Перевод с якутского
көҕүлээ
туохтуур
Нууччалыы подавать пример в чем-л. кому-л., увлекать за собою кого-л., зачинать
1 туохтуур #
Бэйэҕинэн көх, холобур буол, киһи туохха эмэ көхтөнөрүн төрүттээ
Нууччалыы Подавать пример в чем-л. кому-л., увлекать за собою кого-л., зачинать
Илиитигэр саа тутан, кыргыһыы инники күөнүгэр сылдьан кыһыл армеецтары көҕүлээбитэ. П. Филиппов Бэйэтэ көҕүлээн кэлэктиибин иһигэр араас биэчэрдэри тэрийэрэ ХС
2 туохтуур #
Сүбэҕинэн, тылгынан-өскүнэн ким эмэ тугу эмэ гынарын өйөө
Нууччалыы Словом, делом оказывать поддержку кому-л. в чем-л
Оҕо үчүгэй өрүттэрин таба көрөн, ону сатаан көҕүлүөххэ, сайыннарыахха наада.
Л. ГабышевИйэм мин хаһаайыстыбаны бэйэм баһылыы үөрэнэрбэр көҕүлүүрэ. Ч. Айтматов (тылб.)
3 туохтуур #
Тугу эмэ гынарга интэриэһи үөскэт
Нууччалыы Вызвать интерес к чему-л., давать стимул к чему-л
Төлөбүр аккорднай-премиальнай систиэмэтэ бородууксуйа хаачыстыбатын үрдэтиини көҕүлүүр. ДВР ЭНьТ. Былааны аһара толорууну көҕүлүүр күүһүнэн хаһаайыстыбалар икки ардыларыгар куоталаһыыны киэҥник тэнитии буолар ЭБТ