ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэргэннэн

туохтуур

Нууччалыы жениться, обзавестись семьей

English to start a family, to get married

1 туохтуур #

Ойохто ыл; кэргэн (ойох) ыл, ыал буол

Нууччалыы Жениться, обзавестись семьей

  • Алыс тапсар атас уола Кэлэн иһэр субуотаҕа Кэргэннэнэр буолбут үһү.
    Күннүк Уурастыырап
  • Иккис сылыгар Силиппиэн кэргэннэнэргэ быһаарыммыта. Софр. Данилов. [Өрүүнэ:] Оҕом Арамаан кэргэннэнэрэ эбитэ буоллар, син ыал курдук ыал буолуо этибит
    С. Ефремов

2 туохтуур #

Кэргэн таҕыс, ойох буол, ыал буол

Нууччалыы Выходить замуж, стать хозяйкой (матерью) семьи

  • Былырыын балтыбар, саҥа кэргэннэммит быраас дьахтарга, аҕабыт уҥуоҕун эргитиэх диэн этэн көрбүппүн, айыырҕаан буолбатаҕа
    Далан

3 туохтуур #

Чугас истиҥ дьонноох, үтүө өйөбүллээх буол (ыал быһыытынан олоххор)

Нууччалыы Быть окруженным близкими друзьями, иметь семейных друзей

  • Уордаах уол оҕолорунан уруйданан, Кыыдааннаах кыыс оҕолорунан кымньыыланан, Кэрэ бэлиэ дьонунан кэргэннэнэн [ойох буолан олорбутум]
    Өксөкүлээх Өлөксөй

«К» буукуба