэки биир туочуканы тобулу көрөн сытта. Софр. Данилов. Дьиэ үрдүн хаптаһынын быыһынан халлаан ыйдаҥаран көстөр. Эрилик Эристиин; 2) дьиэ тас, үрүт өттүнэн сабыыта. Верхнее наружное покрытие помещения, плоская крыша или чердак. Дьиэ үрдүгэр тахсан, даҥын халыҥатан биэрдэ. Дьиэ үрдүгэр эрбэһин үүммүт.

Дьиэ үүнээйитэ

дьиэ иһигэр үксүн киэргэл быһыытынан үүннэриллэр үүнээйилэр.

Декоративные растения, выращиваемые в помещении.

  • Түннүк аайы дьиэ үүнээйилэрэ силигилии үүммүттэр.

Дьиэ хаһаайката

1) дьиэни-уоту көрөр-харайар ыал ийэтэ.

Мать семейства, хозяйка дома, семьи; домохозяйка.

  • Үөрэнээччилэр, кырдьаҕастар, дьиэ хаһаайкалара икки сүүс биэс уон туона минеральнай брикеты оҥорон, икки сүүс алта уон үс сэнтиниэр ас тобоҕун хомуйан туттардылар. "Кыым". Дьиэ хаһаайкаларын ортолоругар кулинария, иис, дьиэни көрүү-истии куруһуоктара тэриллибиттэрэ. "Ленин с. "; 2) дьиэни бас билээччи дьахтар. Женщина – хозяйка, владелица квартиры, дома. Мин олорор дьиэм хаһаайката бэрт амарах санаалаах дьахтар эбит.
  • Атаас, эн алҕаһыыгын быһыылаах, мин манна дьиэлээх хаһаайкабын, эн кэтэспит кыыһыҥ ити тахсан кэллэ.
    Л. Попов

Дьиэ хаһаайына (дьиэлээх хаһаайын)

1) ыал аҕата.

Глава семьи.

  • Дьиэ хаһаайына бэрт эйэҕэс киһи эбит, ыалдьыттары уруйдуу көрүстэ.
  • Дьиэлээх хаһаайын эһэлии сабырыйан тиийэн, хап-харанан көрбүт кыра уолчааны харбаан ылла. М. Доҕордуурап; 2) дьиэни бас билээччи. Владелец дома, хозяин дома. Дьиэ хаһаайынын кытта кэпсэтэн биһиги биир хоско ый устата олорорго сөбүлэстибит.
Өссө холобурдар (1)
  • Дьиэ хаһаайына, маннааҕы сир төрүт олохтооҕо, бу дойду туундаратыгар үрүҥ эһэ кэлэ сылдьыталаабыт түбэлтэлэрин туһунан кэпсиир.
    Н. Заболоцкай

Дьиэ чөкчөҥөтө көр чөкчөҥө

  • Аан аттынааҕы мас наараҕа олорунан баран, оһох анныгар дьиэ чөкчөҥөтө чыыһыргыырын иһиллиибин. Агидель к. Аһыҥаларга, дьиэ чөкчөҥөлөрүгэр, атын да сыыбырҕас тыастаах уонна "ырыаһыт" үөннэргэ-көйүүрдэргэ истэр органнар сайдыбыттар.
    ББЕ З

Дьиэ эргин(нээҕи)

чугастааҕы, ырааҕа суох.

Близкий, недалекий от дома, имеющийся вокруг дома, в околотке.

  • Мин дьиэ эргин үчүгэй булчутунан ааҕылларым.
    Н. Якутскай
  • [Поэт] Таабырыҥҥа, норуот фантазиятын киэргэтиэн баҕардаҕына, бэрт чугастааҕы, дьиэ эргиннээҕи да суолу, бэргэнник хоһуйан поэтическайдык таһаарар.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (1)
  • Дьэргэ, аһыы-аһыы, кимнээх хаарты оонньуу олороллорун одууласта. Барыта дьиэ эргиннээҕилэр.
    Болот Боотур

Дьиэни бул

ыксаан, туохтан эмэ күрэнэн, тугу барытын быраҕан, дьиэҕэр арыычча тиий.

