ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өйөмү

аат тыл

Нууччалыы пузырчатый осенний лёд в озерах, который ещё недостаточно окреп

1 аат тыл #

Күһүн муус быдьыгынас хабахтардаах, ситэ кытаата тоҥмотох, киһини уйумуон сөп сирэ

Нууччалыы Пузырчатый осенний лёд в озерах, который ещё недостаточно окреп

  • "Өйөмү" диэн баар. Мууска киирэн истэххинэ, эмискэ түбэһиэххин сөп. Собо хатырыгын курдук быдьыгырас гына тоҥмут буолааччы
    А. Сыромятникова

2 аат тыл #

Өрүс, үрэх кыһыннары тоҥмокко сиикэй турар сирэ (итии дьүүктэ тахсарыттан)

Нууччалыы Незамерзающая зимой полынья в реках (в местах выхода горячих ключей)

  • "Бу аата өйөмү диэн, - диэтэ Сэмэн. - Өйөмүлэр сир аайы бааллар. Аҥаардас бу үрэх сүнньүгэр үс-түөрт өйөмү баара буолуо".
    Н. Апросимов
  • Эн [Индигиир] кыһын, сорох сирдэринэн, үрүҥ күүгэнинэн үллэ-салла, тоҥмокко турар сиикэй уулаах (өйөмүлээх) буолаҕын.
    Н. Абыйчанин
  • Тоҥмокко сытар өйөмүлэри, тарыҥнары тумнан айаннаатылар.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. эвенк. эйум ‘полынья’

«Ө» буукуба