Перевод с якутского
сигэн
туохтуур
Нууччалыы тереться обо что-л., давя на него (напр., о животных), прислоняться, прикасаться к чему-л
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Туохха эмэ аалынан баттыалаа, анньыалаа
Нууччалыы Тереться обо что-л., давя на него (напр., о животных), прислоняться, прикасаться к чему-л
Сигэнэ оонньуур силиргэхтээх маһыҥ, аалына оонньуур арыҥахтаах маһыҥ мин дуо? (тыл ном.). "Баҕар, бастыым даҕаны", – Лев, суолга баппатаҕа буолан Ларьянаҕа кыратык саннын кырыытынан сигэнэн ааста. Р. Баҕатаайыскай Атым буоллаҕына, үөнүргээбитигэр тэптэрэн, миигин эккирэтэ сылдьар уонна дэлби сигэнэр. Р. Кулаковскай Оҕус дьүккүччү туттан, иннин хоту баран иһэрэ, арыт төбөтүн өндөтөн оҕонньор түөһүгэр сигэнэрэ В. Гаврильева
2 туохтуур #
Туохха эмэ өйөн, өйөнө олор, тур
Нууччалыы Прислоняться, приваливаться к чему-л
Настя куттанан хос аҥаар эркинигэр кэннинэн сигэнэ олордо Эрилик Эристиин
3 туохтуур #
Тугу эмэ бэйэҕиттэн кимиэхэ, туохха эмэ көлбөрүй, бэйэҕиттэн аһарын
Нууччалыы Стараться переложить свою ответственность (или вину, обязанность) на кого-что-л., ссылаться на что-л., оправдывая себя в чем-л
Онон Кылбановскай урукку курдук, кыайыыларынан дарбыйбакка, ыарахаттарга сигэммэккэ -- ньылбыйан, сымнаан биэрбитэ. В. Яковлев Күннээҕи итэҕэстэн тэптэрэн, үлэттэн тэскилиигит. Ол сөп үһү дуо? Инженергэ сигэнэҕит. А. Сыромятникова Эбэтэр алҕаскын билинэн Эппиккин нөҥүө күн умнаҕын. Араас суол сылтахха сигэнэн, Айыыта суох курдук туттаҕын. М. Хара
Өссө холобурдар (1)
Хаалан иһээччилэр сигэнэр биричиинэлэринэн сир-дойду куһаҕана, айылҕа атаҕастабыла буолааччы Кыым
4 туохтуур #
Бэйэҥ оҥорбокко, ким-туох эмэ оҥорон биэрэрин кэтэс, кимиэхэ-туохха эмэ найылан
Нууччалыы Рассчитывать на что-л., возлагать надежду на что-л., надеяться только на что-л. другое (напр., на технику в производстве)
Борис куолутунан, эмкэ сигэнэриттэн куттана-куттана, иһэр-испэт иһэн, утуйар-утуйбат утуйан, күлүк курдук сүөдэҥнээн сылдьыбыта. Сэмээр Баһылай. Иккилии буочуканы тиэммит оҕустар пиэрмэ сүөһүтүн уунан харыыта суох хааччыйаллара. Билиҥҥи курдук тиэхиньикэҕэ эрэ сигэммэккэ, үгүс айдаана суох пиэрмэ кыстыгы этэҥҥэ туоруура Кыым
5 туохтуур #
Тугу эмэ ким этиитигэр эбэтэр туох үлэҕэ, ханнык чахчыга олоҕуран этэргин, оҥороргун ый
Нууччалыы Указывать на кого-что-л. в оправдание или подтверждение чего-л., ссылаться
Сахалар уонна тоҥустар кэпсээннэригэр сигэнэн, кини [Р. К. Маак] Түҥ үрэххэ (Бүлүү орто сүүрүгэр) боруонса олгуй баар буолуохтааҕын ыйбыта. ХС [Буруйданааччы] уһуннук мөккүстэ уонна наар докумуоннарга сигэннэ. М. Попов [П. Ойуунускай] элбэхтик А. М. Горькай ССРС суруйааччыларын I сийиэстэригэр оҥорбут дакылаатыгар сигэммитэ. ХС
Өссө холобурдар (1)
Орто үйэлэргэ таҥара үөрэҕэр сигэнэн, киһиэхэ буортуну оҥордулар диэн, олох туох да буруйа суох кыыллары, -- сууттаан өлөртүүллэрэ ЭБЭДьА