Добраться до дома (наконец-то, кое-как, оставив все дела).

Дьиэни былдьас

туохтан эрэ куотар курдук ыксаан дьиэҕэр тиэтэй.

Торопиться домой.

  • Суолга тахсаат, ынах көрдөөччүлэр туох да бокуойа суох дьиэлэрин былдьастылар.
    Н. Заболоцкай

Дьиэни дьиэлээ

хаһаайыстыбаны дьаһай, дьиэ иһинээҕи үлэни толор.

Заниматься хозяйством, выполнять домашние дела.

  • Көссүө Көөдөкүс дьиэни дьиэлии хаалан баран, оһох таһыгар тайах мүһэтин тиниктии олорор.
    Суорун Омоллоон
  • Оччугуйугар оҕорҕоон эрэ Уоскуйуо этибит, Ситтэҕинэ дьиэбитин эрэ Дьиэлиэ этэ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (1)

Дьиэни киллэр

дьиэни олорорго, үлэлииргэ бэлэм гына оҥор.

Подготовить дом для жилья, вводить дом.

Дьиэтээҕи үлэ

үөрэнээччи үөрэх тас өттүгэр ааҕан, суруйан, бэйэтэ толороругар бэриллибит сорудах.

Устное или письменное задание, даваемое ученику для выполнения вне школьных занятий, домашнее задание, домашняя работа.

  • Уолбут, дьиэтээҕи үлэтин сиирэ-халты толороот, таһырдьа оонньуу ыстанна.
  • Гоша дьиэтээҕи үлэтин оҥорботох. Софр. Данилов. Сайылыкка уруок ааҕыыта, дьиэтээҕи үлэ эҥин диэн ончу суоҕа.
    Далан
Өссө холобурдар (1)
  • Костя дьиэтээҕи үлэтин толорор.
    ДНД СТ

Иэримэ дьиэ көр иэримэ

  • Икки атахтаахха, Иннинэн сирэйдээххэ Иэримэ дьиэтин иччилии, Төрөтөр оҕотун төлкөлүү олор.
    П. Ойуунускай
  • Кини реальнай училищены бүтэрэн баран, үрдүк үөрэҕи ылан, бу саҥа иэримэ дьиэтигэр эргилиннэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Иэримэ дьиэни дьиэгинитэ, Аал уоту умуруора, Биир түүн халаахтаан кэлбитэ фашист соллоҥноох суора.
    Баал Хабырыыс

Култуура дьиэтэ

араас култуурунай-сырдатар, маассабай дьаһаллар ыытыллар (кэнсиэр, киинэ, лиэксийэ, миитин о. д. а.) дьиэлэрэ.

Дом культуры.

  • Кини култуура оройуоннааҕы дьиэтигэр барда. Софр. Данилов. Баайаҕа отделениетын киинигэр орто оскуола, култуура дьиэтэ, библиотека, буоста отделениета уо. д. а. тэрилтэлэр бааллар.
    Л. Попов
  • Култуура дьиэтигэр ыытыллар араас хайысхалаах иитэр, сынньатар үлэлэри биһиги маассабай үлэлэринэн ааҕабыт. "Кыым". Отделение управляющайа символическай күлүүс тылын култуура дьиэтин дириэктэригэр туттарда. "Кыым".

Кыстык дьиэ

кыһыҥҥы тымныы кэмҥэ олорорго аналлаах, ичигэс гына оҥоһуулаах дьиэ.

Зимний дом (дом, юрта, предназначенные для проживания в зимнее время).

