ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көҕүлээһин

аат тыл

Нууччалыы зачин, почин какого-л. дела, инициатива

1 аат тыл #

Дьону туохха эмэ көҕүтэр аан бастааҥҥы саҕалааһын

Нууччалыы Зачин, почин какого-л. дела, инициатива

  • Бу Новиков көҕүлээһинин хабан ылан, биригээдэлэри тэрийтэлээн, балыктааһыны оройуон үрдүнэн киэҥник тэнитиэххэ.
    М. Ефимов
  • Бастаанньа биһиги үһүс пуолкабыт көҕүлээһининэн саҕаланан барбыта
    СССБТ

2 аат тыл #

Ким эрэ тэрийиитинэн, салайыытынан тугу эмэ оҥоруу, гыныы

Нууччалыы Организаторская и руководящая роль в каких-л. действиях

  • Михаил Андреевич көҕүлээһининэн оскуолаҕа элбэх предметнэй, техническэй куруһуоктар үлэлээбиттэрэ.
    И. Федосеев
  • Комсомольскай тэрилтэ көҕүлээһининэн -- үрдүк үүнүү звенота, ыччат-комсомольскай пиэрмэтэ тэриллибиттэрэ
    С. Окоемов

3 аат тыл #

Тугу эмэ гынарга, ситиһэргэ тугунан эмэ интэриэһиргэтии

Нууччалыы Стимулирование какого-л. дела чем-л

  • Эбиилик төлөбүр соругунан үчүгэй производственнай түмүктэр иһин үлэһиттэри көҕүлээһин буолар. ЭБТ. Норуот хаһаайыстыбатын салайыыга экономическай көҕүлээһин ньымалара сүрүн миэстэни ылаллар.
    ПЭ

«К» буукуба