ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өйөн

туохтуур

Нууччалыы опираться, прислоняться, облокачиваться на кого-что-л. рукой

1 туохтуур #

Кимиэхэ-туохха эмэ илиигинэн, санныгынан, көхсүгүнэн, тоҕоноххунан тайан, сыһын

Нууччалыы Опираться, прислоняться, облокачиваться на кого-что-л. рукой (спиной и т. д.)

  • Дьыбаан сыттыгар өйөн. Тайахха өйөнөн тур. Истиэнэҕэ өйөн.
  • Баһыахтыыр Балбаара аан холуодатыгар өйөнөн турар Сыллайга эргиллэ түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Түннүк сэҥийэтигэр өйөнөн, Маша түҥнэри хайыһан турара.
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (2)
  • Өкүүсэ дьиэ ортотугар үрдүк олох маска өйөнөн, бу туох буолан эрэрин таба өйдөөбөтөх киһилии, соҥуйан турар.
    Эрилик Эристиин
  • Өлүөнэ өрүһү таҥнары өҥөйөн Өрүтэ будуллар долгунун көрбүтүм. Будьурхай баттахтаах үөттэргэ өйөнөн Буурҕалаах түүннэри мин эмиэ өйдүүрүм
    П. Тулааһынап

2 туохтуур #

Кимтэн эмэ туох эмэ көмөнү, өйөбүлү ыл; туохха эмэ тирэҕир

Нууччалыы Получить поддержку от кого-чего-л.; опираться на что-л. (напр., на решение собрания)

  • Мунньах уурааҕар өйөн.
  • Кинилэр ыҥырыылара киэҥник өйөннө.
    ЭК
  • Бачыым өйөннө. "Кыым". Уйг. сүйэнмэк, кирг. сүйөн

«Ө» буукуба