  • Сайыныгар кыстык дьиэҕэ үүт кыынньараллар, бурдук астыыллар, тирии имитэллэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыстык дьиэҕэ кэлэллэригэр күн арҕаалаан тииттэр төбөлөрүгэр түстэ.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
  • Ыал сүөһүтэ сыл тахсарыгар сүүрбэччэ туона оттоммут буоллаҕына, дьиэлээх киһи кыстык дьиэттэн кэбиһиилээх отторугар диэри кырата аҕыс уон – тоҕус уон төгүл кырыныан наада.
    И. Аргунов
  • Нуучча дьиэтэ эргэр. – бэрэбинэлэри сытыары уурталаан оҥоһуллубут түөрт муннуктаах дьиэ (туруору эркиннээх саха балаҕаныттан ураты дьиэ). Четырехугольный дом из горизонтально сложенных бревен (в отличие от юрты, у которой стены ставятся из вертикально сложенных бревен с наклоном). 1967 сыллаах дьылга бу Саха сиригэр буор сыбахтаах, муус түннүктээх балаҕан дьиэни биири даҕаны көрүөхпүт суоҕа: күндээр таас түннүктээх, кырааскалаах муосталаах нуучча дьиэтэ туругуруоҕа.
    П. Ойуунускай
  • Алаас халдьаайытыгар үгүс сэргэлэрдээх, иннигэр тилиһэ тутуллубут үс ампаардаах улахан нуучча дьиэтэ турар. Амма Аччыгыйа Улахан нуучча дьиэтигэр кэлээччилэри көрдөххө – бэрт боччумнаах ыҥырыылаахтар, улахан баай дьон, ону кытта дуоһунастаах тойон-хотун өттө түһүтэлиир эбит.
    В. Чиряев

Норуот айымньытын дьиэтэ

норуот олоҥхотун, ырыатын-тойугун, остуоруйаларын уонна уран оҥоһуктарын бырапагаандалыыр тэрилтэ.

Дом народного творчества.

  • Быыстапканы тэрийбит Култуура министиэристибэтигэр, Норуот айымньытын дьиэтигэр, – норуот талааннааҕын оҥоһуктарын сир аайы бырапагаандалыырга көрөөччүлэр баҕа санааларын биллэрэллэр. "Кыым".

Олорор дьиэ

тэрилтэ уонна общественнай дьиэлэртэн ураты, дьон олохсуйар дьиэлэрэ.

Жилой дом.

  • Былыргы гостиницалар тоҕо эрэ олорор дьиэлэртэн ураты архитектуралаахтар.
    Н. Якутскай
  • Аҥардас олорор дьиэлэр тутууларыгар 10550 тыһ. солкуобай ороскуоттанна, ол түмүгэр 19236 квадратнай миэтэрэ иэннээх олорор дьиэ тутулунна. ПДИ КК. Ородобуой дьиэ истор. – аҕа ууһун салалтата үлэлиир, мунньахтыыр дьиэтэ. Родовая управа. Төҥүлү күөл соботун курдук, мараччы уойбут, улахан төрөл оҕонньор нэһилиэк ородобуой дьиэтигэр кэтэҕэриин диэки көмүс иилэҕэстээх тайаҕынан сири анньа-анньа, кимтэн да толлубакка ыҕарыйа олордо. Бэс Дьарааһын. Сураҕы ылаат, кини сонно тута үтүөрэ охсубута уонна иһэр тойону ородобуой дьиэҕэ тоһуйа барар буолбута.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
  • Бочуоттаах академик Э. К. Пекарскай дьиэтэ. Бу дьиэ бастаан сибииккэлээх ородобуой дьиэ эбит.
    ХС
  • Отор дьиэ эргэр. – күһүн сылаас кэмҥэ олорор дьиэ (бу кэмҥэ оттоммотох сиргэ ынахтары мэччитэллэр). Дом (юрта) для временного проживания осенью (в это время рогатый скот пасется на нескошенных местах). Хоспохтооҕор, сарайдааҕар буолуох сайын тахсан сайылыыр, наада буоллаҕына, күһүн, саас даҕаны олорор отор дьиэлэри кытары оҥостор кыахтаахтар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Охсуу дьиэ эргэр. – бэрэбинэлэри сытыары ууран, оҥоһуллубут дьиэ. Дом, построенный из горизонтально сложенных бревен. Куоракка 70-ча ыал баар үһү. Наар охсуу дьиэни туппуттар. Саха сэһ. 1977. Сити икки ардыгар Сытыы сымала сыттаах Сырдык мас эркиннээх Сытыары охсуу дьиэҕэ Сырайбынан кэтиллэ түстүм.
    С. Зверев
  • Бу хонуу бөһүөлэгэр сэрии кэннигэр аҕай отучча сыллааҕыта бэрт аҕыйах охсуу дьиэ баара. АНТ ДьҮС.

