ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аалын

Нууччалыы прижиматься, тереться кому-л. ласкаясь

Ис хоһооно · 4

1 #

Нууччалыы Прижиматься, тереться кому-л. ласкаясь (обычно о домашних животных)

  • аал диэнтэн бэй. туһ. Быһаххын аалын. Сылгы аалыммыт маһыгар хаалар кылы хомуйан, бары туһах хаталлар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол Уйбаан оҕонньор күрүөһүт сүөһүнү тутуо дуо? Хата кэлэн аалынаары гыммытыгар сууллан түспүтүгэр бэлэмҥэ киириэ суоҕа дуо?
    А. Софронов
  • Биһиги үтүө көлөлөрбүт барахсаттар, тугу да билбэтэх ыраас оҕо курдук, хаарга тиэрэ түһэ-түһэ күөлэһийэ оонньуу, хаарга аалына сыттылар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • // көсп. Эйэргээн эбэтэр таптатаары киһиэхэ ыга сыстан ньиккэрин, ньиккэрийэ хамсан (үксүгэр дьиэ кыылын, ньирэй туһунан)
  • Ньирэйдэр үүттэрин бүтэрэн, бэрт минньигэстик салбаналлар, Витяҕа уонна Ираҕа кэлэн кугас будьурхай сүүстэринэн аалыналлар, салаан, муннуларынан анньан көрөллөр.
    Н. Заболоцкай
  • [Яков Лукич] бэркэ киҥэ холлон олорон таҥынна, куоска кэлэн аалыммытын сырбатан ыытта. М. Шолохов (тылб.)

2 #

Кими эмэ кытта куруук бодорус; кимиэхэ эмэ куруук сырыт, кэл-бар

Нууччалыы Постоянно быть среди кого-чего-л.; общаться с кем-л

  • Онно эбии хайа хайабытыгар хоноһо бөҕө дии! Амма, Уус-Алдан ааттаах барыта, Үөһээ Бүлүү, Ньурба тыллаах түөрэтэ биһигинэн эрэ аалынан ааһарга дылы
    С. Федотов

3 #

сөбүлээб. Кимиэхэ эмэ баайсан, куруук бириинчиктии, сиилии, сэмэлии сырыт

Нууччалыы Постоянно придираться, приставать; осуждать (по незначительному поводу)

  • Кини [Таня] миэхэ тоҕо аалынарый, куччаҥалаах буоллаҕына бэйэтэ тоҕо тарбаммат?
    М. Доҕордуурап
  • Миигинэн аалыммакка да ыллаҕыҥ дии [ньирэйдэргин], - диэн баран, Хобороос түтүө-татаа буолан таһырдьа тахсан барда
    С. Федотов

4 этии #

Нууччалыы Формула, которой пользуется оскорбившийся насмешками людей (с оттенком высокомерия; букв.: я ли то вывороченное с корнем дерево, которое ты нашел, чтоб об него тереться от нечего делать?). [Чоочо Манчаарыга:] Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски, сигэнэ оонньуур силиргэхтээх маһыҥ, аалына оонньуур арыҥах маһыҥ мин буолбутум дуо?

  • Аалына оонньуур арыҥах маһыҥ мин дуо? - күлүллүбүт, элэктэммит киһи өһүргэнэн, үөхсэн этэр тыла (улахамсыйыы, сэнэбил дэгэттээх)
    В. Протодьяконов
  • Хатыылаах тылгынан аалын - кыһыылаах тылгынан кими эмэ элэктии, кыйахыы сырыт. Θ Быть язвительно насмешливым. Оҕонньор көрүдьүөстээх тылларынан күнүн-дьылын бараан кэлбит буоллаҕына, кини хатыылаах тылынан аалына сылдьарын таптааччы. М. Доҕордуурап

«А» буукуба