Перевод с якутского
кэргэннис
Нууччалыы свыкаться, притерпеться
Нууччалыы Свыкаться, притерпеться (напр., к опасности)
көр кэргэннэс. Учуутал улаханнык туттубат, тэҥнээх киһилии кэпсэтэр. Уол сотору кэргэнниһэн хаалла. Амма Аччыгыйа Кини [Мария Ивановна] Саха сиригэр кэлэн, Бухатыырдар айаннарын айаннаата, сахалары кытары кэргэнниһэн, Сахалыы саҥарда, сахалыы ыллаата. С. Данилов Уруккуттан кэргэнниһэн хаалбыт дьон быһыытынан, бу тыл [холбоһор туһунан] Аанчыкка соһуччу иһиллибэтэ. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (6)
// Долгуйбат буол (хол., кутталтан) Буулдьалары кытта кини кэргэнниһэн хаалбыта. А. Олбинскай Кинилэр бачча уһуннук эрэйи-кыһалҕаны кэргэнниһэн бу тоҥ буору хаһыспыттара соччо сыала, суолтата суох буолан тахсар. Тумарча. "Хоргуйарбытыгар тиийэбит", - диирэ күннэтэ үгэс буолбут алдьархайын кытта кэргэнниһэн хаалан. Ю. Чернов (тылб.) Үөрэнэн хаалан, атыҥыраабат, абааһы көрбөт, үргүбэт буол (хол., сүөһү, кыыл туһунан) Θ Переставать дичиться, приучаться, привыкать (о животных, зверях). Таанньа, эн санааҕын түһэримэ, кэнники кэргэнниһэн бардахтарына [ынахтар] сымныахтара. М. Доҕордуурап Оҕонньордоох эмээхсин бастакы кутталлара мүлүрүйэн, кыыллара дьорҕойботун билэн, сыыйа аргыый кэргэнниһэ быһыытыйбыттара. В. Яковлев Кырсабыт бастаан киһиттэн куттанар этэ. Кэлин кэргэнниһэн куттаммат буолбута ББ