Сайылык дьиэ

сайынын олорор дьиэ, даача.

Летний дом, дача.

  • Үчүгэй сайылык дьиэлээҕин кэргэнэ ол Дьөгүөр Дьэргиэйэпкэ босхону эрэ үрдүнэн атыылаан кэбиһэн баран, былырыын күһүн өлбүтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Сэргэлээх ойуурун бүччүм хонноҕор мас эрэһиэҥкэ тулалаах сайылык дьиэ көстөр. Софр. Данилов. Биир сарайа суох сайылык дьиэ кэннинээҕи солооһуҥҥа уончалаах уол оҕо дьиэтигэр кэлэн истэҕинэ, айан суолунан биир маҥан аттаах мааны баҕайы киһи ааһан иһэн, тосту кинилэр диэки туораан айаннатан мэҥилитэн кэллэ.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Сайыымка дьиэ эргэр. – бөһүөлэктэн тэйиччи турар, быстах кэмҥэ олорорго аналлаах дьиэ (балаҕан, үүтээн). Заимка. Ааҕааччы, Чөркөөх дэриэбинэтигэр кэлэн туран көрөн эрэриҥ буоллар, арыы ойуур саҕатынааҕы биир бэрт сиэдэрэй оҥоһуулаах, эргэ сайыымка дьиэни көрөн хараххын хатаан ааһыаҥ этэ. Бэс Дьарааһын.

Саха дьиэтэ (балаҕана) көр балаҕан

  • Саха дьиэтэ, аргыый көмүлүөк уота умайар, ип-итии, муус түннүк тиритэн ньалҕарыйар.
    Н. Заболоцкай
  • Сааскы күммүт тахсыыта Саха дьиэтин үрдүнэн Көмүс куолас көтөрбүт Көтөн дьырыбынаата.
    А. Абаҕыыныскай

Сынньанар дьиэ

күүһү-уоҕу, доруобуйаны тупсарар туһугар анал путевканан сынньанар, сытар тэрилтэ.

Дом отдыха.

  • Учууталлар сынньанар дьиэлэригэр тахсыбытым аҕыйах хонно.
    Н. Заболоцкай
  • Иккистээн сылдьыыбар Сергоҕа Ургучан минеральнай источнигар сынньанар дьиэни тутуу туһунан кэпсээбитим. ОТК. Туруу бараан дьиэ фольк. – норуот уус-уран айымньытыгар олорор дьиэни ытыктаан хоһуйан этии. В устном народном творчестве: почтительно-церемонное описание жилого дома. Туруу бараан дьиэҕэ Көтөн түһэн көрбүтүм.
    С. Зверев
Өссө холобурдар (3)
  • Туруорбах дьиэ эргэр. – бэрэбинэлэри туруору кэккэлэтэн оҥоһуллубут истиэнэлээх балаҕан дьиэ. Юрта, стены которой выложены из вертикально сложенных бревен, имеет форму усеченной пирамиды. Доромоон диэн киһи кыра соҕус туруорбах дьиэтэ ип-ичигэс.
    Күндэ
  • Хотонтон чугас саах сыбахтаах, муус түннүктээх туруорбах дьиэ көстөр.
    И. Никифоров
  • Оол, үөлэс кыымынан кытыастар быһах угун саҕа харбалыы охсуллубут туруорбах дьиэни аҕам уонча сыллааҕыта бултуу сылдьан туттубута.
    ХС

Тэрилтэ дьиэтэ

дьон олорор дьиэлэриттэн арааран, дьон мустан үлэлиир дьиэлэрин ааттыыллар.

Здание какого-л. учреждения, организации. Тэрилтэлэр дьиэлэрин ааныгар биллэриилэр ыйаналлар. И. Бочкарев.

  • Уҥа (үрүҥ) дьиэ эргэр. – салҕааһыннаах дьиэ мааны, ыраас өттө (манна дьиэ хаһаайыттара олороллор, ыалдьыттары көрсөллөр). Большая, светлая, уютная половина дома, с пристроем, где живут хозяева, гостиная. Үрүҥ дьиэ түннүгүн уурбуттара хайдах эрэ киһи хаамтаҕын аайы хараарыҥнаан, долгуннанан көстөр.
    Амма Аччыгыйа

Маладьыас, киһи да киһи!

уҥа дьиэҕэ куолаһа бааҕыныыр.

  • Эдьиийэ эппитин курдук ыраас, саҥа таҥаһын таҥнан, бытааннык хааман үрүҥ дьиэҕэ киирдэ.
    А. Сыромятникова

Уопсай дьиэ

устудьуоннар эбэтэр ханнык эмэ тэрилтэ үлэһиттэрэ олорор дьиэлэрэ.

Общежитие. Хас сарсыарда аайы кини курсааннар уопсай дьиэлэригэр мин хоспун хомуйа киирэр. Амма Аччыгыйа.

  • Дьону тиэйбит таһаҕас массыыната үллэрэҥнээн кэлэн райактив уопсай дьиэтин айаҕар тохтуу биэрдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эһиннэххэ иэс ылсан, Эйэлэһэн, кыыһырсан, Уопсай дьиэҕэ сыл ахсын Олоробут син тапсан. Дьуон Дьаҥылы.

Уһанар дьиэ

уһанарга аналлаах, онно сөптөөх тэриллэрдээх дьиэ.

Мастерская.

  • Мин, эн курдук уус буолларбын, төһө да үүрдүннэр, уһанар дьиэбиттэн тахсыам суоҕа этэ.
    С. Ефремов
  • Үрүҥ дьиэ полит. – Вашингтоҥҥа АХШ президенин резинденцията. Белый дом (резиденция президента США в Вашингтоне). Үрүҥ дьиэ атын норуоттары баһылыыр-көһүлүүр бэлиитикэни ыыта сатыыр.

Үүтээн дьиэ көр үүтээн

Киһи хараҕын курдук чөҥөрүйбүт соччо улахана суох күөл хонноҕор сиргэ тимириэххэ айылаах үүтээн дьиэ самналлан турара. И. Федосеев. Оо, ийэ барахсан! Бу кэмҥэ олус муударай, олус да истиҥ-иһирэх киһи сүрэҕин сылааһа бу кыракый үүтээн дьиэ кутун-сүрүн тутар, тыынныыр. "ХС". Хаҥас (хара) дьиэ эргэр. – салҕааһыннаах дьиэҕэ ас астыыр, былыр хамначчыттар олорор дьиэлэрэ.

Пристрой или меньшая часть дома, служащая кухней, а в старину – помещением для прислуги.

  • Биһиги булпутун хаҥас дьиэҕэ таспыттара, онно көрбүттэрэ-истибиттэрэ.
    Далан
  • Хара дьиэҕэ Хамначчыттары кытта Хаартылыыр буолла.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (3)
  • Оруос Баай айгырас алтан тайаҕынан сири тоҥсуйбутугар, икки эдэр сорук-боллур уоллаах кыыс хаҥас хара дьиэттэн тахсаннар сиргэ тиийэ сүгүрүс гыналлар.
    П. Ойуунускай
  • Тукаам, Хабырыыс, хара дьиэҕэ тахсан, Ылдьаанаҕа эт эрэ, булуустан сыһыгы таһаардын.
    И. Гоголев
  • Ср. др. -тюрк. йэв ‘юрта’
II

7 #

саҥа алл. Норуот ырыатыгар дэгэт тыл

Нууччалыы Слово – прикраска в народной песне

  • Омурпатаххытына уолуккутунан кутуом! Дьиэ!.. Дьиэ!!. Дьиэ!.. Мэйиим эргийдэ, Хааным хамсаата, Куттаҕым курулуйда
    Өксөкүлээх Өлөксөй

«ДЬ» буукуба